Алтынньы 17 к. улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Леонид Ушканов, улуус дьаһалтатын нэһилиэктэри кытта үлэҕэ отделын кылаабынай исписэлииһэ Виктория Федорова Сүлэҕэ уонна Ньурбачааҥҥа бааһынай хаһаайыстыбаларга сырыттылар.
«Сиибиктэ» бааһынай хаһаайыстыбаҕа 300 ынах сүөһү баар, ол иһигэр 94-дэ ынах. Ынахтарын 80-тан %-на төрөөбүт, сорохторо кытараабыттар. 250 сүөһүнү кыстата хаалларарга былаанныыллар. Степан Иванов быйыл элбэх үлэни ыыппыттарын кэпсээтэ. Собуот дьиэтин таһынан, 2 боксалаах гараж, үлэһиттэргэ уопсай дьиэни, тарбыйах титиигин туппуттар. 2 хотонноругар саҥа автопоилканы тардыбыттар. Газгольдер (гааһынан үлэлиир ититии систиэмэтин) тарда сылдьаллар. Бу иннинэ электро-уотунан сылытынан олорбуттара ороскуота улахан диэн, үбү кэмчилиир суолу тобулбуттар. Туспа 5 кубометрдаах гаас емкоһа түһэриллэн турар. Бу күннэргэ бүтэриэхпит дииллэр. Окко былааннарын куоһаран 400 т кэриҥин оттообуттар. Сиилэстэрин эмиэ 100% хааччыммыттар, эбии аһылык аҕалтарыахтаахтар. Сүөһүлэрин туруга отой үчүгэй. Бу курдук улуус, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэр ситиһиилээх үлэлээх хаһаайыстыбаларын кэргэннии Любовь Васильевна уонна Степан Васильевич Ивановтар үлэлэрин бэркэ тэринэн-бэринэн, хаһаайыстыбаларын салгыы сайыннаран иһэллэр.
Салайааччылар Ньурбачааҥҥа Калакова Тамара Васильевна бааһынай хаһаайыстыбатын көрдүлэр. 5 сыл анараа өттүгэр куонкуруһунан ТХМ «Саҥа саҕалыыр фермер» гранын ылан хотон туттан, сүөһү атыылаһан күн баччаҕа диэри бэркэ үлэлээн кэллилэр. Барыта 70-ча сүөһүнү кыстатар былааннаахтар, 30-ча ыанар ынахтаахтар. Кыстыыр отторун булуммуттар. Эмиэ үчүгэйдик тэринэн-бэринэн олороллоро биһирэниэн эрэ сөптөөх.
Салгыы куурусса, кус-хаас иитиитинэн дьарыктанар Павел Иванов хаһаайыстыбатыгар сырыттылар. Павел Макарович манна быйыл ылсан үлэтин саҕалаабыт, былаана киэҥ. Эбийиэгин туттан, инкубаторын сакаастаабыта кэлэн сытар. Сааһыары инкубатордаан көтөрдөрүн таһааран саҕалыахтаах. Бройлер (уотуулаах) кууруссанан эмиэ дьарыктаныан баҕарар. Салайааччылар Павел Макаровка кытаатан үлэлээн былааннарын олоххо киллэрэн, улууска тыа хаһаайыстыбатыгар бэйэтин миэстэтин бигэтик булунан хаһаайыстыбатын сайыннаран иһэригэр баҕардылар.
Маны сэргэ Алексей Иннокентьев, Леонид Ушканов уонна Виктория Федорова Ньурбачаан агро-оскуолатын көмөлтө хаһаайыстыбатын көрдүлэр. Козаларын ферматыгар 10 коза иитиллэн турар, онтон 9-һа — тыһы. Быйыл 2 коза төрөөбүт. Салайааччылар тиийбит күннэригэр биир козалара икки игирэ оҕотун төрөөн, үөрүүлэрэ үксээбит. Ньурбачаан агро-оскуолата оҕону үлэҕэ сыһыаран иитиигэ үчүгэй холобуру көрдөрөр.
Геннадий Антонов