СВО фондатыгар

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бу ыйга киирэн баран улуустааҕы көмө фондатыгар 137035 солк. киирдэ. Ол иһигэр «Сардана» оҕо уһуйаана – 23300 солк, уу суолларын Бүлүүтээҕи оройуона (техучаастак) – 35000 солк, ИСУ – 8500 солк, Киров оскуолата – 25500 солк, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбытын департамена – 24271,84 солк, Ньурбатааҕы лесничество – 20500 солк.

Сыл саҥатыттан фондаҕа 7750107 солк. киирдэ. Улуустааҕы суһал ыстаап ахсынньы 6 к. быһаарыытынан, СВО фондатытан СВО кыттылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө 155000 солк. ыытылынна. Инньэ гынан фондаҕа билигин 402353 солк. баар.

Итини таһынан Ньурба к. олохтооҕо Сербина Лариса Викторовна Дьокуускайга сылдьан улуус бэрэстэбиитэлистибэтигэр, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт көмөлөрүгэр эбии, СВО кыттыылаахтарыгар таҥас ылан илдьэргэ диэн уу-харчынан 10000 солк. туттарбыта. Биллэрин курдук, улууспут баһылыга Алексей Иннокентьев салайааччылаах бөлөх СВО зонатыгар тиийэн буойуттарга таҥас, мал-сал илдьэн тиксэрбитэ.

Геннадий Антонов

Читайте дальше