Аҕаларын, ийэлэрин туйахтарын хатаран

Былыр-былыргыттан олорорго биир саамай уустук, кытаанах усулуобуйалаах хотугу куйаарга тус-туспа алааһынан олорор бигэ туруктаах дьиэ кэргэннэр эрэ тулуйан олорон, оҕо-уруу төрөтөн, үлэлээн-хамнаан бэйэлэрин кэннилэриттэн ааттарын ааттатар кэнчээри ыччаты хаалларар кыахтаахтара. Биир дойдулаахпыт бөлүһүөк Ксенофонт Уткин суруйарынан “Аҕа – дьиэ кэргэн сүнньэ, туллубат тутааһына. Тирэҕэ. Сирдьитэ. Эрэлэ”… “Мать – начало начал семьи, носительница и хранительница семейных традиций. Ыал ийэтинэн”. Бу өйдөбүлгэ өйө-санаата, майгыта-сигилитэ, тутуута-хабыыта, асчыта-үөлдьүтэ, ону таһынан бэрээһинэ-тэрээһинэ барыта киирэр.

Үөһээ Бүлүү Ороһутугар норуот педагогикатын музейын тэрийбит уһулуччулаах этнопедагог К.С.Чиряев бэлиэтииринэн “Аҕа – ыал олоҕун сүрүннээччи, кэскиллээх уустук өйү-санааны киллэрээччи… сахалар көнө-көрсүө, чиэһинэй, үчүгэй үлэһит, дьонумсах, айылҕаны харыстыыр, дьону-сэргэни ытыктыыр, элбэх сатабыллаах, күүстээх-күдэхтээх, ыалдьытымсах киһини иитэргэ кыһаналлара. Оннук иитиллибит кыыс —  ыал маанылаах ийэтэ, уол – булчут бэрдэ, үлэһит хоһууна, үтүө-мааны аҕа буолар аналлаах…”. Уонна бу суруйбутун бигэргэтэн Константин Спиридонович республика араас оройуоннарыгар олорор бастыҥ ыалларын холобур оҥостон суруйар эбит.

Бу ытык-мааны дьоммут эппит этиилэригэр, суруйбут суруктарыгар сөп түбэһэн  ахтыллар ытык ыаллар биһиги Ньурбабытыгар эмиэ элбэхтэр, бааллар диэн бигэргэтиэхпин сөп. Маннык кэпсэлгэ сылдьар ыаллар тустарынан дьон өйүгэр-санаатыгар да хааллаҕа, сурукка да тиһилиннэҕэ.

Мин балартан Дмитриевтар диэн ыал туһунан кылгастык сэгэтэн кэпсии түһүүм. Эдэр сааспар тыаҕа олорбут, үлэлээбит буолан бу Ньурба ытык-мааны ыалын кытары ыкса алтыспатах да буолларбын оҕолорун кытары бииргэ үлэлээбиппитинэн бу сурукка тистим.

Гаврил Романович уонна Клеопатра Сергеевна Дмитриевтары Ньурбаҕа олорор, үлэлиир кэмнэригэр билбэт киһи аҕыйах буолуо. Ньурбачаантан төрүттээх Гаврил Романович 1943-1946 сс. Забайкальскай фроҥҥа сулууспалаан баран дойдутугар төннөн үлэлээн баран Дьокуускайга юридическай оскуоланы бүтэрэн 1950-1957 сс. Бүлүүгэ прокурор көмөлөһөөччүтүнэн, Уус-Майаҕа прокурорунан үлэлээбитэ, Ньурбатааҕы райисполком сэкирэтээринэн үлэлииригэр мин төрөөбүт Хорулабыттан райсовет депутатынан талыллыбыт эбит.

Ону кини 1998 сыл бэс ыйын 10 күнүгэр Хорула биир талааннаах ыччата Алексеев Валерий Васильевич “Сайылык ыччаттара” диэн 2000 с. аҕыйах экземплярынан Хаҥалас оройуонун 2-с Дьөппөнүгэр үлэлии олорон таһаарбыт дьоҕус кинигэтигэр киллэрбит ахтыытыгар бу курдук суруйбут: “…1957 сыллаахха Хорула нэһилиэгиттэн оройуон советыгар депутатынан быыбардаммытым уонна райсовет исполкомун сэкирэтээринэн талыллан 4 сыл устатыгар үлэлээбитим. Онон нэһилиэк салалтатыгар кэнники кэлбит Хорула салайар элбэх ыччаттарын кытары өр сылларга бииргэ алтыһан үлэлээн ааспытым…”. Бу ахтыытыгар архыып матырыйаалларыгар олоҕуран Хорула хас да көлүөнэ үлэһит дьонун туһунан бэрт иһирэхтик суруйбутун сэргээн аахпытым.

Мин Гаврил Романовиһы орто оскуоланы бүтэрэн,  СГУ-р үөрэнэн иһэн Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан 1964-1967 сс. сулууспалаан дойдубар  кэлэн учууталлаан, 1974 с. тохсунньу ыйтан Хорула аҕыс кылаастаах оскуолатын дириэктэринэн ананарбар бастаан көрсүбүтүм. Кини онно ССКП райкомун тэрийэр отделын инструкторынан үлэлии сылдьара. Кэлин бэйэм ити отделга үлэлии киирэн баран Гаврил Романович бу эппиэттээх үлэҕэ 20 сыл устата хайдах үлэлээн ааспытын, үлэтин, оройуонун олоҕун, кадрдарын биэс тарбах курдук билэр буолан ким да кэлэн бастакы сирэйинэн үлэлээтэр Гаврил Романовиһа суох сатамматтарын билбитим. Оскуолаҕа үлэлиир сылларбар оройуон учууталларын “августовскай” мунньахтарын иннинэ нэһилиэктэртэн мунньахтыы киирбит учууталлар медосмотр барарбыт. Онно дьэ уочарат бөҕө буолааччы. Санэпидстанция кыракый дьиэтигэр ким ханна барарын, тугу туттарарын Клеопатра Сергеевна күлэ-үөрэ ыйан биэрэрин аатын сүрдээҕин муодарҕыы истибиппин өйдүүбүн. Санэпидстанцияҕа тиийдибит да кини куруук баар буолара. Бэйэбит 5 оҕобутун кэргэмминээн иккиэн үлэлии-үлэлии улаатыннарбыт буолан, Клеопатра Сергеевна өр сыллаах үлэтин уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтин түбүгүн хайдах дьүөрэлээбитин сөҕүөххэ эрэ сөп.

Бу ыал түбүктээх, эппиэттээх үлэлэрин таһынан оҕолорун иитиигэ утумнаах сиэрдээх үлэни ыыппыттара кинилэр оҕолорун үлэлэригэр, дьоҥҥо сыһыаннарыгар, олоххо көрүүлэригэр ырылыччы көстөр. Кинилэр төрөппүт, ииппит сэттэ оҕолоро хас биирдиилэрэ талан ылбыт идэлэринэн төрөөбүт сирдэригэр, республикаҕа ситиһиилээхтик үлэлээн-хамнаан, сахалыы эттэххэ “аҕаларын, ийэлэрин туйахтарын хатаран”, кинилэр ааттарын дорҕоонноохтук ааттатар дьон буолан таҕыстылар.

Сэттэ оҕоттон түөрдэ тыа хаһаайыстыбатыгар, икки кыыс доруобуйа харыстабылыгар, норуот үөрэҕириитигэр, кыра уол авиацияҕа идэ ылан ситиһиилээхтик үлэлээтилэр, үлэлии сылдьаллар. Ыал улахан оҕотун Роман Гаврильевиһы кытта төрөөбүт оройуоммутугар “Ньурба” сопхуоска, райком аппаратыгар, улуус дьаһалтатыгар бииргэ үлэлээн ааспыппыт. Кини кэккэ сылларга оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн, “Чаппанда” сопхуос дириэктэринэн, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытынан,  Ньурба куоратын, улуус баһылыгынан ситиһиилээхтик үлэлээн ааспыта. Ньурба улууһун баһылыгынан үлэлиир кэмигэр олохтоох салайыныыга көһүү ыытыллыбыта. Улуус республикаҕа биир биллэр-көстөр үлэлээх, промышленность, тыа хаһаайыстыбата, социальнай сфера тэҥҥэ сайдар улууһа буолбута. Роман Гаврильевич кэскиллээх үлэһит быһыытынан республика тыатын хаһаайыстыбатын министиринэн ананан 2007-2009 сс. үлэлээбитэ. Салгыы республика АПК-тын тутаах тэрилтэлэрин Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын, Хатастааҕы сибиинньэ комплексын генеральнай дириэктэринэн бочуоттаах сынньалаҥҥа  барыар диэри үлэлээбитэ. Ханна да үлэлээтэр үлэтигэр саҥа сүүрээни киллэрэргэ, салайар тэрилтэлэрин үлэһиттэрин биир сыалга түмэргэ, үлэлиир усулуобуйаларын тупсарарга кыһаллара. Сыралаах үлэтэ сөпкө сыаналанан киниэхэ СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, РФ АПК-н бочуоттаах үлэһитин, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгунун ааттара иҥэриллибитэ.

Дмитриевтар иккис оҕолоро, ыал улахан кыыһа Наталья Гаврильевна эмчит идэлээх, тапталлаах ийэтин Клеопатра Сергеевна үтүө холобурунан, оҕо сааһыттан баҕарбыт идэтин баһылаан олоҕун республика нэһилиэнньэтин доруобуйатын харыстабылыгар анаата, үрдүк чыпчааллары ситистэ. Мин кинини быраас идэтин ылан Ньурба оройуонун Күндээдэтигэр участковай бырааһынан анаммытын кэннэ истибитим. Эдэр быраас билиитинэн-көрүүтүнэн, дьоҥҥо эйэҕэс сыһыанынан Күндээдэ дьонугар сүрдээҕин сөбүлэппит этэ. Биир мунньахха үлэлиир балыыһатын туһугар туруорсуулаах этии оҥорбутун өйдүүбүн. Үс сыл үлэлээн баран идэтин салгыы үрдэтэн Дьокуускай куоракка өр сылларга доруобуйа харыстабылыгар айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Уруккута “Золото Якутии” АК балыыһата, билигин Реабилитационнай киин диэҥҥэ иллээх үлэһит кэлэктииби салайан республика араас муннуктарыттан кэлэн эмтэммит, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрбит дьон махталларын элбэхтик истэбин. РФ уонна Саха республикатын үтүөлээх бырааһа Наталья Гаврильевна билигин да сөбүлүүр идэтинэн үлэлии-хамныы сылдьар. 1989 с. “Якутзолото” тэрилтэ балыыһатын кылаабынай бырааһа Логлорова ыҥыран стационар сэбиэдиссэйинэн аныыр. Дьэ онтон ыла Наталья Гаврильевна салалтатынан бу балыыһа бас билээччитэ уларыйан, хаста эмэтэ аата уларыйан билигин 3 №-дээх республиканскай клиническай балыыһа эмтиир чөлүгэр түһэрэр киинэ (ЛРЦ) диэн ааттанан республика олохтоохторун доруобуйатын тупсарыыга дьоһуннаах кылаатын киллэрэр. Бу күннэргэ киниэхэ Күндээдэ нэһилиэгин “Ытык олохтооҕо” аат иҥэрилиннэ.

Клеопатра Сергеевна балтыттан ииппит кыыһа Анна Андреевна СГУ-р математика учууталын идэтин ылан өр сылларга математика учууталынан, цеховой комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэн үлэлиэҕиттэн билэбин. Дьаархан комсомольскай тэрилтэтэ үчүгэй үлэлээҕинэн биллэр этэ, ити кэмҥэ Анна Андреевна үлэтин сыаналаан “Лучшему учителю комсомольцу” бэлиэнэн наҕараадалаабыттара, Ньурба оройуонун хаһыатыгар “Сэкирэтээр Ааныска” диэн ыстатыйа тахсыбыта. Кэргэнэ Петров Николай Николаевичтыын Ньурба оройуонугар  ыччаты үөрэтиигэ, иитиигэ өр сыл ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ, үөрэнээччилэрэ кинилэри үтүө тылынан ахталлар.

Дмитриевтар оҕолоруттан Сергей Гаврильевиһы кытта ордук уһуннук бодорустум. Кини мин “Ньурба” сопхуос парткомун сэкирэтээринэн үлэлии сылдьар кэммэр ветеринарнай быраас идэтин ылан оройуонугар үлэлии кэлбитэ. “Марха” сопхуоска кылаабынай ветвраһынан ананан үлэтин саҕалыыр. 1992 с. саҥатыгар Россия оччотооҕу Президенэ Б.Ельцин ыйааҕынан оройуоннарга Сэбиэттэр салайар систиэмэлэрэ тохтотуллан оройуон дьаһалтата диэн тэриллэр. Саха республикатын бастакы Президенэ М.Е.Николаев 1992 с. тохсунньу 13 күнүнээҕи Ыйааҕынан Ньурба оройуонун дьаһалтатын баһылыгынан Валентин Иванович Никифоров ананар. Эдэр салайааччы бэйэтин тула эдэр салайааччылары түмэр. Онон Сергей Гаврильевиһы хамаандатыгар ыҥыран тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытынан, Баһылык солбуйааччытынан аныыр.

Онон урукку сокуоннар тохтотуллубут, саҥа сокуоннар хайдах үлэлииллэрэ биллибэт эбэтэр суох, үп-харчы кырыымчык, хааччыйыы эйгэтэ ыһыллыбыт кэмигэр бу эдэр дьоннортон таҥыллыбыт оройуон салалтата олус түмсүүлээхтик, уопсай сүбэнэн үлэлээн ааспыттара. Аны бу кэмҥэ Накыыҥҥа алмаас трубката көстөн сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан биллэр Ньурба оройуонугар алмаас промышленноһа сайдар саҕахтара арыллыбыттара.

1995 сылга быыбар түмүгэр саҥа хамаанда кэлэн Сергей Гаврильевич бэйэтин идэтинэн оройуоннааҕы ветуправлениены салайбыта. Үлэлии киирэн баран тэрилтэ материальнай-техническай хааччыллыытын тупсарарга күүскэ үлэлээбитэ, ол курдук чинчийэр лаборатория дьиэтин туттарар, улуус лечебницаларын оҥотторор, республикаҕа бастакыннан ветеринарнай-экологическай музей тэрийбиттэрэ, сүҥкэн улахан көмөнү общественнай эколог Тобонов Афанасий Ильич уонна Федоров Афанасий Григорьевич оҥорбуттара. 1996 с. Тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректорын А.Н. Владимировы кытта кэпсэтэн Ньурбаҕа көһө сылдьар үөрэххэ ылар комиссия кэлэн үлэлээбитэ, ол түмүгэр 24 оҕо академия араас факультеттарыгар киирэн билигин исписэлиис буола сылдьаллар. Онно үлэлии сылдьан мин бииргэ үөскээбит, ветврач идэлээх биир дойдулаахпын Афанасий Ильич Тобоновы өйөөн ракета тобохторо түһэр төрөөбүт Хорулам сиригэр научнай экспедициялары тэрийэн чинчийии ыыттаран аны ракета тобоҕо түспэт буолбутуттан биир дойдулаахтарым улаханнык махтаналлар. Ол да иһин Сергей Гаврильевиһы Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо оҥордохторо.

С.Г.Дмитриев куоракка көһөн идэтинэн салгыы үлэлии сылдьар. Саха республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, спорт бэтэрээнэ.

Хаҥалас оройуонуттан төрүттээх кэргэнэ Людмила Васильевнаны кытта оройуон дьаһалтатыгар кэккэ сылларга бииргэ үлэлээн ааспыппыт. Бэйэтин дьыалатын үчүгэйдик билэр, принципиальнай, наҕыл майгылаах үлэһитинэн билэбин.

Ыал үһүс уола аҕатын аатын сүгэр Ганяны кытта алтыһыым аҕыйах. Оскуоланы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрэн баран эмиэ убайдарын курдук тыа хаһаайыстыбатын идэтин талбыта. Мин “Ньурба“ сопхуоска үлэлии сырыттахпына Ганя кэлэн практикаламмыта. Онно биир түбэлтэни өйдөөн хаалбытым. Арай биирдэ исписэлиистэр Ганя туһунан кэпсэтэллэрин иһиттим: «Дьэ, бу Ганяттан чахчы тыыппалаах үлэһит тахсыыһы,» — дииллэр. Онтум ынах ыалдьан сүөһү буолуо суох диэн  турдахтарына тутан-хабан көрөн баран эпэрээссийэ оҥоруохха диэн ынаҕы быыһаан ылбыт этэ.

Үөрэнэ сылдьан наукаҕа дьоҕурдааҕын биллэрбитэ, общественнай үлэҕэ ыччат лидера этэ. Үрдүк үөрэхтээх исписэлиис быһыытынан төрөөбүт оройуонугар үлэлээн баран, кэскиллээх үлэһит быһыытынан Дьокуускайга ветеринария департаменын салайааччытын солбуйааччытынан, республиканскай лаборатория дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кэтэхтэн аспирантураны бүтэрэн Бүлүү регионын экологиятыгар диссертация бэлэмнээбитэ. Бу курдук айымньылаахтык үлэлии сылдьан орто дойду олоҕуттан соһумардык баран төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин, дьиэ кэргэнин, табаарыстарын сүрэхтэрин хайыппыта. Мин саныырбынан убайдарыттан да таһымнаахтык үлэлиэх-хамныах ыччаппыт этэ.

“Дмитриев Гаврил Гаврильевич, зам.начальника Департамента ветеринарии при  МСХиП РС (Я), директор Якутской республиканской ветеринарной испытательной лаборатории, в 1996 г. поступил в аспирантуру НИИ ветеринарной экологии при ЯГСХА. Под руководством докторов наук, профессоров А.И. Павловой (ЯГСХА), П.Н. Смирнова (ИЭВС и ДВ) стал заниматься актуальными вопросами ветеринарной экологии, в частности, о влиянии природных и иных факторов на живые организмы. Он успел организовать с коллегами и сам принять участие в научных ветеринарно-медицинских экологических экспедициях в Вилюйскую группу улусов РС (Я), материалы которых имеют и имели большой научный интерес.

Вместе с известным ученым Б.С. Ягнышевым он разработал концепцию возможного переноса возбудителей опасных болезней животных через почвенные разломы с севера на юг республики — от реки Марха до Центральной Якутии. Ему не суждено было многое сделать, творить в науке, на что он был способен и готов, но внезапно и несправедливо оборвалась яркая, многообещающая жизнь будущего видного организатора, руководителя или крупного ученого республики. Его коллеги, близкие навсегда сохраняют светлую память о нем в своих сердцах”.

Бу 2011 с. Дьокуускайга тахсыбыт Т.Д. Каратаева, М.С. Каратаев ааптардаах “115 -летию ветеринарии Республики Саха (Якутия)” кинигэ 185 сирэйигэр суруллубутуттан.

Кыра уоллаах кыыһы көрөн эрэ билэттиибин. Тустаах үлэлэригэр эмиэ биллэр-көстөр үлэһит буолбуттарын истэбин. Иккиэн төрөөбүт-үөскээбит Ньурбаларыгар олороллор, үлэлииллэр. Владимир Гаврильевич 1987 сылтан бу күҥҥэ диэри Ньурбатааҕы авиапредприятиеҕа суоппарынан үлэлиир, Саха сирин авиациятын бэтэрээнэ, герой В.И. Кузьмин бириэмийэтин лауреата, дьоллоох ыал аҕата, эһэтэ. Алена Гаврильевна тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар үлэлиир, идэтинэн бухгалтер, ыал ийэтэ, эбэтэ. Оҕо сылдьыаҕыттан дуобатчыт. Ньурбаҕа дьахталларга бастакынан дуобакка спорт маастарыгар кандидат. 1990 с. Брянскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Союзтааҕы саахымат уонна дуобат фестивалын кыайыылааҕа.

Гаврил Романович түбүктээх үлэтин таһынан таптыыр кэргэнэ Клеопатра Сергеевнаны кытта оҕолорун олох араас мындырдарыгар үөрэтэллэрин таһынан оҕолорун иннилэрин эрдэттэн салайан, хайысхалаан биэрбиттэр эбит. Гаврил Романович тугу аахпытын, билбитин анал тэтэрээттэргэ суруйан, хаһыаттартан вырезкалаан наардаан оҕолоругар оҥортообута. Бу ыал оҕолоро бары спордунан утумнаахтык дьарыктаммыттара уонна республика таһымыгар, таһыгар да кэккэ ситиһиилэммиттэрэ туоһулуур.

Аны туран  Гаврил Романович национальнай архыыпка дьаныһан туран үлэлээн элбэх матырыйаалы муспут, элбэх дьоҥҥо көмөлөспүт. Бэйэм аҕыйахтык архыыпка үлэлэспит буолан бу үлэнэн мээнэ киһи дьарыктамматын уонна ылсыбатын билэбин. Өр сылларга көрдүүр үлэтин түмүгүнэн республиканскай, Ньурба оройуонугар сэрии кыттыылаахтарыгар аналлаах “Книга памяти” оҥоһулларыгар элбэх матырыйаалы булан, чуолкайдаан биэрбитэ.

Юрий Наумович Иванов, үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылларын оҕото, Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР бочуоттаах бэтэрээнэ