Ахсынньы 23, «Кыталык» култуура дыбарыаһыгар «Ньурба куорат» МТ дьаһалтата тэрийиитинэн «Таптаа олорор сиргин» куорат түөлбэлэрин икки ардыларынааҕы култуурунай-спортивнай бэстибээл түмүгүн таһаарыы буолла. Тэрээһиҥҥэ улуус баһылга Алексей Михайлович Иннокентьев уонна куорат тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Быйыл Ньурба куоратыгар түөлбэ үлэтэ төрүттэммитэ 15 сылын бэлиэтиир. Улуус, куорат баһылыктара Алексей Иннокентьев, Геннадий Игнатьев куорат үөрүүлээх тэрээһинигэр түөлбэни төрүттэспит түөлбэ салайааччыларын, тэрилтэ салайааччылара түөлбэ талааннаахтарын көмүс илиилээхтэри, экоактыбыыстары, актыбыыстары уонна бэстибээлгэ кыттыбыт эдэр эрчимнээх ыччаттары чиэстээтилэр.
2008 сыллаахха Ньурба куорат олорор уокуруктарынан араарыллан түөлбэнэн үлэ саҕаламмыта. Оччотооҕу кэмҥэ куорат баһылыгынан Михаил Маркович Пан-си-хэ үлэлиирэ. Аан бастаан кыһыны атаарыы бырааһынньыгыттан саҕалаан араас тэрээһиннэргэ түөлбэлэр көхтөөхтүк кыттан барбыттара.Түөлбэ үлэтэ аҥаардас тэрээһиннэринэн эрэ муҥурдаммата, биирдилээн ыалларга, кыһалҕалаах дьоҥҥо туох кыалларынан көмө оҥороллоро. Куорат баһылыга Михаил Пан-си-хэ түөлбэ үлэтин өйүүр буолан, үлэ көхтөөхтүк барара.
Оттон быйыл «Таптаа олорор сиргин» куорат түөлбэлэрин икки ардыларынааҕы култуурунай-спортивнай бэстибээл тэриллэн, араас күрэхтэр тэриллэн ыытылыннылар. Куорат баһылыга Геннадий Васильевич Игнатьев, баһылык солбуйааччыта Павел Семенович Необутов уонна куорат дьокутаттара, түөлбэ салайааччылара, олохтоохторо быһаччы кыттаннар оҕо былаһааккалара сөргүтүллэн оҥоһулуннулар, ырааһырдыы, суоллары оҥоруу, уулуссалары сырдатыы үлэлэрэ ыытылыннылар, олорор түөлбэлэринэн дьуолка туруорааһын, киэргэтии үлэтинэн түмүктэннэ.
Сыллааҕы түмүк таһаарыытынан куорат түөлбэлэрэ:»Портовской» түөлбэ — «Арыллыы», Амакинка түөлбэ — «Инникигэ эрэнии», Партизанскай түөлбэ -«Потенциал», Киин түөлбэ — «Уопуттаах», Вертолётка түөлбэ — «Күүстээх», Убайаан -2 — «Бэриниилээх буолуу» ааты ыланнар, бэстибээл номинаннарынан буоллулар.
Бэстибээл түмүгүнэн куорат баһылыга Геннадий Игнатьев кыайыылаахтары ааттаталаата.Ол курдук Сэбиэскэй түөлбэ (Евдокия Ивановна Моякунова) — 500 000, Лермонтовскай түөлбэ (Виктория Валерьевна Степанова) – 1 00000, кыайыылааҕынан Убайаан -1 -1 5000 000 солк. суумалаах сэртипикээттэринэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадаланнылар. Куорат баһылыга кэлэр сылга бииргэ түмсүүлээхтик үлэлииргэ ыҥырда.
Сылы түмүктүүр тэрээһин «Таптаа олорор сиргин» символлаах туордунан күндүлээһининэн түмүктэннэ.
Антонина Семенова