2-с Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ бэлиэтэннэ

Балаҕан ыйын 3 к. – Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ. Киһи-аймах историятыгар саамай үгүс сүтүктээх-алдьатыылаах, 6 сыл устата салҕанан барбыт 2-с Аан дойду сэриитэ түмүктэммитэ 79 сыл туолла. Фашистскай Германия союзнига империалистическай Япония сэриигэ хотторбутун билинэн капитуляциялаабыт күнэ. Германияны урусхаллааһыҥҥа сүрүн оруолламмыт модун күүстээх Сэбиэскэй Сойуус бэйэтин союзниктарын иннигэр ылыммыт эбээһинэһин толорон, Японияны утары сэриигэ киирэн бэрт кылгас кэм иһигэр 1 мөл. тахса киһилээх Квантунскай аармыйатын урусхаллаабыта кыайыыны лаппа түргэтэппитэ, ийэ сиргэ кэтэһиилээх или-эйэни аҕалбыта.

Бу бэлиэ күҥҥэ аналлаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ньурба куорат олохтоохторо Бүтүн Арассыыйатааҕы “Кыайыы ойуура” аахсыйаҕа кытыннылар. Аахсыйа соругунан хас биирдии өлбүт саллаат уонна тыыл үлэһитин кэриэһигэр мас олордуута буолар. Ньурба куоракка уопсастыбаннай миэстэлэргэ 50 мас үнүгэһин олортулар. Бу үтүө дьыаланы салҕаан, куораппыт олохтоохторо дьиэлэрин эбэтэр үлэлиир тэрилтэлэрин тастарыгар мас олордуохтара. Балаҕан ыйын устатыгар Сергей Васильев пааркатыгар уонна Кыайыы болуоссатыгар мас олордуута былааннанар.

Сэбиэскэй Сойуус Геройа майор Н.Н.Чусовской төрөөбүт нэһилиэгиттэн — Антоновкаттан «Кыайыы уотун эстафетата» улуустааҕы патриотическай аахсыйа саҕаланна. “Кыайыы уота” Дьокуускай к. Кыайыы болуоссатын мэҥэ уотуттан ылыллыбыта.

Николай Чусовской скверин аттыгар манна аналлаах тэрээһин ыытылынна. Кыайыы уотун эстафетата кэлэр сыл ыам ыйын 9 күнүгэр диэри улуус бары нэһилиэктэрин кэрийэн айанныаҕа. Улуу Кыайыыны сэрии толоонугар саа-саадах тутан уонна тыылга дьүккүөрдээх үлэтинэн уһансыбыт аҕа көлүөнэ дьон геройдуу олоҕун-үлэтин үйэтитэр араас тэрээһиннэр, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар, аҕам саастаах дьоҥҥо тимуровскай үлэлэр уо.д.а. ыытыллыахтара.

“Ньурба” хаһыат