🍀Саха норуотугар Ыһыах диэн Айыылар сиргэ муҥутаан чугаһыыр кэмнэригэр Алгыс түһэрэн, кэлэр дьылы этэҥҥэ туоруурга, дьон-сэргэ олоҕун саха сиэринэн тускулуур, өйү-санааны сааһылыыр Ытык үгэс.
☘️ От ыйын 11 күнүгэр Ньурбатааҕы Судаарыстыбаннай тыйаатырга, Ньурба оройуонун култуураҕа департаменын көҕүлээһининэн, Ньурба оройуона (Марха улууһа) төрүттэммитэ 200 сылыгар анаммыт «Удьуор утума» ыһыахха, Амма улууһугар ыытыллыбыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар, Дьокуускай куоракка олохсуйан олорор биир дойдулаахтарбытыгар анаммыт Түмсүү ыһыаҕар, Туймаада хочотугар Үс Хатыҥ сиригэр ыытыллыбыт ыһыахха күүс- көмө буолбут, тэрийсибит дьоммутун, ону тэҥэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр кыайыылаахтарын эҕэрдэлиир, Үрүҥ тунах ыһыахтары түмүктүүр, «Ньурба оройуона» муниципальнай оройуон баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев, Ньурба улууһун култуураҕа департаменын салайааччыта Розалия Михайловна Тихонова, Ньурба оройуонун спорт управлениетын салайааччыта Роберт Александрович Алексеев, Ньурба оройуонун урбаан уонна атыы-эргиэн департаменын салайааччыта Пан Михаил Маркович кыттыылаах ыытылынна.
☘️ «Ньурба оройуона»муниципальнай оройуон баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев Марха (Ньурба) улууһа төрүттэммитэ 200 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт ытык бэлиэни, ураты мандардаах, алмаас таас курдук хурустаал чорооннору бар дьоммутугар бэлэх оҥорон, улууспут нэһилиэктэрин баһылыктарыгар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ туттарда.👍
🥇Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ Ньурбачаан нэһилиэгин «Түмсүү»норуот айымньытын киинэ уус-уран салайааччыта Иванова Алена Юрьевна “Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна” бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадаланна, «Сата Уустара” түмсүү салайааччыта, тимир ууһа Ариан Васильевич Афанасьевка Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, уран-уус тарбахтаах иистэнньэҥ Нюргустана Иннокентьевна Яковлева «Ньурба оройуонун норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара” үрдүк аат иҥэрилиннилэр.
🎉Бука бары ыҥырыылаах ыалдьыттар Бочуоттаах грамоталарынан, Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр. Үөрүүлээх чаас СӨ култууратын туйгуна Дора Бурнашева толоруутугар, бука бары сөбүлүүр «Ньурбам уота» ырыанан түмүктэннэ.
🎖️Түмүккэ быстах байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уоланнар кэргэттэрэ тэрийбит «Маскировочнай сетка» өрөргө аахсыйаны тыйаатыр инниттэн саҕалаатыбыт. Аахсыйа салгыы Ньурба куорат пааркатыгар барыа.
🎉🙌🏻Түгэнинэн туһанан, Ньурбабыт дьонугар, биир санаанан салайтаран, бииргэ ылсан, кыайа тутарбытыттан астынан туран, барҕа махталбытын этэбит. Үгүс үтүөнү-кэрэни баҕара хаалабыт.
*Ньурба култуурата*