Төһүү киһибитигэр махтанабыт

Леонид Николаевич Гаврильев оскуола эрэ буолбакка, Үөдэй нэһилиэгэ атаҕар туруутугар тугунан да кэмнэммэт үтүөлээх киһибит. Оскуоланы 1992-1999, онтон 2001-2007 сылларга таһаарыылаахтык салайбыта. Саха АССР үөрэҕин Министерствотын 01.06.1992 сыл 0606-15 нүөмэрдээх бирикээһинэн Үөдэй оскуолата ситэтэ суох орто оскуола статуһун ылары ситиспитэ. Ол кэмҥэ оройуон үөрэҕин салаатын Виктор Михайлович Кузьмин, кини кэнниттэн Маргарита Васильевна Маччасынова салайбыттара. Кинилэр оройуон үөрэҕириитэ сайдарыгар чахчы үтүөлээх дьоннор, ырааҕы көрөр салайааччылар, кыра малокомплектнай оскуолалар симэлийбэттэрин туһугар турууласпыттара, үгүс көмөнү оҥорбуттара.

Леонид Николаевич салайааччы быһыытынан салалтаны кытта уопсай тыл булан, биир тыынынан үлэлээбиттэрэ. Ити сылларга элбэх үрүттээх үлэ барбыта. 1994 сылга мастерскойу, улахан да оскуолаҕа суох тэриллэри булан, үлэ уруогун учууталынаан Сергей Корниловтыын оскуолаҕа эрэ буолбакка, нэһилиэк бары туһанар киинигэр кубулуппуттара. Хомойуох иһин, билигин ыһыллан турар. 1995 сылга Маартан саҥа ыал дьиэтин көтүрэн аҕалан, оскуола иккис корпуһун хаһаайыстыбаннай ньыманан туттарбыта. 2001 сыллаахха Үтүө дьыала хайысхатынан ити дьиэҕэ пристрой тутуллубута. Ол кэмҥэ нэһилиэк баһылыга Мария Пудовналыын бииргэ тэбис-тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ. Бу оскуола дьиэтэ билиҥҥэ диэри үлэлиирин ситиспиттэрэ.

2004 сыллаахха эмиэ хаһаайыстыбаннай ньыманан 20 миэстэлээх  детсад дьиэтэ оскуола тиэргэнигэр тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Ити сылтан оскуола-детсад диэн статустаммыта. Маннык саҥа хайысхаҕа көһүү бириэмэ ирдэбилэ этэ. Урукку оскуола статуһунан эрэ хаалбыт буоллар, отой даҕаны оскуолата суох хаалар куттал үөскээбитэ. Ону Леонид Николаевич сөпкө өйдөөн нэһилиэккэ оскуола хааларын ситиспитэ. 2008 сылга кухня дьиэтин туттарбыта. Онон Үөдэй начальнай оскуола-саада толору үлэлиир кыахтаммыта.

Бу эрэ буолуо дуо — мини трактор, самосвал массыына, УАЗ массыына икки төгүллээн, компьютердар, толору мал-сал, араас техническэй оборудованиелар, туттар тэриллэр ылыллыбыттара оскуола бу кэмҥэ туруктаах тиийэн кэлэригэр төһүү күүс буолбута. Онон оскуола салалтата, учууталлар, оҕолор уонна нэһилиэк дьоно бары даҕаны Леонид Николаевичка махталлаахтар. Киһи оҥорбут үтүөтэ ууга суураллыбакка, кэмигэр этиллэн, куруук өйдүү сылдьыахтаахпыт.

Онон саҥа оскуола-уһуйаан аһыллар үөрүүлээх күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, оскуола сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит ытыктыыр киһибитигэр Леонид Николаевичка доруобуйаны баҕарабыт. Күүс-көмө, сүбэ-ама буола сырыт.

 

Нэһилиэк баһылыга Мария Николаева,  Үөдэй

Читайте дальше