«Түмэр түгэн — 2023», эдэр ыччат тус санаата

Ньурба улууһугар “Түмэр түгэн” диэн эдэр ыччат бэстибээлэ буолла. Уопсайа 16 оройуонтан 500-чэ кыттааччыны түмтэ. Бастакы күн хайдах ааспытын, туох буолбутун кыттааччылартан уонна ыалдьыттартан ыйыталастыбыт. Тэрийээччилэр, эдэр ыччат түмсүүтүн туһугар, улахан тэрээһини ыыттылар. Киһи эдэр, сайдар дьону көрөн хараҕа үөрэр. Оҕо улаатан, дойдутун сайдарын туһугар кыһаллара онно биллэр. Патриот аатын тутан, ыччаттар хас да ыйы быһа бэлэмнэнэн, долгуйан кэллилэр, дьэ күүтүүлээх бэстибээллэрэ саҕаланна.

Бастатан туран тэрийээччиттэн ыйыттыбыт:
«Дороболоруҥ, мин Аммосова Анастасия 3 курс устудьуона буолабын. Былырыыҥҥыттан Ньурба улууһун ыччат штабыгар үлэлиибин. Былырыын «Summer fest” диэн бэстибээл тэриллибитинэн сибээстээн бу сылга үрдүк таһымҥа тахсыахха наада диэн толкуйга киирбиппит. «Түмэр түгэн — 2023″ ыччат өрөспүүблүкэтээҕи бэстибээли 3 нэдиэлэ устата бэлэмнээтибит. Түүннэри-күнүстэри сүгүн утуйбакка, туох баар күүспүтүн, санаабытын ууран кэллибит. Бэлэмнэнии кэмигэр элбэх ыараханы көрүстүбүт, ол да буоллар эдэр ыччат биир сомоҕо буоламмыт саба түспүппүт.
Дьэ уонна бу долгутуулах кэммит буолла. Мин санаабар, туруорбут сыалбытын ситистибит, махтаныам этэ волонтерство хайысхатынан үлэлиир Иванова Юлианаҕа, биһиэхэ көмөлөһөөччүлэринэн волонтердары үлэлэппитигэр. Кэлбит ыалдьыттарга уонна кыттаччыларга, бу бэстибээли киэргэппиккитигэр махтал».

“Дорооболоруҥ, Торохова Оля диэммин, бу тэрээһин салайааччыта буолабын. Мин санаабар, туруорбут сыалбытын ситистибит, айманыы, долгуйуу бөҕө буолла. Бастакы күн былааннаабыппытын курдук саҕаланна. Бэстибээл кыттааччылара мустан бириэмэбит сөп түбэһэн саҕалаатыбыт. Кыттааччылар площадкалары кэрийэн, элбэх туһалаах билии ыллылар дии саныыбын, спикердарбыт опыттарын, билиилэрин үллэһиннилэр. Бу икки күн устата элбэх ыалдьыты дьиҥнээх интириэстээх дьону көрөн харах үөрэр. Мин санаабар бу тэрээһиммитин кэлэр сылларга өссө тупсарыахпыт. «Түмэр түгэн — 2023», дьиҥнээхтии өрөспүбүүлүкэбит эдэр ыччатын уонна дьонун тумтэ. Умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ”.

“Мин аатым Никифоров Алексей, волонтерство площадкатын спикера буолабын. «Түмэр түгэн -2023» чэрчитинэн бастакы күҥҥэ 13:00-15:00 диэри үөрэтэр площадкалар буоллулар, бэйэм Дьокуускайдааҕы медколледж медик-волонтердар штабтарын соокординатора буоламмын, атын спикердары кытары волонтерство хайысхатын оскуола оҕолоругар, кыттааччыларга, ыалдьыттарга сырдаттыбыт. Уопсайынан СӨ волонтерство хайдах сайда турарын кэпсээтибит. Күн иккис чааһыгар «маҥнайгы көмө» туһунан билиибитин сырдаттыбыт. Бу улахан тэрээһиҥҥэ спикер быһыытынан үлэлээбиппин олус да астынным. Бэйэм дойдубар маннык улахан тэрээһин буолбутугар наһаа үөрдүм, биһиги эдэр ыччат Ньурба улууһун сайдарын туһугар үлэлиирбитин, Ил Дархан кэлэн көрбүтэ бэстибээли улахан суолталаата дии саныыбын».

«Николаева Юля, Сүлэ нэһилиэгин аатыттан сылдьабын. Бастакы күҥҥэ бэстибээл аһыллыыта буолбута, салгыы үөрэтэр площадкаларынан тарҕаһан элбэх билиини биллибит, наадалаах информация иһиттибит. Иккис күҥҥэ күүстэхтик бэлэмнэнэн кэллибит дии саныыбын. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, быйыл тэрээһинэ быдан үчүгэй. Барытын наһаа бэркэ тэрийбиттэр. Өссө да көхтөөх ыччат элбии турдун. Бу бэстибээл элбэх саҥа талаан арыйарга, түмэргэ сабыдыаллыыр дии саныыбын».

«Степанова Ньургуйаана, Дьаархан нэһилиэгин аатыттан кытта сылдьабын. Бэйэм СӨ киинигэр иитээччинэн үлэлиибин. Бу бэстибээлгэ 22 ыччат буолан хомуллан киирдибит. Соторутааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ эмиэ бэстибээл буолан ааспыта, онно холоотоххо бу Ньурбаҕа буола турар «Түмэр түгэн» үчүгэй баҕайытык ааста.»

«Жданова Анжелина, Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин 10 кылаас үөрэнээччитэбин. Бэстибээлгэ мин волонтер быһыытынан кыттабын. Мин санаабар «Түмэр түгэн-2023» отой улахан таһымҥа ааста, элбэх улуустар мустубуттарыттан олус да үөрэбит. Ил Дархан кэлэн, астыммыт, үөрбүт санаалаах барда диэххэ сөп. Элбэх ыалдьыт, кыттааччы кэлэн, ырыаһыттар, «Зема» тэрилтэ кэлэн тэрээһиммитин киэргэттилэр. Кэнники сылларга Ньурбабыт баһылыкпыт салайыытынан күүскэ сайда турар, элбэх тутуу ыытыллар, суол оҥоһуллар. Үөрэх өттүттэн сайынна, 2027 сылга Саха сирин норуоттарын оонньуулара буолуохтаах, онно элбэх үлэ бара турар. Бу «Түмэр түгэн -2023″ кыттааччыларга, ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга, Ньурба олохтоохторугар, миигин кытта тэҥҥэ үлэлэспит оҕолорбор, тэрийээччилэргэ баҕарыам этэ туох баар кэрэни, бука бары бииргэ дойдубут сайдарын туһугар үлэлиэххэ».

«Үтүө күнүнэн, мин аатым Барабанский Юра, Уус-Алдан  улууһун эдэр ыччатын түмсүүтүн «Бэрт хара» актыбыыһа буолабын. Бу Ньурба улууһугар «Зема» диэн тэрилтэ аатыттан кэллибит. Сүрдээх тэрээһин буолла дии санаатым, биһиги тэрилтэбит аатыттан Ньурба улууһун киинигэр кэлэн «За нас! За победу!» диэн эдэр ыччат десана буолан кэллибит, ол эбэтэр СВО-га барбыт дьоннор дьиэ кэргэттэригэр көмөлөстүбүт уонна аҕа саастаах дьоммутугар тимуровскай выходтаатыбыт. Бэстибээл туһунан эттэххэ, сүрдээх элбэх киһи кэлбит. Ньурба улууһа ураты баайы дьоннордоох дии санаатым, үчүгэй баайытык көрүстүлэр уонна атаардылар. Эдэр ыччакка, олохтоохторугар, ыалдьыттарга баҕарыам этэ чэгиэн чэбдик буолун, эдэр ыччат куруутун дойдутун ааттата турдун. Саха сирэ биир түмсүүлээх буолуохха диэн ыҥырабын».

Бу курдук эдэр ыччат этэринэн үрдүк таһымҥнаах тэрээһиммит түмүктэннэ.

Кира ПАХОМОВА

Читайте дальше