Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгэр ааспыт 19-с үйэ анар бүтүүтүгэр төрөөбүт,баай төрүттээх эрээри сэбиэскэй былааһы дууһаларынан ылыммыт, бу былаас олохтонорун туһугар олохторун анаан баран, эдэр саастарыгар сымыйанан буруйданан күүс өттүнэн күн сириттэн туоратыллыбыт Сэмэн Николаевич 1, Сэмэн Николаевич 2 Донскойдар бииргэ төрөөбүт Александра Николаевна Донская диэн эдьиийдээхтэрэ. Александра Николаевна Тимофеев Дмитрий Иванович диэн Сунтаар улууһун Токур кулуба уолугар эргэ тахсан Сиэйэҕэ олохсуйбуттар. Александра Николаевна төһө да эдэригэр 34 сааһыгар сэллик ыарыыттан олохтон туораабытын иһин 8 оҕону төрөтөн, Донскойдар аҕа уустарын киэҥник тэниппит. Аҕалара кэргэнин кэнниттэн уһаабатах эмиэ ити ыарыыттан күн сириттэн күрэммит. Онон оҕолор барахсаттар төгүрүк тулаайах хаалан, сорохторо атын ыалга иитиэх сылдьыбыттар.
Васса диэн кыыс ол курдук Васильев Федор диэн ыалга иитиллэн, Васильева Васса Федоровна диэн буолбут. Кини кэргэнинээн Охлопков Сергей Власиевич диэн киһилиин эмиэ 8 оҕону төрөтөн улаатыннарбыттар. Кинилэр Намҥа олохсуйбуттар. Ол оҕолор улаатан ыал-күөс буолан эмиэ бэйэлэрэ ыччаттаммыттар, ол оҕолоро төрөөбүт дойдуларыттан тэлэһийэн атын дойдуларга кытта олороллор, үлэлииллэр. Ол туоһутунан ити сахалыы ойуулуктары оҥорор Александр Охлопков-Моруо туһунан суруйан турабын.
Аны кини бииргэ төрөөбүт эдьиийин Виктория Романовна Макарова туһунан бүгүн ааҕааччыларбар кэпсиибин. Кини Васса Федоровна сиэнэ, Надежда Сергеевна диэн кыыһын кыыһа, Намҥа улааппыт, үөрэммит, билигин Дьокуускайга олорор, үлэлиир.
СГУ-га үөрэнэн психолог дипломун ылан идэтинэн үлэлиир. Идэтин үрдэтинээри Германияҕа баран 2 нэдиэлэ кэргэннии Карлфрид Дюрхайм уонна Мария Гипиус диэн психологтар курстарыгар сылдьыбыт, хайдах үлэлииллэрин көрбүт. Онтон Санкт-Петербурга Америка гештальттерапевын Руэлла Франк уонна Роберт Дилтс, Стивен Гиллиген диэн психотерапевтарын куурустарыгар үөрэммит. Өссө гавайскай массаж диэҥҥэ эмиэ үөрэммит. Онон киһини өй-санаа эрэ өттүнэн буолбакка эт-хаан өттүнэн эмиэ эмтиир.
Виктория Романовна олунньу 20 күнүгэр бырааттыы Донскойдарга памятник аһыллыытыгар Малдьаҕарга кэлэ сылдьыбыта, Сэмэн Николаевичтар кини таайдара буолаҕа дии.
Бастаан былааннаммытынан “Два наркома из одной семьи” диэн Саввинова Т.А. кинигэтин сүрэхтэниитэ, Ньурбаҕа үөрүүлээх мунньах, норуот оҥоһугун быыстапката буолуохтаах этэ. Ол сатаммакка, өрөспүүбүлүкэ салалтата отчуоттуур кэмигэр пааматынньык эрэ туруоруута буолбута. Пааматынньыгы аһыы бириэмэтэ кылгас буоллаҕа, ону ол диэбэккэ Виктория Романовна Дьокуускайтан кэлбитэ. Малдьаҕарга баар Донскойдар түмэллэригэр сылдьыан баҕарбыта да онтубут тоҥон турар буолан ол да кыаллыбата. Арай таһыттан көрөн хаартыскаҕа түһэрдэ.
Онтон айаннарыгар олус сылайбыт буоланнар миигин кытта Маалыкайга кэлбиппит. Манна хонон-өрөөн, Маалыкай түмэлигэр сылдьан, Маалыкайы сатыы сылдьан көрөн барбыта. Бу сырыытын Виктория Романовна маннык кэпсиир: -Пааматынньыгы бэрткэ оҥорбуттар, аһыллыытын Малдьаҕардар сиэри-туому тутуһан, үчүгэйдик тэрийэн ыыттылар. Бырабыыталыстыба, улуус салайааччылара бааллара таайдарым олохторун, үлэлэрин өрөспүүбүлүкэҕэ да, улууска да сыаналыыллрын көрдөрдө, онон тэрээһин суолтатын үрдүк таһымҥа таһаарда.
Аһыллыы кэнниттэн спортсаалаҕа тиийэн, тэрээһиҥҥэ кэлбит Конституционнай Суут бэрэстээтэлэ П.В.Гоголевы, Ньурба пенсионнай фондатын салайааччытын В.С.Моисеевы кытта билсэн кэпсэттим. Петр Васильевич Донской Феодосий Семенович сиэнин кэргэнэ. Кини Донскойдары ытыктаан бу церемонияҕа анаан кэлбит.Владимир Степанович пааматынньыгы оҥорууга көмөлөспүт киһинэн буолар. Онон кинилэрдиин билсибиппиттэн улаханнык астынным, үөрдүм.
Маалыкайга тиийэн Степан Васильев аатынан түмэлгэ сырыттым. Түмэл үлэһитэ Егорова Наталья Васильевна үчүгэй баҕайытык нэһилиэк историтын кэпсээтэ. Бу түмэлгэ сылдьан олохтоохтор олорон ааспыт дьоннорун, саха норуотун үгэһин ытыктыыллар уонна ыччакка тиэрдэргэ үлэлииллэр эбит диэн өйдөөтүм. Бу үлэни кинилэр сорудаҕынан буолбакка бэйэлэрэ баҕаларынан үөрэ-көтө ис-истэриттэн сырдаан дьарыктаналларын көрөн сөҕө санаатым уонна сөбүлээтим. Мин өссө сайын Малдьаҕарга кэлэн хос-хос эһэм кулуба Николай Донской олоро сылдьыбыт сирин уонна кинилэргэ анаммыт түмэли көрүөхпүн баҕарабын. Ол сиргэ, түмэл буолбут дьиэҕэ таайдарым төрөөтөхтөрө, олордохторо.
Дьэ ити курдук Виктория Романовна чахчы даҕаны төрдүн-ууһун улаханнык сыаналыыр уонна кинилэр олохторун-дьаһахтарын билиэн баҕарар эбит. Эбэтэ Васса Федоровна таайдара репрессияҕа түбэһэннэр, кинилэр тустарынан кэпсэтии бобуулааҕын иһин тугу да улаханнык кэпсээбэтэх. Ону тэҥэ атын ыалга иитиллэн уонна төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр тарҕаһан хаалан бииргэ төрөөбүттэрин кытта кыайан чугастык алтыспатахтар. Репрессия сабыдыалыттан сабыллан хаалбыттар. Бу кэлин дьэ билсэ-бодоруһа сатыыллар.
Виктория Романовна иккискэ үөрэнэр уолун Айдары илдьэ кэлбит этэ. Оҕо кыра эрдэҕиттэн өбүгэлэрин биллин диэн. Кырдьык даҕаны олорор түөлбэлэрин олоҕун, историятын, олорон ааспыт өбүгэлэрин билэр киһи дойдутун, төрөөбүт алааһын сыаналыырга, таптыырга үөрэнэр буоллаҕа. Дойдутун, дьонун-сэргэтин таптыыр киһи кинини көмүскүөхтээх буоллаҕа. Тугу да билбэт киһи тугу көмүскүөҕэй ?
Хаартыскаҕа: Макарова Виктория Романовна
Вера Соловьева, Маалыкай