Балаҕан ыйын 20 күнүгэр V ыҥырыылаах улуус Сүбэтин дьокутааттарыгар дастабырыанньаларын туттарар бэлиэ тэрээһин буолла. ТИК бэрэссэдээтэлэ Наталия Петрова саҥа талыллыбыт улуус Сүбэтин дьокутааттарын эҕэрдэлээн, ситиһиилээх үлэни баҕаран туран, кинилэргэ дастабырыанньаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Салгыы дьокутааттары улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Василий Семенов эҕэрдэлээтэ, СӨ норуодунай дьокутаата Владимир Прокопьев эҕэрдэ телеграмматын ааҕан иһитиннэрдилэр.
Дьокутааттары улуус Сүбэтин икки ыҥырыытыгар сокуоннаска уонна олохтоох салайыныыга бастайааннай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Зинаида Анисимова, Ньурба к. баһылыга Геннадий Игнатьев, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Семен Корякин эмиэ истиҥ-иһирэх эҕэрдэлэрин тиэртилэр, улууспут сайдарын туһугар биир сүбэнэн таһаарыылаах үлэни баҕардылар. Дьокутааттартан харда тылы Чуукаардааҕы уокуруктан улуус Сүбэтин дьокутаата Владимир Моисеев эттэ.
Тэрээһини «Кыталык» КД эр дьонун холбоһуктаах ансаамбылын ырыата киэргэттэ.
Геннадий АНТОНОВ.