«Цифровой экэниэмикэ» нацпроект
Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева иһитиннэрэринэн, нэһилиэккэ суотабай сибээс вышкатын тутуу саҕаланна. «Цифровой экэниэмикэ» нацпроект «Цифровой тэҥэ суох буолууну туоратыы 2.0» федеральнай бырайыагынан, Ростелеком 4G стандартаах мобильнай ситимин базовай ыстаансыйата буолар.
«Бу этиллэр бырайыагынан ханна үлэ барыахтааҕын быһаарарга былырыын Госуслугаҕа күүстээх куоластааһын ыытыллыбыта, — диир Мария Пудовна. — Ол түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ 19 нэһилиэгин ортотугар 4-с миэстэ буолбуппут. Бу федеральнай бырайыак 100-500 киһилээх дьоҕус нэһилиэнньэлээх пууннарга телекоммуникационнай инфраструктураны тупсарар аналлаах. Биһиги нэһилиэккэ сибээс мөлтөҕүнэн сибээстээн, бу кыһалҕаны туруорсубуппут ыраатта.
Үөдэй дьоно аҕыйах буоламмыт, кылгас кэм иһигэр бары куоластаан бүтэн, салгыы куолас эбиллэригэр элбэх киһини көмөлөһүннэрбиппит. Госуслугата суох уонна кэлэ-бара сылдьар дьоммутунан кумааҕыны толорон, РФ Цифровой сайдыыга, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга министиэристибэтигэр ыыппыппыт.
Бу кыайыыбыт түмүгэр Үөдэйбитигэр аныгы сибээс ыстаансыйата тутулла турар. Бэдэрээтчитинэн Дьокуускайдааҕы «Смарт Строй» ХЭТ буолар. Ньурбаттан төрүттээх, Дьокуускайга олорор Мичил Корякин уонна Айал Сергеев атырдьах ыйын 23 күнүттэн вышка туруохтаах сирин тэҥнэтэн, вышкатын туруоран, билиги тимир олбуорун оҥоро сылдьаллар. Оборудованиета кэллэҕинэ туруоруохтаахтар. Бу нэдиэлэ бүтэһигэр бүтэрэр санаалаахтар. Онон аныгы түргэн тэтимнээх олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан сибээспит тупсарын нэһилиэк олохтоохторо долгуйа күүтэбит».
Манна эбэн эттэххэ, «Цифровой тэҥэ суох буолууну туоратыы 2.0» федеральнай бырайыак чэрчитинэн 2021 уонна 2022 сс. куоластааһын түмүгүнэн «Ростелеком» 500-кэ тиийбэт киһилээх 28 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сибээс өҥөтүн лаппа тупсарбыт эбит.
Геннадий АНТОНОВ.