Бу бара сылдьан Иванныын эмиэ көрсүбүтүм. Этэҥҥэ дойдутугар кэлэ сылдьарын көрөн үөрдүм. Салгыы байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытары үгэс быһыытынан үлэ чааһын кэнниттэн көрүстүм. Туох кыһалҕалаахтарын, ыйытыылаахтарын, араас хабааннаах оҥоһуллар көмөлөр тула дьүүллэстибит, санаа атастастыбыт. Көрсүһүүгэ тустаах тэрилтэлэр салайааччылара кыттыыны ыллылар. Нэһилиэк баһылыктара ВКС нөҥүө холбоннулар. Антоновкаттан Александр Е. доруобуйатыгар эчэйии ылан кэлбит.
Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кыттыыны ылла. Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ капитальнай өрөмүөн оҥостоллоругар көмө бара турар. Оҕолоро үөрэххэ туттарсалларыгар военкомат справка биэрэр. Маны тэҥэ колл-центр тэриниэххэ, психологическай көмөнү күүһүрдүөххэ наада диэн этиилэр киирдилэр.
Алексей Иннокентьев