Алтынньы 19 к. Ньурба к. Убайаан микро-оройуонугар уруккута ас-үөл кэмбинээтин территориятыгар овощехранилище хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн үлэҕэ киирдэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Нюргуяна Михайлова, тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Леонид Ушканов, урбаан, эргиэн уонна олохтоох оҥорон таһаарыы департаменын салайааччыта Михаил Пан уо.д.а. кытыннылар. Сахалыы сиэри-туому СӨ норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа Борис Борисов ситэрдэ.
Овощехранилище улууска алмаастан киирэр үптэн харчы көрүллэн өрөмүөннэннэ. Гааһынан сылытыллар, газгольдеры урбаанньыт Николай Тихонов туруорбут. Оҕуруот аһын харайар ыскылааты Андрей Тихонов үлэлэтиэҕэ.
«Хортуоппуй олордуутунан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлээбитим син ыраатта, — диир Андрей Николаевич. – Овощехранилищеҕа сүрүннээн гааһынан сылытыы, сырдатыыта уонна бытархай өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. Тутуллан баран үлэлээбэтэҕэ 10-тан тахса сыл буолбут эрээри, син үчүгэйдик турбут эбит. Быйыл овощехранилище сөргүтүллэн үлэлээн, нэһилиэнньэттэн хортуоппуй соҕотуопкалыахтаахпын уонна баҕалаах дьонтон хортуоппуйдарын манна уурдарыыга ылыахпыт. Манна 200 туоннаны хортуоппуйу, оҕуруот астарын харайыахха сөп. Улууһум дьаһалтатыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар улахан махталлаахпын уонна салгыы даҕаны бу курдук көмө-өйөбүл баар буоларыгар баҕарабын».
Элбэх киһи хортуоппуй олордуутунан дьарыктанар, ол эрээри харайар сирдэрэ суох, ыал барыта оҥкучахтаах буолбатах, аны батарыыта даҕаны кыһалҕалардаах буолар. Онон сири кытта үлэ бу салаата салгыы сайдыаҕар харгыстар бааллар этэ. Овощехранилище үлэлээн бардаҕына үчүгэй өттүгэр уларыйыы тахсарыгар эрэл улахан.
Геннадий Антонов