Былыр былыргыттан сахалар оҕо улаатан ойох ыллаҕына, эргэ таҕыстаҕына, ол эбэтэр саҥа ыалы үөскэттэҕинэ киһи буоларын ситиспитинэн ааҕаллара. Ыал буолууга улахан суолтаны уураллара, оҕо төрөтөн урууну-удьуору уһатыы, кэлэр көлүөнэни үөскэтии буолар.
Онтон ыал буолан сиэттиспитинэн тэҥҥэ сааһырыы, биэс уон сыл бииргэ буолуу – дьылҕа бэлэҕэ. Ыал буолбуттара Үйэ аҥардаах үбүлүөйүн дьоллоох дьон бэлиэтиир.
Чуукаар нэһилиэгин ытыктанар кырдьаҕас ыалларыттан биирдэстэрэ Евдокия Михайловна уонна Василий Петрович Босоевтар харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, сарын сарыннарыттан өйөнсөн ыал буолан бииргэ олорбуттара оруобуна 50 сыл буолла. Бу кыһыл көмүс дааталарын үөрүүтүн үллэстэн, аар айылҕа силигилии ситэн, тупсан турар кэмигэр сайын от ыйыгар окко киирии иннинэ чугас дьоннорун аймахтарын мунньан кэрэ көстүүлээх ыһыахтыыр пааркаҕа бэлиэтээбиттэрэ. Бу кэрэ түгэн баай-талым, мааны сандалытыгар ыҥырыылаах ыалдьыт буолбутум.
Евдокия Михайловна 1950 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр Чуукаарга төрөппүттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. 1968 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт Дьокуускайга үүт кэмбинээтигэр маастар-лабараан курсугар үөрэммитэ. Куурсун ситиһиилээхтик бүтэрэн кылгас кэмҥэ Амма оройуонугар арыы собуотугар үлэлээбитэ. 1973 сыллаахха төрөөбүт оройуонугар кэлэн Малдьаҕар нэһилиэгэр арыы собуотугар үлэлии сылдьан олоҕун аргыһын Василийы көрсөн ыал буолбуттар.
Василий Петрович 1949 сыллаахха сэтинньи 5 күнүгэр Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүт. 1968 сыллааха оскуоланы бүтэрэн баран сопхуоска оробуочайдаабыт. Ол кэннэ Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумугар механизация уонна электрификация салаатыгар үөрэнэн механик идэтин ылан дойдутугар кэлэн мэхээнньигинэн үлэлии сылдьан доҕорун көрсөр.
Эдэр дьон көрсөн-билсэн 1974 сыллаахха Малдьаҕардааҕы нэһилиэк сэбиэтигэр саахсаланан ыал буолбуттара. Кыыс дойдутугар Чуукаарга сыбаайбалаабыттара, устунан олохсуйан дьиэ-уот тэринэн күн бүгүҥҥэ диэри быр-бааччы олороллор .
Евдокия арыы собуотугар үлэлээн, Василий сопхуоска мэхээнньигинэн, кэлин оскуолаҕа трактороведение уруогун биэрэрэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Босоевтар алта оҕоҕо олоҕу бэлэхтээн атахтарыгар туруортаан билигин элбэх оҕо эбээтэ, эһээтэ буоллулар. Тыа ыалын сиэринэн лаппа сааһырыахтарыгар дылы сүөһүнү бэйэлэрэ көрөллөрө.
Билигин да сааһырдыбыт диэн олорон хаалбаттар, уолларын аахха сайынын окко тэҥҥэ сылдьыһаллар. Ыал ийэтэ таах олорбот, дьарыга элбэх. Ютубтан көрөн оҕуруонан тиһэргэ үөрэнэн араас сиэдэрэй киэргэллэри оҥорон оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас дьонугар бэлэхтиир. Иис куруһуогар сылдьан бөлөҕүнэн кыбытыктаах паннолары тигиигэ кыттыһар. Сатабылын үллэстэн маастар-кылаастары ыытар.
Василий Петровиһы суоппардар ытыктаан Бөтүрүөбүс диэн ааттыыллар. «Биһиги Бөтүрүөбүспүт олус холку, төһө да ыгым түгэннэргэ күргүйдээбэт этэ», — диэн ахталлар. Өрүү барытын бириэмэтигэр туруорсар, быһаарсар, алдьаныы биричиинэтин чопчу ыйан көннөрөр этэ дииллэр. Нэһилиэк сайдыытыгар бэйэтин сатабылынан кылаатын киллэрбит киһи.
Күндү юбилярдарбыт Евдокия Михайловна, Василий Петрович, ыал эрэ барыта маннык үрдүк өрөгөй дьолго тиксибэт, оҕолоргут, сиэннэргит этэҥҥэ сырыттыннар, бэйэҕит ис туруккут чөл, чэбдик буолуҥ! Оҕолоргутун, сиэннэргитин бэйэҕит үөрүйэхтэргитигэр үөрэтэн, олох үөрүүтүн, өрөгөйүн үөһэ тутан өрүү үөрэ-көтө сылдьыҥ!
Надежда Казакова