Улууспут  төрүттэммитин 200 сылын бэлиэтиибит

Киһи барахсан олус элбэх тастан киирэр сонуну биир кулгааҕынан истэр, нөҥүө  кулгааҕынан таһааран кэбиһэр айылгылаах. Ол айылҕа киһини харыстаан, оннук айбыт. Мин Маалыкай түбэтигэр олоробун, Марха диэки нэһилиэктэри, саараама, үөрэппитим да иһин, өйбөр тута сатаабытым да иһин билбэппин.Улуус олохтооҕо: “Ама, улууспун билбэт үһүбүн дуо?” диэн, баҕар, өһүргэниэ. Ол эрэн, ордук дьахтар, ыччат, оҕо өттө чуолкай ыйытыыга чуолкай хоруйу биэриэ суоҕун сөп эбит. Онон…

Оруобуна 200 сыл ынараа өттүгэр, 1824 сыл олунньу 24 күнүгэр Дьокуускай уобалаһын салалтата Үөһээ Бүлүү уокуругун исправнигар Үөһээ Бүлүү улууһун икки улууска: Үөһээ Бүлүү уонна Марха улуустарыгар араарар туһунан ыйаах ыыппыта. Ол сыл 25 км усталаах, 12 км туоралаах Ньурба күөлүн мас лаппаахынан Бүлүү эбэҕэ түһэриини саҕалаабыттара. Бу үлэни айанньыт, чинчийээччи Р.К.Маак “Бүлүү уокуруга” үлэтигэр: “Сибиир ситиһиилээх сүҥкэннээхэй үлэтинэн” аахпыта. Түмүгэр кураанах  сир, ходуһа, ол иһигэр Куочай, тахсыбыта. Күөл оннугар билигин Ньурба куорат, аттакылар сыылкаҕа кэлэн олорон үөскэппит Антоновка сэлиэнньэтэ  үүнэ – сайда тураллар.

Дьиҥнээх ийэ ууһун тэнитээччибитинэн, номохтору, үһүйээннэри хомуйааччы Ксенофонтов Г.В. суруйуутунан, Ньурба күөлүн олохтооҕо Дьаархан диэн, эр киһиттэн хаалсыбат боотур хааннаах ох саанан мэндэйээччи дьахтар. Туматтартан хотторон баран, Туймаадаҕа саһан, Мунньан Дархаҥҥа одьулуун ойох буолан, Тыгынтан  куотан,  төттөрү Бүлүүтүн уолаттарынаан булбут. Ол иһин, Хаҥаластартан тымыр – сыдьаан тардыылаах буолан, Сунтаар уонна Ньурба улуустарын нэһилиэктэрин ааттара атылыылар, Хаҥаластары хатылыылларк.

Ньурба Марха, Мегежекскай оройуон, Ньурба оройуона, Ленинскэй оройуон буола сылдьыбыта.  1992 сылтан Ньурба улууһа.

Өлүөнэ саамай уһун хаҥас тардыытыгар – 2650 км уһуннаах Бүлүү эбэҕэ төбүрүөннээн олоробут. Ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо холбонор тапталлаах эбэбит үс тардыылаах:  саамай бөдөҥүнэн — 1181 км уһуннаах  аламаастаах Марха эбэ буолар, Ыгыатта, Түүкээн. Марха уонна Түүкээн Арассыыйа ООПТ киирэллэр. Аламаас көмөтүнэн 1997 сыллаахха Ньурба рабочай бөһүөлэгэ куорат буолбута. Бары билэр аламааспыт, таас чохпут  таһынан өссө кыһыл көмүс, агат, сердолит, яшма диэн өҥнөөх таастар хостоноллор эбит. Ньурба улууһа аламааһынан Саха сиригэр донор, Арассыыйаҕа аламаас хостооһунун 25% ылар.

Саамай улахан күөллэринэн Дьөҥкүүдэ, Сугдьаар, Иэһэрдээх буолаллар. 14,7 км усталаах, 3,4 км туоралаах Дьөҥкүүдэ тула үс нэһилиэк: Акана, Хаҥалас, Түмүк түөлбэлээн олорор. Дьөҥкүүдэ Саха сиригэр  13 – с улахан күөлүнэн биллэр.  7 км усталаах, 5 км туоралаах Сугдьаар минньигэс соботунан биллэр. Сэбиэскэй саҕана вертолетунан тахсан балыктыыллара, билигин сиринэн сылдьаллар. Иэһэрдээх Сугдьаар таһыгар баар. Бу икки  күөл Маалыкай түбэтигэр бааллар. Дьөҥкүүдэ, Сугдьаар – Арассыыйа ООПТ буолаллар.

Аны нэһилиэктэри кэпсэтиэххэ. Киһи бары билэринэн, дьаралыкпытыгар 19 сэбирдэх олохтоох тэриллиини көрдөрөр, ол аата  оччо дьаһалта, оччо баһылык баар. Ньурба улууһун иэнэ 52,4 тыһ.кв.км, нэһилиэнньэтэ 2023 сыл тохсунньутааҕы көрдөрүүнэн — 22997 киһи. Мииринэй, Сунтаар, Өлөөн, Үөһээ Бүлүү улуустарын кытары быысаһар. Киин куораппытыгар дылы массыына суолунан 812 км, салгынынан – 600 км, уунан – 977 км. Тэриллиилэр истэригэр Ньурба куорат, 18 нэһилиэк киирэр. Куорат 19,21 кв.км. иэннээх, олохтооҕо – 9918 киһи. Ол эрэн, дьон олорор сирэ 24. Биэс нэһилиэк бэйэтигэр эбии биирдии дьон олорор сирдээх: Киров Таркаайыга (Хатыҥ Сыһыы), Саалтааны Чаппандаҕа, Араҥастаах Күндээдэҕэ, Нефтебаза Октябрьскайга (Антоновка), Чкалов Аканаҕа. Сорох нэһилиэктэр иккилии ааттаахтар, бастакыта – ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕанааҕы, иккиһэ – сэбиэскэй кэмнээҕи: Бордоҥ – Маалыкай, Мэҥэдьэк – Хатыы, Малдьаҕар – Быһыттаах, Марха – Өҥөлдьө, Октябрьскай – Антоновка, Хорула – Сайылык, Хаҥалас – Ынахсыт, Таркаайы – Хатыҥ Сыһыы, Түмүк – Маар. Тоҕо “Хатыы” буолбутун этэр буоллахха, 1940 сылтан саҕалаан, сэрии иннинэ “Хатыы” холкуос эрэ оройуоҥҥа бэһүөлэктээһини бүтэрбитэ. “Мэҥэдьэк нэһилиэгэ” – Мэҥэдьэк диэҕин, дьиҥнээх Мэҥэдьэк эбэҕэ олорор – үлэлиир  “Мэҥэдьэк” холкуос баара. Сэбиэскэй кэми Октябрьскай нэһилиэк туоһулуур. 1954 сыллаахха Тыалыкы нэһилиэгиттэн уларытыллыбыт. Сорох нэһилиэктэр хайдах ааттаммыттарай да оннук этиллэллэр: Чуукаар, Ньурбачаан, Дьиикимдэ, Күндээдэ, Чаппанда, Дьаархан, Акана, Сүлэ, Үөдэй. Саамай киэҥ иэннээх нэһилиэктэринэн Бордоҥ (Маалыкай, 19753,87 кв.км.) уонна Хорула (Сайылык, 12278,04 кв.км.) буолаллар. Саамай элбэх нэһилиэнньэлээҕинэн  Октябрьскай (Антоновка, 2738 киһи) уонна Бордоҥ (Маалыкай, 1750 киһи) биллэллэр. Саамай аҕыйах нэһилиэнньэ – 192 киһи Үөдэйгэ баар.

Атын сиртэн мунньахтыы кэлбит дьон “Хатыы нэһилиэгин дьоно” диэччилэр. Ону истэ үөрэммэтэх буолан, ороһуйа истэрбит. Уруйдаан – айхаллаан, үөрэн – көтөн ылыммыт тылдьыппытыгар “Нэһилиэк, сэлиэнньэ, село биир суолталаахтар, улуус иһигэр дьон түөлбэлээн олорор сирэ” диэн. Онон баары баарынан ылыныаҕыҥ.

Мирослава Иванова

Мэҥэдьэк