Ыһыы – сыыппара хараҕынан

🌾🌾🌾СӨ Сир оҥорор сулууспатын Ньурба улууһугар кылаабынай агронома Егор Филиппов иһитиннэрэринэн, улуус үрдүнэн 318 гааҕа туорахтаах култуура ыһыллара былааннанар.

Ол иһигэр 270-ча гааҕа эбиэс, уоннааҕыта дьэһимиэн. 100 гааҕа — элбэх сыллаах от уонна сиилэскэ анаан 406 гааҕа эбиэс ыһыллыахтаах. Ол иһигэр 216 гааҕа – «Күндээдэ» АО, 80 гааҕа – «Ньурба-Агро МТС», 40 гааҕа – «Сиибиктэ» бааһынай хаһаайыстыба уонна кыра хаһаайыстыбалар. «Ааспыт күһүҥҥүттэн сонун сүүрээммит — ходуһа үүнүүтүн үрдэтэр инниттэн, сири таҥастаабакка подсев ньыматынан — «Вредо» сиэйэлкэнэн элбэх сыллаах оту ыһан боруобалыы сылдьабыт, — диир Егор Геннадьевич. — 12 гааны Маарга техникум сиригэр ыстарбыппыт, билигин эбии ыһына сылдьар.

Быйыл эмиэ Маарга Е.Е.Иванов уонна Капустин бааһынай хаһаайыстабалара ыһаллар, Егор Егорович номнуо ыһан бүтэрдэ. Маартан бүттэхтэринэ, Хаҥаласка «Артыал» кэпэрэтиип бааһынатыгар ыһыллыахтаах. Онтон салгыы «Вредо» сиэйэлкэбит Маалыкай түбэтигэр баран үлэлиирэ былааннанар. Күһүн Ньурба диэкки эргиллэн кэллэҕинэ мэччирэҥ сирдргэ эмиэ элбэх сыллаах от сиэмэтин ыстарар санаалаахпыт. Мэччирэҥнэргэ от үүнүүтэ мөлтөөбүтүнэн сибээстээн.

Итини таһынан улуус үрдүнэн 288 гааҕа хортуоппуй уонна 56 гааҕа оҕуруот аһа олордуллара былааннанар. Бу нэдиэлэ бүтэһигиттэн дьон күүскэ хортуоппуй олордуутугар турунаары сылдьар».

Геннадий Антонов

Читайте дальше