Күндээдэ нэһилиэгэр Ийэ тыл күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытылынна

Олунньу 17 күнүгэр Ийэ тыл күнүгэр анаан  Күндээдэҕэ олохтоох бибилэтиэкэҕэ бибилэтиэкэ үлэһитэ Татьяна Аркадьевна  дьыктаан суруттарда. Эдэр  саха тылын  учуутала Анджела Александрова дьыктаан  түмүгэ тахсыар диэри  сахалыы остуол оонньуутун: хабылыгы, хаамысканы оонньотто.

«Бастыҥтан-бастыҥ суруксут»  — Захарова Татьяна Павловна, «Бастыҥ суруксут» — Романова Акулина Николаевна, «Үчүгэй суруксут» — Филиппова Лидия Прокопьевна, Максимова Христина Ахметовна дьыктаан түмүгүн таһаарыытыгар бэлиэтэннилэр.

..Ийэ тыла суох киһи –
Иннэ-кэннэ суох киһи.

Өбүгэттэн ситимэ,
Ийэ сиртэн тирэҕэ,
Айыылартан арчыта,
Бар дьонуттан алгыһа
Суох бу муммут киһиэхэ….

…Умса түһүү ыарыытын
Уҕарытар күүс буолар,
Мүччү тутуу аһыытын
Мүлүрүтэр күүс буолар
Төрүт тыл киниэхэ –
Ийэ тыллаах киһиэхэ….

…Айар-тутар дьолунан
Дьалкыһыйар олоҕу,
Өрөгөйдүүр үөрүүнэн
Күлүмүрдүүр туругу
Арай ситэ билбэккэ,
Кынаттанан көппөккө
Сатыы хаамар ол киһи –
Ийэ тыла суох киһи….

Акулина Романова