Сэтинньи 30 к. Ньурбаҕа улуус тыатын хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктара бэлиэтэнэр. Итинэн сибээстээн, улууспут хаһыатыгар улуус тыатын хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта-улуус баһылыгын солбуйааччыта Леонид Ушкановы кытта сэһэргэһиибитин таһаарабыт.
— Леонид Владимирович, сылбыт түмүктэнэрэ чугаһаан иһэр. Улууспут тыатын хаһаайыстыбатыгар тиэрдиллибит сорудахтар туолууларын хайдах сыаналыыгын?
— Быйыл улууспутугар СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтиттэн тиэрдиллибит сорудахтарынан үлэни лаппа үчүгэйдик түмүктээн эрэбит диэн бэлиэтиибин. Саамай сүрүнэ — 32 тыһ. тахса туонна оту бэлэмнээн оппут былаанын 106% толордубут. Сиилэскэ, сенажка былааннар 100% туолбуттара. Былааннаах 240 туонна эбиэс оннугар 256 туонна хомуллубута. Быйыл күн-дьыл туран биэрэн, оту даҕаны үчүгэйдик оттотто, бурдук даҕаны сиппитэ. Хортуоппуйга, оҕуруот аһыгар былааны эмиэ 100% толордубут. Үүт соҕотуопкатыгар сыллааҕы былааммыт — 3748 туонна. Сэтинньи 21 к. туругунан 3600-тэн тахса туонна үүт тутулунна (96%-тан тахса). Онон кыра хаалла, сыл бүтүөр диэри былааммытын толоруохпут дии саныыбын.
Хойукка диэри халлааммыт сылаас турда, саҥа тымныйда. Онон улуус үрдүнэн идэһэ өлөрүүтэ бүтэ илик буолан, кыстата хаалларар сүөһү-сылгы ахсаана ситэ чуолкайдана илик. Ахсынньы ыйга ааҕынан көрөн, сүөһү-сылгы төбөтүгэр тиэрдиллибит былаан хайдах туолан иһэрин чуолкайдыахпыт.
— Сири кытта үлэҕэ хаһыс да сылын улууска хамсатыылаах дьаһаллар салҕаннылар дии. Бурдугунан, элбэх сыллаах от сиэмэтинэн хааччыллыыга үтүө түмүктэр ситиһилиннилэр.
— 2018 с. Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата тэриллиэҕиттэн сири кытта үлэ утумнаахтык ыытыллан кэллэ. Бу кэм устата улууска 2 тыһ. тахса гаа кэриэтэ урут быраҕыллыбыт бааһына сирдэр чөлүгэр түһэрилиннилэр. Итини таһынан өр сыллаах окко эмиэ болҕомто ууруллар. Былырыын Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата өр сыллаах оту үүннэрэн, 4 туонна кэриҥэ булкаас от («разнотравье») сиэмэтин хомуйан, базатыгар баар ыскылаатыгар уурбута. Быйыл барытын сыыс отуттан ыраастаан бүтэрэн, кууллаан уура сытыарар. Быйыл 1,5 туонна от сиэмэтин хомуйдулар. Итини сэргэ Ньурбатааҕы мелиорация тэрилтэтэ Куочайга быйылгыттан сир ылан, 38 гааҕа соҕурууттан «люцерна» от сиэмэтин аҕалан ыстылар.
Элбэх сыллаах сиэмэтиттэн быйыл туһаҕа таһааран, Маарга күһүн хойут Ньурбатааҕы техникум 12 гаалаах бааһынатыгар от сиэмэтин ыспыттара. «Вредо» сиэйэлкэ сир кырсын алдьаппакка эрэ түһэрэн буолан, түргэн-тарҕан үлэлээх. Этэҥҥэ буоллаҕына 2-3 сылынан өр сыллаах оппут үүнүүтүн көрдөрүөҕэ. Ньурбатааҕы техникум эбии дохуот киллэринэн, эбии аһылыкка резервнэй фонда үөскэтиллэригэр күүс-көмө буолуоҕа диэн маннык сыаллаах-соруктаах үлэ барда. «Вредо» сиэйэлкэ анараа хаалла, аны саас Түмүк нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбалара бэйэлэрин сирдэригэр ыһыныахтара. Онтон салгыы ыаллыы сытар Хаҥалас нэһилиэгэр «Артыал» кэпэрэтиипкэ эмиэ элбэх сыллаах от сиэмэтин ыһан боруобалыахтара. Эһиил күһүөрү маннык үлэни ыыттара, сиэйэлкэни Маалыкай куустатыгар таһаарарга былааннанабыт.
— Быйыл үүт соҕотуопката былырыыҥҥытааҕар арыый ордук быһыылаах? Ол эрээри үүт аһылык маҕаһыыннарга тоҕо син-биир аҕыйаҕый?
— Былырыын уонна быйыл үүт соҕотуопкатыгар былааммыт уларыйбата — 3748 т. Онон эбиллии суох, былырыын былааммытын кыайан толорботохпут. Бородууксуйа билигин син-биир элбии илик. Быйыл былааммытын толордохпутуна, министиэристибэни кытта үлэлэһэн үүккэ былааммытын үрдэтэргэ соруктанабыт. Оччоҕо бородууксуйа да арыычча элбиэ этэ.
— Бороһуок үүттэн астааһыны саҕалааһын, дьоҕус уотурба собуотун аһан үлэлэтии курдук сонун уонна дьоһун былааннар баалларын суруйбуппут, ити үлэлэр ханнык түһүмэххэ тиийдилэр уонна хаһан олоххо киириэхтэрэй?
— Былырыын бу хамсааһыҥҥа улуустан «Влада» кэпэрэтиип кыттан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэҥҥэ илии баттаспыта. Кэпсэтии быһыытынан быйыл бороһуок үүттэн астаан нэһилиэнньэҕэ таһааран атыылыахтаах этэ. Хомойуох иһин, быйыл ити кыаллыбата. «Влада» кэпэрэтиип эһиил хайаан даҕаны бу дьыаланы олоххо киллэрэр былааннаах.
Бары бэркэ диэн билэбит: ханнык баҕарар маҕаһыын долбуурдара атын эрэгийиэннэртэн кэлбит бакыаттаах үүтүнэн туолан тураллар. Ол иһин манна күрэстэһиини тэрийэммит, олохтоох оҥорон таһаарыыбытын сайыннаран бу хайысханы хайаан даҕаны киллэриэхтээхпит.
Дьоҕус уотурба оҥорор собуот туһунан этэр буоллахха, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус кыттыһыылаах «Кормопроизводство» бырагырааматынан Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата оборудованиетын Новосибирскайга сакаастаабыта. Оҥоһуллан бүтэн собуот ыскылаатыгар сытар. Саҥа дьыл иннинэ тимир суолунан Аллараа Бэстээххэ кэллэҕинэ эмиэ ыскылаакка уураллар, Саҥа дьыл кэнниттэн Үөһээ Бүлүү аннынан улахан массыыналарга мууһунан туорааһын көҥүллэнэҕинэ аҕалтарыахпыт. Аны саас Сүлэ нэһилиэгэр Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньатын базатыгар таҥан туруоран, муус устар-ыам ыйдарыгар собуоту үлэлэтэр былааннаахпыт.
Ыаллыы Сунтаар улууһугар сыл саҥатыгар маннык собуот үлэҕэ киирбитэ. Күһүн баран көрө, билсэ сылдьыбыппыт. Үлэһиттэр барытын сүбэлээн-амалаан биэрбиттэрэ, таҥыытыгар кэлэн көмөлөһөллөрүгэр кэпсэппиппит. Онон кэлэн таҥан биэриэхтээхтэр. Быйыл хомуллубут эбиэспит аҥара уотурба оҥорорго туттуллуоҕа. Салгыы эбиллиэхтээх атын састаабын эмиэ аҕалтарыахпыт. Сайыҥҥа диэри уотурбаны нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарыахпыт.
— Улуус кэккэ тэриллиилээх хаһаайыстыбаларыгар саҥа эдэр салайааччылар ананнылар.
— Бу күһүн улуус 2 улахан хаһаайыстыбата саҥа салайааччыланна. «Күндээдэ» АУо-ҕа бу иннинэ үлэлии сылдьыбыт дириэктэр Александр Прокопьевич Алексеев бэйэтин баҕатынан уурайбытыгар, эрдэ тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар экэнэмииһинэн, онтон «Влада» кэпэрэтиип толорооччу дириэктэринэн үлэлээбит Сергей Александрович Захаров анаммыта. Этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьар. «Күндээдэ» АУо улуус саамай элбэх сүөһүлээх-сылгылаах хаһаайыстыбаларыттан биирдэстэрэ. «Ньурба-Агро МТС» дириэктэрэ Николай Иванович Андреев эмиэ бэйэтин баҕатынан тохтообутугар, дириэктэрдэр Сэбиэттэрин быһаарыытынан Семен Николаевич Николаев ананан, үлэтин эрчимнээхтик саҕалаата. Хаһаайыстыбалар кыстыкка киирэн билигин үлэ-хамнас үгэнэ. Салгыы бу икки улахан тэрилтэбитигэр СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин хайысхатынан финансовай чэбдигирдии бырагырааматыгар кыттарга бэлэмнэнии үлэтэ бара турар.
— Тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга кыстык хайдах ааһан иһэрий?
— Бары тэриллиилээх хаһаайыстыбалар туруктара этэҥҥэ, сөп буолар отторун хааччыммыттара. Бары күүскэ үлэлии олороллор. Быйылгы кыстыкка мөлтөх туруктаах сүөһү-сылгы суох.
— Улууска Үлэ уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сылын чэрчитинэн улуус тыатын хаһаайыстыбатыгар быйыл үлэҕэ киирбит бырайыактар тустарынан кэпсэтиэххэ эрэ.
— Бастатан туран, соҕотуопка салаатыгар кэккэ сылларга буолбатах хамсааһыннары таһааран олоробут. Быйыл үүт соҕотуопкатыгар 3 тэрилтэ үлэлиир. Бу иннинэ биир эрэ соҕотуопка тэрилтэ этэ. 20-чэ сыл кэриэтэ тохтуу сылдьан баран, быйыл хортуоппуй уонна оҕуруот аһын соҕотуопкалыыр тэрилтэ баар буолла. Эмиэ өр сылларга быраҕыллан турбут овощехранилище өрөмүөннэнэн чөлүгэр түһэриллэн, аныгылыы гааһынан сылытыллаан үлэҕэ киирдэ. Билигин үчүгэйдик үлэлии турар. Ньурба к. олохтоохторо овощехранилищеҕа миэстэ баар буоллаҕына, хортуоппуйдарын манна уурар кыахтаннылар. Онон ити курдук үчүгэй хамсааһыннар таҕыстылар.
Инники эппитим курдук, Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньатыгар дьоҕус уотурба собуота кэлэн этэҥҥэ үлэлээтэҕинэ биир улахан ситиһии буолуоҕа дии саныыбын. Былырыыҥҥыттан урбаанньыт Альберт Иванович Васильев Антоновкаҕа халбаһы оҥорор дьоҕус собуоту аһан үлэлэтэр. Улуустааҕы урбаан, эргиэн уонна олохтоох оҥорон таһаарыы департаменын нөҥүө сойуом ылан, быйыл сырьетын, бородууксуйатын харайарыгар холодильнай оборудование аҕалан туруорда. Онон үлэтэ кэҥээн-сайдан иһэр.
Быйыл Хаҥаласка уонна Маалыкайга саҥа хотоннор тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Эмиэ эрдэ эппитим курдук, эбиэспит үчүгэйдик үүннэ, 256 туонна хомулунна. Итиэннэ 1,5 туонна бэйэбит өр сыллаах оппут сиэмэтэ хомулунна. Онон быйыл даҕаны киһини үөрдэр үтүө түмүктэр бааллар.
— Бэтэринээр үөрэхтээх исписэлиис буоларыҥ быһыытынан, эйигиттэн бу салаа үлэтин ыйыппат буоларым сатаммат.
— Бэйэм сүрүн үөрэхпинэн ветврач буоллаҕым. ЯГСХА кэнниттэн Малдьаҕар нэһилиэгин ветучаастагар балтараа сыл ветврачтаабытым. Онтон олохтоох дьаһалтаҕа баһылык солбуйааччытыттан саҕалаан, күн баччатыгар диэри салайар үлэҕэ үлэлээн кэллим. Кэллиэгэлэрбин кытта билсэбин, кэпсэтэбин. Тыа хаһаайыстыбатын департаменын планеркатыгар бэнидиэнньик аайы ветуправлениеттан кэлэн кытталлар.
Ветеринария үлэтэ былааннаахтык ыытылла турар. Ааһан эрэр сылга араас ыарыылар: сальмонеллезнай аборт, ыт бруцеллеһа, эмкар тура сырыттылар. Ветуправление салалтата уонна исписэлиистэрэ суһаллык тэринэн-бэринэн бииргэ үлэлэһэн кэллилэр. Хас да сылы быһа кэтэспит-туруорсубут боппуруостара быһаарыллан эрэр – тэрилтэ территориятыгар баар эбийиэктэрин аныгы ититии систиэмэтигэр – гааска холбооһун. Бу олоххо киирдэҕинэ ветуправлениеҕа биир улахан ситиһии буолуоҕа. Туох эмэ көмө наада буоллаҕына, кэмиттэн-кэмигэр баран сүбэлэһэн-кэпсэтэн бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
— Тыа хаһаайыстыбатын саҥа миниистирэ, биир дойдулаахпыт Артем Александров тыа хаһаайыстыбатын сорох боломуочуйаларын муниципальнай тэриллиилэргэ биэрэр туһунан санаалаах буолбаат?
— Биир дойдулаахпыт Артем Александров өрөспүүбүлүкэ биир тутаах министиэристибэтин салайааччытынан анаммытыгар олус үөрбүппүт, долгуйбуппут. Артем Александрович бу күһүн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын тыатын хаһаайыстыбатын управлениеларын уонна департаменнарын салайааччыларын ыҥыран уопсай сүбэ мунньах оҥорбута. Сыл иһигэр эмискэ уларыйыылар буолуо суохтара, бу үлэлээн кэлбиппит курдук эһиил эмиэ үлэлиэхтээхпит, ол кэнниттэн кэлэр сылларга уларыйыылар киириэхтэрин туһунан иһитиннэрбитэ. Билигин элбэх киһи төбө харчыта оннунан хаалар дуо, үүт харчыта хайдах буолуоҕай, үрдүө дуо диэн ыйытар. Билигин манна олорон төбө уонна үүт харчыта инникитин бачча буолуо диэн кыайан этэр кыаҕым суох. Ол эрээри биир чуолкай: төбө уонна үүт харчыта син-биир баар буолуо. Буолаары турар уларыйыыларга, 2025, 2025 сылларга бэлэмнэнии үлэтэ барыахтаах. Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаһаммыт салгыы үлэлиир санаалаахпыт.
— Леонид Владимирович, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал. Түмүккэ улууспутугар бүгүн тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыга бэлиэтэнэринэн сибээстээн тугу этиэххиний?
— Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлии–хамсыы сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар күүстээх санааны, кытаанах доруобуйаны, тулууру уонна дьулууру баҕарабын. Тулуур, дьулуур баар буоллаҕына үлэ хаһан баҕарар түмүктээх уонна ситиһиилээх буолар. Тыа хаһаайыстыбатын дьарык оҥостон үлэлээн иитиллээччилэри, бэтэрээннэрбитин Ньурбабыт улууһугар тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин Күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Салгыы даҕаны тыабыт хаһаайыстыбата үүнэ-сайда турарыгар, хороҕор муостаахпыт, сыспай сиэллээхпит хаҥыы турарыгар, сылын аайы үүппүт, эппит соҕотуопката этэҥҥэ элбээн-үүнэн иһэригэр баҕарабын. Оҥорор аспыт-үөлбүт бары нэһилиэктэр, Ньурба куорат олохтоохторугар тииһимньилээх буолан, бары эйэ-дэмнээхтик олоруоҕуҥ, улууспут сайдарын туһугар үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ. Доруобай, дьоллоох буолуҥ!
Геннадий Антонов