Тыа хаһаайыстыбата: үбүлээһин кээмэйэ улаатар, оттон үлэ түмүгэ үөтэлээбэт

 

Ааспыт 2023 сылга “Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагырааманы үбүлээһин кээмэйэ 13,7 млрд солкуобайтан саҕаланан баран, сыл бүтүүтүгэр 15,8 млрд солкуобайынан түмүктэннэ, ол иһигэр улуустар тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйаларын толороллоругар анаан бэриллэр субвенция кээмэйэ 6,2 млрд солкуобайтан 7,3 млрд солкуобайга диэри улаатта. Онон биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыа хаһаайыстыбатын үлэтин үбүнэн өйөөһүҥҥэ Татарстаны уонна Брянскай уобалаһы кытта үс бастакы иһигэр бигэтик сылдьар.

Ил Дархан дьаһалынан 2023 сыллааҕы бүддьүөккэ үүтү соҕотуопкалааһыҥҥа көрүллэр көмө үп кээмэйэ 50-тан 60 солкуобайга, сылгыны үөрдээн иитэр тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга биэ төбөтүгэр көрүллэр көмө 3 тыһ. солкуобайтан 5 тыһ. солкуобайга, хотугу дьиэ табатын иитэр хаһаайыстыбаларга таба төбөтүн ахсын көрүллэр ыстаапка 4 995 солкуобайтан 5 335 солкуобайга, ынах сүөһүнү иитэр кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо бэриллэр “төбө харчыта” 35 тыһыынчаттан 37 тыһыынча солкуобайга диэри үрдэтиллибиттэрэ.

Оттон үлэбит түмүгэ хайдаҕый? “Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан” Ил Дархан 2018 сыл ахсынньы 11 күнүнээҕи 232 №-дээх Ыйааҕар  2024 сылга диэри оҥоһуллан тахсар кээмэйдэрэ үрдэтиллиэхтээхтэрэ ыйыллыбыт көрүҥнэр маннык толорулуннулар: өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олохтоох көтөр сымыытынан  хааччыйыы таһыма 65 %-ҥа тэҥнэһэн, туруоруллубут сорудах 100 бырыһыан туолла. Этинэн уонна эт аһынан хааччыныыга – 27% (30%-ҥа  тиийиэхтээх этэ), үүтүнэн  уонна үүт аһынан хааччыныыга – 55% (61%), хортуоппуйга – 62% (66%), оҕуруот аһыгар – 42% (51%).

Сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы кээмэйэ 32,7 млрд солкуобайга тиийэн, иллэрээ сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, 100,2% индекстээх (үрдээһиннээх) буолара сабаҕаланар.

Тыа хаһаайыстыбатын култууратын ыһыы бүттүүн иэнэ 48,0 тыһ. гектарга тэҥнэстэ, ол иһигэр бурдук 11,4 тыһ., хортуоппуй 6,8 тыһ., оҕуруот аһа 1,4 тыһ., сүөһүгэ аһылыгар аналлаах култуура 28,4 тыһ. гектардыыга ыһылыннылар. Бу иһигэр бурдук, хортуоппуй, оҕуруот аһын ыһыыларын иэнэ туһааннааҕынан  6,1, 12,1 уонна 3,0 %-ныынан кэҥэтиллибиттэрэ бэлиэтэнэр.

Ааспыт сыллааҕы көрдөрүүлэргэ тэҥнээтэххэ, бурдук 12,9%-нан эбиллэн, 11,3 тыһ. туонна хомуйулунна, ону таһынан 25,3 тыһ. туонна оҕуруот аһын, 72,4 тыһ. туонна хортуоппуй үүнүүтэ ылылынна.

Сайыҥҥы оттооһун кэмин устатыгар 368,8 тыһ. гектар иэннээх сиртэн 453,1 тыһ. туонна от кэбиһилиннэ. Бу көрдөрүү иллэрээ сыллааҕыны 12,1%-нан сабырыйар, ол иһигэр мобильнай биригээдэлэр күүстэринэн 34,6 тыһ. туонна оттонно.Онно эбии хаһаайыстыбалар сүөһү сүмэһиннээх аһылыгар 28,5 тыһ. туонна сиилэһи, 15,7 тыһ. туонна сенаһы бэлэмнээтилэр.

Былырыын 3,8 тыһ. гектар иэннээх сир саҥаттан таҥастанан сөргүтүлүннэ, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сиртэн 1,9 тыһ. гектара мелиорацияланна, 10,5 тыһ. гектарга уу халытан нүөлсүтүлүннэ, 5,8 тыһ. гектарга халаан уутун содулларын туоратарга анаан нүөлсүтэр уонна куурдар систиэмэлэри өрөмүөннүүр үлэлэр ыытылыннылар.

“Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыы” бырагыраамаҕа 19 улуус уонна Дьокуускай куорат кытталлар. Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылар 174 тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна соһуллар-иилиллэр тэриллэри, 2 246 туонна сүөһү аһылыгар аналлаах култуура сиэмэтин атыыластылар, 266 км усталаах күрүөнү туттулар. Ленскэй, Ньурба, Уус Алдан улуустарыгар 1 300 туонна сиилэс угуллар истээх оҥкучахтаннылар. Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ленскэй, Ньурба, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар 1 800 туонна оту уурар-харайар тутууланнылар.

Сир үлэтигэр идэтийэр хаһаайыстыбалар производственнай эбийиэктэрин саҥалыы сөргүтүү чэрчитинэн Амма улууһун “Абаҕа” ХЭУо-гар, Өлүөхүмэ улууһун “Поиск” ТХНПК-гэр, Уус Алдан улууһун Д.В. Илларионов бааһынай хаһаайыстыбатыгар холбоон 3 000 туонна бурдук киирэр ыскылааттара  тутулуннулар.

Амма, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Уус Алдан, Хаҥалас, Нам, Сунтаар улуустарын уонна Дьокуускай куорат бөдөҥ хаһаайыстыбалара элбэх үлэни биирдэ толорор 19 тиэхиньикэни, ол иһигэр 6 тыраахтары, 3 Вектор-410 бурдук хомуйар комбайны, 7 хортуоппуй хомуйар комбайны ылыннылар.

Дьокуускай Сыырдааҕар “Саюри” ХЭУо 2400 туонна оҕуруот аһын уонна күөх култуураны (2022 сыл көрдөрүүтүнээҕэр 10,7%-нан элбэҕи) үүннэрэн таһаарда. Тэрилтэ күн-дьыл кэмиттэн тутулуга суох, күннэтэ сибиэһэй оҕуруот аһынан киин куорат нэһилиэнньэтин 25 бырыһыанын,  бастатан, уһуйааннары, оскуолалары, балыыһалары уо.д.а. социальнай тэрилтэлэри хааччыйар.

Василий Никифоров

Читайте дальше