Ньурба к. Вертолетка микро-оройуонугар «Ыраас уу» нацпроект чэрчитинэн тутулла турар ууну ыраастыыр ыстаансыйа көҥдөйө бүтэн эрэр. Емкостар блоктарын киллэрэргэ анаан сарайын ситэ саппакка тураллар. «Сибтрансстрой» ХЭТ инженерэ, быстах кэмҥэ прораб эбээһинэһин толорооччу Валерий Петров бүгүн эбийиэккэ 55 киһи үлэлиирин иһитиннэрэр. Сорохторо ыстаансыйа дьиэтин тутуутугар, атыттар уу ситимин бүрүөһүнүгэр үлэлииллэр.
Сорох саҕаламмыт үлэлэри киллэрэн туран, эбийиэк бэлэм буолуута 70%-тан тахсыбыт. Ыстаансыйа дьиэтин иһигэр ититии уонна сылаас ситимэ тардыллар, сыбааркаланар. Кэлэр нэдиэлэ саҕаланыыта иһинээҕи уу ситимэ холбонуохтаах, онтон барыта үчүгэй буоллаҕына сылааһа бэриллиэхтээх. Онуоха диэри сарайа сабыллан бүтүөхтээх. 7 км усталаах уу ситимэ сыбааркаланан бүппүт, утеплениета оҥоһуллар. Манна 4 биригээдэ үлэлээбититтэн билигин 2-тэ хаалан үлэлии сылдьаллар.
Уу сир анныттан хостонон бастаан 400 кубометрдаах емкоска киирэр, фильтрдэнэн ыраастанан баран икки 600 кубометрдаах емкостарга киирэн, салгыы турба устун туһанааччыларга тиэрдиллиэхтээх. Бу эбийиэк былааннаммытын курдук быйыл ахсынньы ыйга үлэҕэ киириэхтээх.
Геннадий Антонов