👨🦱🧑🧑👨👴Муус устар 6 күнүгэр Түмүк нэһилиэгин “Алгыс” норуот айымньытын киинигэр Саха сиригэр Аҕа күнүнэн уонна Булчут күнүн чэрчитинэн нэһилиэк түөлбэлэрин аҕаларыгар “ДАДУОБА” дартска, дуобакка, баарыска күрэх ыытылынна.
Балаһыанньа быһыытынан түөлбэттэн 3-түү аҕа, онон нэһилиэкпит 5 түөлбэтиттэн- 15 кыттааччы кытынна. Күрэх бастакы түһүмэҕэ- дартс, иккис- дуобат уонна бүтэһик- баарыс. Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ- “Хотугу сулус” түөлбэ, 2 миэстэ- “Уйбаан бааһыната”түөлбэ, 3 миэстэ- “Үрдэл” түөлбэ буолла. Күрэххэ эдэр аҕаттан саҕалаан ытык кырдьаҕаска тиийэ кытыннылар. Онон олус сэргэхтик, көхтөөхтүк ааста. Кыттааччылар да, көрөөччүлэр да астыннылар.
🥇🥈🥉Кыайыылаахтар грамотанан, мэтээлинэн наҕараадаланнылар ,биэс туолбэттэн аҕам саастаах кыттааччыларга “Алгыс” норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Сардана Петровна Федорова сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Нэһилиэкпит аҕалара араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан, олохторун сырдатан, олус үчүгэй холобур буолаллар.
Күндү аҕалар, эрэллээх эр дьон олоххо куруук сырдыгы, кэрэни эрэ түстээҥ, саҥаны, кэскиллээҕи айыҥ, баары харыстааҥ, үтүөнү үксэтиҥ. Саха бэрдэ буолан сандаарыҥ, киһи килбиэнэ буолан килбэйиҥ.
«Алгыс» норуот айымньытын киинэ