Үөрэх, сайдыы суолугар кынат үүннэрбит учуутал

Соторутааҕыта Дагестаҥҥа эрэ буолбакка бүтүн Россия Эбэ Хотун үрдүнэн норуот поэта, үйэлэргэ тыыннаах «Журавли» ырыа тылларын ааптара, төрөөбүт дойдуга уонна киһиэхэ тапталы туойбут Расул Гамзатов төрөөбүтэ 100 сылын туолбута киэҥник бэлиэтэннэ. Сэбиэскэй кэмҥэ кини поэзиятыгар кутун туттарбатах киһи суоҕун да кэриэтэ этэ. Ол курдук хомоҕой хоһооннорго мэҥэ хайалар быыстарынан аламай күн сардаҥалара лезгинканы үҥкүүлээн битийэллэрэ, омугуттан тутулуга суох хас биир киһи олоҕо муҥутуур сыаннас буоларын хоһуйаллара.

Хомойуох иһин, тиһэх сылларга ити эпоха уран тыл маастардарын айымньылара умнууга бара сыспыттара мэлдьэһиллибэт. Кэмниэ кэнэҕэс сыыһабытын өйдөөн аптаах-алыптаах страницалары иккистээн арыйар аакка бардыбыт, көһүйэ көмүһү булбуттааҕар ордук дьоллоннубут.
Манна сыһыаран Расул Гамзатовтан быһа тардыыны сурукка тиһиим эрэ:
«…Люди, люди — высокие звёзды
Мне бы только долететь до вас…»
Сүдү поэт бу тырымныыр сырдыгынан кууһар, күүстээх энергияны иитэр, итии тапталынан угуттуур тыллара миэхэ, эйиэхэ уонна киниэхэ үтүө түөрэҕи түһэрдиннэр диэххэ, кэрэ киһи буолан килбэйиэххэ.

Аны туран дойдуга Учуутал уонна уһуйааччы сыла биллэриллибитинэн сулус дьоннор истэригэр хайаан да маҥнайгынан учуутал киирэрин умнумуохха. Туох барыта силистээх-мутуктаах, ол онтон тирэнэн «СӨ үөрэҕириитин туйгуна», «СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ», үбүлүөйүнэй бэлиэ, Учууталлар учууталлара, өрөспүүбүлүкэ педагогическай альманаҕар киирбит Акана нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Захаровна Алексеева туһунан кэпсиэм.

***
Матырыйаалы оҥорорбор Дьокуускайга 27 №дээх оскуола учууталын кытта биир тэрээһиҥҥэ иһирэхтик сэһэргэһиим олук уурбутун этиэм. Ньурбаттан сылдьарбын истээт кини Евдокия Захаровна диэни билэҕин дуо диэн тоокколоспута. Мин туран кинилиин оскуолаҕа бииргэ үлэлээбиппит диэбитим, дьэ онтон саҕаланна ээ, ол учуутал хааһахтан хостонорго холоонноох кэпсээнэ. Акана оскуолатыгар өр сылларга алтыспыт кэллиэгэм киин куоракка 22 сыл усталаах-туоратыгар география предметын үөрэтиигэ ураты методикатынан таһаарыылаахтык үлэлээн Дьокуускайдааҕы педсообщество тумус туттуллар учууталынан буолбут. Бэлиэтээн эттэххэ, билиҥҥи олохпутугар куорат үгүс үөрэнээччилэрэ айтишник, блогер о.д.а аныгы кэм идэлэригэр санаалара сытар, учуутал буолларбыан диэччилэр олус элбэҕэ суохтар. Маны социология чинчийиилэрэ чуолкайдыыллар, салгынтан оҥорон этиллибэт.

Оттон Евдокия Захаровнаҕа үөрэммит оҕолор кини курдук учуутал буолларбыат диэн педагог идэтин элбэхтэр талбыттарын уонна олоххо ситиһиилэммиттэрин кэпсэтээччим сэһэргээтэ. Кинилэр бары географ учууталлаабатыннар да, диэбитэ кини, үөрэх – билии — сайдыы суолугар Евдокия Захаровнаттан кынат үүннэриннэхтэрэ диэн астынан туран эппитэ. Биири чорботон бэлиэтээбитэ: куорат оҕолоро тыалартан арыый уустуктар, кинилэр ис дууһаларын аһарга «күлүүс» булар уустуктардаах, оттон Евдокия Захаровна араас интеллектуальнай-духовнай таһымнаах, дьиэ кэргэн балаһыанньалаах үөрэнээччилэргэ дьиҥ-чахчы биир эркин курдук эрэнэр аҕа табаарыстарынан буолбута.

Аны манна иккис бэлиэтээһинин эбэн чиҥэппитэ: Кистэммэт, хайа баҕарар педколлективка дьахтар-кыыс учууталлар баһыйаллар. Психология быһаарбытынан эр киһи дьахтар менталкалара араастаһаллар, холобур эмоциональнай турук чааһыгар. Ардыгар, кэрэ аҥардар эмоцияларынан импульсивнайдык салайтарыахтарын сөп, оччотугар конфликт ситуациялара үөскүөхтэрэ ыраахтан кэлбэт.

Оттон Евдокия Захаровна үлэлээбит коллективыгар дэҥ эриэккэскэ да муй-тай саҥа иһиллибэтэх, кэтэх-мөкү санаалар диэннэрэ мэлиһээр эбиттэр. Кэпсэтээччим онно географ-учуутал педколлективка айылҕаттан бэриллибит интеллигентнэй сиэрэ-майгыта эмиэ эркин таһаарсыбыта диэн муос-таас эппитэ оруннаах. Мантан салгыы интеллигент диэн өйдөбүлү кэҥэтэ түһүөххэ.
***
Былыр да быйыл да общество бу араҥатыгар интеллектуальнай үлэннэн дьарыктааччылар киирэллэр. Бу хараҕы киэҥник аспатахха. Дьиҥэр «үрүҥ» үлэһит буоллуҥ да интеллигент дэммэккин, өйдөбүл аһара киэҥ. Гуманист, өркөн өйдөөх академик Дмитрий Лихачев өссө социализм сириэдийэр кэмигэр эппиттээх: «Интеллигент диэн киһиэхэ дууһа сылааһын, сүрэх иэйиитин, аһымал-амарах санааны биэрии, дьон-сэргэ туһугар олоруу, үйэлээҕи үрүлүтүү, кэскиллээҕи кэккэлэтии». Уот харахха этии буолбаат!? Оттон бу араҥаҕа киирэргэ иитиллииҥ, дьоннуун алтыһыыҥ, бэйэҥ ис тутулуҥ, өйүҥ-санааҥ сүнньэ акылаат түһэрэллэр. Ааспыт кэмнэргэ бииргэ үлэлээн ылбыт кэллиэгэбин иэҕэ-чуоҕа суох интеллигентнэй киһинэн ааҕарым булгуруйбат.
***
Тыл дэгэтигэр эрэ эппэтим, чахчылары аҕалыам.
Билигин демография «Көхтөөхтүк сааһырыы — уһун үйэлэнии мэктиэтэ» диэн туһаайыыны иилиир-саҕалыыр, олус үчүгэй. Сааһырдыбыт диэн олорон хааллахпытына кырдьыы ааммытын тоҥсуйан лүһүгүрүтэрэ күүһүрүө турдаҕа. Онон «с песней по жизни» буола сатыырбыт ордуга чуолкай.

Евдокия Захаровна оскуолаттан уурайыаҕыттан таах олорбото, ыарытыйабын диэн муунтуйбата, доруобуйатын бөҕөргөтүнэргэ ылсыспыта. Ити быыһыгар кини Аканаттан тардыылаах үтүө дьоннор тустарынан кинигэлэри редакциялаата, ахтыылары суруйталаата, бэйэтэ «Олохпун сэгэтэн көрдүм», «Айылҕаттан айдарыылаах учуутал», «Олоҕум уһун суола» уонна «Дойдум – Аканам Сатата» кинигэлэри бэлэмнээн, ааптардарга көмөлөһөн күн сирин көрдөрөдө.

Хаһыат кээмэйиттэн тутуллан кинигэлэргэ уһуннук тохтообоппун, бырастыы гыныҥ. Кыларыйар кырдьык, кинигэлэр бары биир тыынынан ааҕыллаллар. Холобур, «Айылҕаттан айдарыылаах учуутал» 2021 с. «Дани-Алмаска» 108 стр. тахсыбыта. Бу кинигэҕэ Ньурба улууһун Аканатын олохтооҕо, төрөөбүт нэһилиэгиттэн халбарыйбакка үүнэр ыччаты математикаҕа умсугутуулаахтык үөрэппит, өрөспүүбүлүкэ бас-көс дьонноро буола үүнэллэригэр олук уурбут РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Мария Ивановна Романова олоҕо, үлэтэ-хамнаһа ахтыыларынан кэпсэнэр. Быһата, бибилэтиэкэттэн ылан ааҕаргытыгар сүбэлиибин. Бэйэтэ туһугар педэнциклопедияҕа холоонноох.

Кинигэҕэ Евдокия Захаровна түмүк тылын аҕалыам: «… Мария Ивановна сырдык аата Акана оскуолатыгар үйэтийиэн, оскуола историятыгар бигэтик суруллан хаалыан ахтыыны суруйбут дьон ыйаллар уонна онно итэҕэйэллэр даҕаны… Үлэлэригэр (саҥа учууталлар) саҥа сүүрээннэри киллэриэхтэрэ, ол эрээри үөрэтии сүрүн принциптэрэ классическай педагогикаҕа тирэҕирэрин умнубаттарыгар, Акана оскуолатын киэҥник ааттаппыт М.И.Романова хаалларбыт үлэҕэ баай уопутун батыһалларыгар баҕарабын. Оскуола педкэлэктиибигэр ситиһиини, айымньылаах үлэни!».

Бу тыллар аттыбытыгар баар дьоннор чаҕылхай сулустар, кинилэр сырдыктарынан айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ, киһи киһитэ, киһилээх киһи, киһилии киһи буоларга кыһаллыаҕыҥ, олохпутун өссө киэркэтиэҕиҥ диэн буоллахтара. Тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар сэмэй кылаатын киллэрбит В.Г. Андреева, учуутал Л.И. Колесникова, М.С. Игнатьева уонна Е.Н. Гаврильев кинигэлэрэ эмиэ дьоҥҥо туһалыыртан ордук дьол суоҕун чопчулууллар.

…Матырыйаалы оҥорорбор Евдокия Захаровнаҕа Дьокуускайга эрийдим, көҥүл ылаары. Сэмэй киһи аккаастаабытын тыл сүөгэй сүмэтин холбуйбутум син туһалаата, кылгастык оҥоруоххун сөп диэтэ. Онуоха эбии үөрэппит оҕолоро, билигин ситиһиилээх дьоннор кэлэннэр түбүк үөһүгэр түспүтүн эбэн эттэ. Тута мин өйбөр «Учуутал дьоло — үөрэппит оҕолоругар» диэн бэргэн этии көтөн түстэ.

Сурукпун Гамзатов сулустарыттан саҕалаабытым, ону туомтуу тардарбар учуутал, уһуйааччы Евдокия Захаровна Алексеева «дьиҥэр хас биирдии киһи, оҕо, үөрэнээччи куйаар сулуһа, ону сыччах көрдөөн булуохха» диэбитинэн түмүктүөм.

Афанасий ИВАНОВ.