Тутааччы идэтэ — биир сааамай үтүө уонна кэрэхсэбиллээх дьарык


Бу өрөбүлгэ, атырдьах ыйын 13 күнүгэр, киһи-аймахха олус наадалаах идэлээх дьон – тутааччылар бэйэлэрин идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтэбиттэрэ. Итинэн сэдиптээн, биһиги 2001 сылтан «Региональнай сайдыы» ХЭТ гендириэктэринэн, онтон солбуйааччынан үлэлии-хамсыы сылдьар Альберт Васильевтыын кэпсэттибит.
Альберт Алексеевич улууска биллэр-көстөр киһи: төрөөбүт дойдутугар кэлэн үлэлээбитэ лоп курдук 20 сыл буолла. Бу кэм устата «Региональнай сайдыы» ХЭТ Марха уһуйааныттан саҕалаан, Күндээдэ оскуолатыгар уонна Ньурбаҕа элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ тиийэ элбэх эбийиэги тутан үлэҕэ киллэрдэ. Билигин даҕаны улууска биир бастыҥынан биллэр кини тэрилтэтэ ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар: Ньурбаҕа «Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» тосхолунан 4-с уонна 5-с дьиэтин тэҥинэн тутан бүтэрэн эрэр.

Альберт Алексеевич, кэпсээ эрэ – тутааччы буолар диэн хайдаҕый?

— Тутааччы идэтэ биир сааамай үтүө уонна кэрэхсэбиллээх дьарык диэн ааҕабын. Быдан былыргыттан киһи бэйэтин олоҕун чэпчэтэн уонна тупсаран, дьиэтин-уотун оҥосторо. Ол иһин тутааччы – биир саамай былыргы идэ буолар. Кэм-кэрдии ирдэбилинэн сайдыы эмиэ баран иһэр. Ону кытта тутар технологиялар сайдаллар, киһи урут санаан көрбөтөх эбийиэктэрэ тутуллаллар.
Тутааччы буолар, сорох дьоҥҥо дэбигис көстөрүн курдук, олус судургу буолбатах. Бу сыалай наука, олус элбэх ураты билиини-көрүүнү эрэйэр. Тутуу – олус уустук процесс, ханнык эмэ оҥоһугу таҥыы эбэтэр кирпииччэни ууран таһаарыы буолбатах. Бырайыактан уонна чинчийэр үлэлэртэн саҕалаан этээстээх дьиэлэр дьэндэйиэхтэригэр диэри, олус уһун кэмнээх уонна киэҥ хабааннаах үлэ оҥоһуллар. Манна элбэх кыттааччы баар: бырайыактааччылар, изыскателлэр, тутуу матыйаалларын оҥорооччулар, механизатордар, монтажниктар, сыбаарсыктар, отделочниктар, электриктэр, сантехниктар уо.д.а.

Эн бэйэҥ идэҕинэн тутааччы буоллаҕыҥ?

— Суох, дьиҥэ, мин идэм тутуу эйгэтиттэн ыраах, эргиэн үөрэхтээхпин. Дьокуускайдааҕы кооперативнай техникуму уонна Новосибирскайдааҕы кооперативнай эргиэн институтун бүтэрбитим. «Колымторг» Муома оройуонунааҕы эргиэн хонтуоратыгар, Сунтаарга райзаготконтора дириэктэрин солбуйааччытынан, Дьокуускайга «Лена-Волга эргиэн дьиэтин» гендириэктэрин солбуйааччытынан, «СахаАрктика-Торг» ГУП-ка эргиэн управлениетын сүрүннүүр исписэлииһинэн, онтон чааһынай предпринимателинэн үлэлээбитим.
Ол эрээри тутууну уруккуттан интэриэһиргиир этим. 2000 сылтан саҕалаан Дьокуускайга дьиэлэр уонна эбийиэктэр өрөмүөннэриттэн саҕалаан, тутуу эйгэтигэр киирбитим. Тутуу үлэтин ымпыгын-чымпыгын билиэхтээхпин диэн бэйэбэр сорук туруорунан үлэлээбитим, ханнык даҕаны үлэттэн туора турбат этим. Онтон ыла элбэх дьону, киэҥ билиилээх исписэлиистэри кытта бииргэ алтыстым. 2001 сылтан «Региональнай сайдыы» ХЭТ гендириэктэринэн, онтон солбуйааччынан үлэлээн кэллим.
Тутуу миэхэ биисинэс эрэ буолбакка, сөбүлүүр дьарыгым буолбута. Бу олус умсугутуулаах үлэ – аны үлэҥ түмүгэ дьону үөрдэр уонна кинилэргэ уһун сылларга сулууспалыыр.

Альберт Алексеевич, Ньурбаҕа хаһааҥҥыттан үлэлиигиний?

— Эппитим курдук, тутуу эйгэтигэр 2000 сылдьан үлэлиибин. 2003 с. төрөөбүт дойдубар Ньурбаҕа үлэлии кэлбитим. Ити сыл ыам ыйыгар үөрэммит оскуолам тас эпсиэйин оҥорорго хантараак түһэрсэн үлэбитин саҕалаабыппыт.
Бу 20 сыл иһигэр улууска 40-ча эбийиэги туттубут, саҥардан оҥордубут уонна өрөмүөннээтибит. Ол иһигэр бааллар: Хатыҥ Сыһыыга оҕо уһуйаана, култуурунай-спортивнай киин, Күндээдэҕэ оҕо уһуйаана уонна 176 миэстэлээх оскуола, Үөдэйгэ В.А.Петрова аатынан сквер-уһаайба, Ньурба к. Кыайыы болуоссатын саҥардан оҥоруу, Ньурба к. элбэх хайысхалаах гимназиятын дьиэтин (уруккута 1 №-дэх оскуола) хапытаалынайдык өрөмүөнэ. Биһиги үлэбитигэр биир сүрүн миэстэни элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэри тутуу ылар. «Бүддьүөт үлэһиттэрин олорор дьиэнэн хааччыйыы тосхолунан» – Комсомольскай уул. 24 кыбартыыралаах уонна Кузаков уул. 30 кыбартыыралаах дьиэлэри, «Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» тосхолунан – Комсомольскай уул. 15, 16 уонна 49 кыбартыыралаах дьиэлэри туттубут. Быйыл эмиэ Комсомольскай уул.58 уонна 53 кыбартыыралаах дьиэлэри тутан киллэриэхпит.

Тутааччы үлэтигэр туох уустук эбэтэр кыһалҕа баарый?

— Ханнык баҕарар үлэҕэ курдук, араас кыһалҕалар бааллар. Кэнники сылларга тутуу матырыйаалларын сыаната эмискэ улаханнык үрдээтэ, бу барыта тутуу үлэтигэр дьайыыта улахан. Туспа кыһалҕанан бэлэмнээх үлэһит илии тиийбэтэ буолар. Дойду үрдүнэн идэлээх, үөрэхтээх алын сүһүөх үлэһиттэр тиийбэттэр. Сварщиктар, сантехниктар, категориялаах суоппардар, каменщиктар, штукатурдар, электриктэр суохтар.
Ыччат тутууга кэлэн үлэлиэн улаханнык баҕарбат. Биллэн турар, практикаҕа кэлэллэр. Кинилэр ортолоругар тобуллаҕас уолаттар бааллар. Ол эрээри тутууга уһаан үлэлиирэ ахсааннаах. Хомойуох иһин, ыччаттар үксүлэрэ сынньалаҥнык сылдьан, паапка тутан, ноутбуктаах сылдьан элбэх хамнастаныах курдук саныыллар. Ол эрээри оннук буолбата чуолкай. Маннык уопсай бүрүүкээбит өй-санаа тосту уларыйдаҕына эрэ, тутууга кэлиэхтэрэ. Билигин дойду таһымыгар даҕаны ылан көрдөххө, таас тутууларга кэлии омуктар үлэлииллэр. Биһиги сыллата тутууларбытыгар маннык кэлэн үлэлиир дьоннордоохпут.

Салгыы ханнык эмэ былаан баар дуо?

— Салгыы былаан син-биир элбэх. Быйылгыттан эмиэ 2 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр тутууларын саҕалыахтаахпыт.

Альберт Алексеевич, эһиэхэ иллээх уонна түмсүүүлээх кэлэктиип. Эһиэхэ ханнык эрэ уопсай үгэстэр бааллар дуо?

— Саха дьонун быһыытынан бастакы сыбаайа сири үүттээн түһэриллэригэр сахалыы сиэр-туом ыытыллар. Алгысчыттар Алиса Михайловна Иннокентьева уонна Иван Герасимович Васильев-Алгыс Уйбаан  алгыстарын ыыталларыгар кэпсэтэн оҥорторобут.
Үгэс курдук, бастакы сыбаайаҕа анныгар биһиги бытархай харчыны быраҕабыт. Ити былыргыттан тиийэн кэлбит нуучча олоҕурбут үгэһэ. Итини биһиги тутааччы буоларбыт быһыытынан хайаан даҕаны эмиэ тутуһабыт. Маны сэргэ биһиги идэлээх бырааһынныгы, атын даҕаны бэлиэ түгэни кэлэктиибинэн бииргэ көрсөргө кыһаллабыт.

Кэллиэгэлэргэр уонна күрэстэһээччилэргэр идэлээх бырааһынньыкка тугу этиэххиний?

— Олох сокуонунан күрэстэһээччилэр бааллара үлэҕэ-хамнаска кыһамньылаах уонна дьулуурдаах буолууну, мэлдьи бэйэ бодону тардынан сэргэхтик үлэлии-хамсыы сылдьары көҕүлүүр.
Тутуу эйгэтигэр сыһыаннаах бары үлэһиттэри идэлээх бырааһынньыгынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус наадалаах үлэҕит өссө сайдан, таһаарыылаах буолан истин!

Геннадий АНТОНОВ.

Читайте дальше