Олохтоох дьаһалта, кулууп уонна бибилэтиэкэ тэрийиилэринэн Октябрьскай нэһилиэк аҕа саастаахтарыгар декада чэрчитинэн тэриллибит көрсүһүү быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһини түмтэ. Алтынньы 6 күнүгэр А.Я. Овчинникова аатынан «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтигэр анаммыт чааска бииртэн биир 65-тэриттэн үөһээ саастаах дьоммут-сэргэбит кэлэн истилэр. «Ситим» программаны тутуһан аҕа саастаахтары аһатыыга, көрсүүгэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ уһуйааннартан саҕалаан нефтебазаҕа тиийэ сыл аайы остуол тэрийиитигэр кыттыһаллар, хас биирдии үлэ кэлэктибэ номнуо бэйэтэ менюлаах.
Аҕа саастаахтар декадаларынан эҕэрдэ тыллары эттилэр баһылык солбуйааччыта Александра Михайловна Иванова, нэһилиэк депутаттарын Советын бэрэссэдээтэлэ Геннадий Семенович Гаврильев, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Владимир Михайлович Тимофеев, биирдиилээн дьон аһаҕас микрофоҥҥа санааларын эттилэр. Ыҥырыы сурук ыытан үгэс быһыытынан дьаһалта үбүлүөйдээхтэри бэлиэтээтэ, илии тутуурдаата. Төһө да бары кэлбэтэхтэрин иһин 65, 70, 75, 80, 85 саастарын туолбут 27 олохтоох ааттара ааттанна, ыалдьыттар дохсун ытыстарын тыаһа ананна. Бу күннэргэ тыыл бэтэрээннэрин, үбүлүөйдээхтэри эҕэрдэлээһин дьиэлэринэн сылдьан салҕаныа. Кулууп народнай тыйаатыр кыттыылаах сэргэх программатын, бибилэтиэкэ оонньууларын бары да сөбүлээтилэр, ыалдьыттар астына сынньаннылар. Маны таһынан олохтоох модельнай бибилэтиэкэ декада чэрчитинэн «Лучший читатель-ветеран» биристээх анал аатыгар быйыл Ия Ивановна Габышева тиксэн, бибилэтиэкэрдэр дьиэтигэр сылдьан эҕэрдэлээтилэр.
Маннык хабааннаах тэрээһиннэргэ эрдэ сылдьыбат дьон-сэргэ кэлбититтэн тэрийээччилэр олус үөрдүлэр, көрсүһэ, сэргэхсийэ өрүү кэлэ туралларыгар ыҥырдылар. Көлүөнэ уларыйыыта бара турарынан эдэр соҕустар да бааллар, ытык кырдьаҕастарбыт да үгүстэр, тыыл бэтэрээннэрэ Мария Петровна Семенова уонна Александра Петровна Васильева эмиэ күндү ыалдьыт буоллулар. Оруобуна ити күн Александра Петровна 88-гар үктэннэ. Бэлэх тутуурдаан, мустубуттар бары эҕэрдэлээн өссө биир бэлиэ түгэнинэн буолла.
Онтон киэһэтигэр ытык дьоммут махталлара ватсапка көтөн түстүлэр: «Үтүө киэһэ буоллун, үөлээннээхтэрим! Аҕам саастаахтар күннэрин бэлиэтээн Антоновкатааҕы култуура киинигэр аһара үчүгэй тэрээһин буолла. Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтата, кулууп эдэр эрчимнээх үлэһиттэрэ бэртээхэй бэлиэ күнү аҕам саастаах дьоннорун ытыктаан, убаастаан бэрт дьоро күнү бэлэхтээтилэр. Олус үчүгэй эҕэрдэ кэнсиэри туруоран эҕэрдэлээтилэр, бэрт көрдөөх бэһиэлэй киэһэ буолла. Ытык мааны дьоннорбут этэҥҥэ сылдьан көхтөөхтүк кэлэн көрсүспүппүтүгэр аһара диэн үөрдүбүт, долгуйдубут даҕаны, бэрт өр көрбөтөх дьоммутун көрөн астынныбыт. Бары тэрийээччилэргэ, кэлбит дьоҥҥо барыгытыгар махтал, өссө да итинник тэрээһиннэри инникитин күүтэбит. Бары доруобай этэҥҥэ сылдьыҥ, чөл туруктаныҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ! Өссө төгүл БАҺЫЫБАЛАРЫҤ! А.Е. Пахомова».
«Түһүлгэ» киинигэр элбэх аҕам саастаах ытыктанар совхоз араас салаатыгар миккиллибит кырдьаҕастар кэлэн дьоро киэһэ буолла, элбэх ырыа ылланна, күлэр да түгэн элбэх этэ. Нэһилиэкпит администрациятыгар, «Түһүлгэ» үлэһиттэригэр араас тэрээһиннэри тэрийэн чуумпу олохпутун сэргэхситэргитигэр махтанабыт. Үлэҕит-хамнаскыт ситиһиилээх, дьоллоох буолуҥ. В.Дм. Федорова».
Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын пресс-сулууспата