Ааспыт ыйга Бүлүү улуустарын социальнай эйгэтин үлэһиттэрин зональнай сэминээр-сүбэ мунньах кэмигэр Ньурба к. олохтооҕо Меркурий Казаков быыстапкаҕа кыттыбыта. 28 саастаах, 2 оҕолоох ыал аҕата. Уһаммыта 4 сыл буолбут. Дьон сакааһынан тиит, бэс мастартан дьиэ тээбириннэрин барытын оҥорор. Бэйэ дьарыктаах быһыытынан үлэлиир.
«Бастаан тутууга үлэлээбитим, ол сылдьан дьон мастан хайдах уһанарын көрөн бастаан наличниктары оҥортоон, устунан маһынан сөбүлээн уһанар буолбутум, — диэн кэпсиир Меркурий Казаков. — Бастаан бэйэм кыахпынан үлэлээбитим. Сүрүннээн куукуна миэбэлин, остуол, олоппос, ыскамыайка уо.д.а. оҥоробун.
Социальнай хантараагынан 250 тыһ. солк. биэрбиттэрэ. Токарнай станогу уо.д.а. уһанар тэрили атыыласпытым. Былырыын бырайыак оҥорон көмүскээн, 350 тыһ. солк. улуус баһылыгын гранын ылбытым. Ол харчытыгар ЧПУ станок булуммутум. Оһуордаах-мандардаах иһиттэри, нобуордары оҥорор буолбутум. Улууспутугар маннык көмөлөр бааллара абыраллаах дьыала. Бэйэ дьыалатын саҕалыыр эбэтэр сайыннарар баҕалаах дьон ылыммыт былаанын олоххо киллэрэригэр улахан төһүү буолар. Табаарым хамаҕатык атыыга барар, дьон маннык оҥоһуктарга наадыйар эбит. Билигин дууп уонна тиит мастан киһи уҥуохтарын оҥорон саҕалаатым».
Кэпсэтиигэ Меркурий аҕата Александр Казаков кыттыһар: «Ньурбаҕа 2D, 3D модель оҥорор идэлээх дьон наада эбит. Бу бүтүн өрөспүүбүлүкэ да үрдүнэн кыһалҕалаах боппуруос быһыылаах. Биһиги көрдөөн-көрдөөн соҕуруу куораттарга эрийэн сакаастаан оҥорторобут. Дьиҥинэн, итиннэ киһи биисинэс курдук туһунан дьарыктаныан, эдэр дьон үөрэнэн итинниккэ ылсыахтарын сөп этэ. Олох ирдэбилинэн ЧПУ станоктар элбээн иһэллэр. Ону саҥаттан саҥаны оҥорорго анал бэлэмнээх-үөрэхтээх киһи наада».
Сүрүн хаартыскаҕа Меркурий аҕата Александр Казаковтыын.
Геннадий АНТОНОВ.
—