Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Ньурба к. «Кыталык» КД-гар улуус уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа уонна үлэ династияларын чиэстээһин ыытылынна.
Улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Василий Семенов эҕэрдэ тылыгар Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы уонна Исидор Бараховы кытта биһиги биир дойдулаахтарбыт Степан Васильев, бырааттыы Семен-1 и Семен-2 Донскойдар, Михаил Мегежекскэй, Александр Габышев эмиэ тэҥҥэ Саха сирин судаарыстыбаннаһа олохтонуутугар үлэлээбиттэринэн улуус дьоно-сэргэтэ киэн туттарын, кэнники сылларга Семен Сюльскэй, Александра Овчинникова, Анастасия Данилова, Варвара Петрова уо.д. улахан эппиэтинэстээх дуоһунастарга үлэлээн төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин социальнай-экономическай сайдыытыгар бэйэлэрин дьоһун кылааттарын киллэрбиттэрин, кинилэр олохторо-үлэлэрэ үтүө холобур буоларын бэлиэтээтэ. 1990 сыл балаҕан ыйын 27 к. СӨ судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыытын кэннэ Саха сирэ бэйэтин саҥа историческай түһүмэҕэр киирбитин, кэнники өрөспүүбүлүкэҕэ туох ситиһиллибитэ барыта бу сүҥкэн суолталаах түгэни кытта ситимнээҕин тоһоҕолоото. Улуус үлэтиттэн-хамнаһыттан билиһиннэрдэ уонна бүгүн идэлэригэр бэриниилээх үлэ династияларын чиэстээһин ыытылларынан сибээстээн, үлэ династиялара улуус уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэлэрин дьоһун кылааттарын киллэрэллэрин бэлиэтээн туран, кинилэргэ истиҥ-иһирэх махталын тиэртэ.
Василий Николаевич Ньурбатааҕы техникум үлэһитэ Ильин Михаил Николаевичка СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин Бочуотунай грамотатын уонна Иванова Марфа Андреевнаҕа «РФ үөрэҕин тиһигин бочуоттаах бэтэрээнэ» түөскэ кэтиллэр бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Бу кэнниттэн Ньурба к. баһылыгын солбуйааччыта Павел Необутов эҕэрдэлээтэ. СӨ Ил Дархана быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылын биллэрбитинэн сибээстээн, улууска үөрэх уонна доруобуйа эйгэтигэр өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар 5 үлэ династияларын сыанаҕа ыҥыран чиэстээтилэр. Василий Семенов Аканаттан учуутал Егоровтар, Өҥөлдьөттөн учуутал Ивановтар, Ньурба куораттан эмчит Третьяковтар, Күндээдэттэн учуутал Филипповтар уонна Дмитриевтэр династияларыгар улуус баһылыгын аатыттан Махтал суруктары туттарда. Күндээдэттэн учуутал, спорт бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи, суруйааччы, билигин биһиги ортобутугар суох Ахмет Андреевич Дмитриев оҕолоро, сиэннэрэ элбэх буолан тахсыбыттара улахан сэргэхсийиини-сэҥээриини үөскэттэ.
Ньурба к. 2 №-дээх орто оскуолатын учуутала Мария Капустина уонна Клавдия Егорова (учуутал Егоровтар династиялара), фтизиатр-быраас Маргарита Герасимова уонна Дьиикидмэ ФАП-ын биэлсэрэ Марина Герасимова (медик Третьяковтар династиялара), Ньурба к. 1 №-дээх оскуолатыгар учууталлаабыт Вера Семенова (учуутал Филипповтар династиялара), Кристина уонна Эллэй Дмитриевтар (учуутал Дмитриевтэр династиялара) тахсан өр сыллар тухары идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьар дьиэ кэргэттэрин династияларын билиһиннэрдилэр. Билигин Дьокуускайга баар кэргэннии медиктэр, хирург-онколог Руслан Жирков уонна кини кэргэнэ, гинеколог Вера Жиркова куйаар ситиминэн кыттыыны ыллылар, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын сырдатар кэрэхсэбиллээх видео көһүннэ. Үлэ династиялара сүүһүнэн сылларга биир идэҕэ хайдах курдук бэриниилээхтик үлэлээн-хамсаан кэлбиттэрин дьон биһирии-кэрэхсии иһиттэ. Саалаҕа мустубут дьон ортотугар элбэх улахан кылаастар үөрэнээччилэрэ бааллара инники кэскилбитигэр эрэллээх буолууну күүһүрдэр.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Федор Ушканов уонна улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Наталья Павлова үлэ династияларын эҕэрдэлээтилэр, эмп үлэһиттэригэр бэлэх-туһах туттарылынна.
Маннык тэрээһин улууска үгэс курдук сылын аайы ыытыллара былааннанар. Бу сыл бүтэһигэр улуустааҕы үлэ династияларын Бочуотун кинигэтэ баар буолуоҕа, билигин балаһыанньата оҥоһулла сылдьар. Манна улууска норуот хаһаайыстыбатын араас эйгэтигэр өр сылларга үлэлээн улууспут социальнай-экэнэмииичэскэй сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит үлэ династиялара киллэриллэр буолуохтара.
Геннадий Антонов