Таркаайы нэһилиэгэр СӨ ситэриилээх былаас отчуотугар 107 киһи кытынна, тус сыаллаах приемҥа 3 киһи суруттарда. Олохтоохтор чуолаан Марха орто оскуолатыгар түмэл статуһун иҥэрэри быһааралларыгар туруорустулар.
Экология боппуруоһугар «Кратон-3» сир аннынааҕы дэлби тэптэрии саахала тахсыбыт сиригэр туох үлэлэр баралларын, Ньурба оройуонугар экология тэрилтэтигэр дозиметрис штата көрүллүөн наадатын туһунан туруорустулар. Үөрэҕириигэ сыһыаннаан оскуолаҕа физика предметигэр аҕыйах чаас көрүллэрин туһунан эттилэр.
Быраас идэтигэр үөрэнэргэ улууска төһө тус сыаллаах миэстэ көрүллэрин ыйыттылар. Чоҥнооҥҥо, Өтөөкүгэ шлюз регулятордар тутууларыгар сыһыаннаан боппуруос бэрилиннэ. Олохтоохтор Марха балыыһатыгар куойка-миэстэни элбэтиигэ, тыа сиригэр аптека, саҥа балыыһа тутуутугар сыһыаннаах боппуруостары биэрдилэр.
Тыын суолталаах бородуукталарга, табаардарга сыана үрдүгүнэн сибээстээн, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары өйүүргэ, уматык сыаната үрдүгүнэн альтернативнай уматыгы үөрэтэллэригэр этии быһыытынан киллэрдилэр. Өр күүтүүлээх гаас боппуруоһугар сыһыаннаан ыйыттылар.
Тыа сиригэр саҥа модульнай котельнай тутан, олорор дьиэлэргэ толору хааччыйыыны киллэрдэххэ, тыа сиригэр сайдыы барыа, ыччаты тыа сиригэр олохсутарга анаан, фермаларга аныгы типтээх хотоннор тутуллаллара буоллар, ыччат тыа сиригэр тохтуо, олохсуйуо этэ диэн кэпсэтиигэ эттилэр.
Таркаайылар ситэриилээх былаас отчуотун биһирииллэрин биллэрдилэр.
Антонина Семенова