Агро-оскуолалар оҕолору үлэҕэ сыһыаран иитэллэр

Ньурба куорат күнүгэр үгэс буолбут ас-үөл быыстапка-дьаарбаҥкатыгар күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн диэн өссө хоһоонугар этиллэринии, сир аһыттан уонна оҕуруот астарыттан саҕалаан ынах, убаһа этигэр тиийэ ас эгэлгэтэ атыыламмыта. Быйыл үтүөкэн сайын кэлэн ааста диэх курдук, сир аһа, оҕуруот астара арааһа. Бэл диэтэр, Дьокуускай таһынааҕы Тулагыттан улахан массыынанан хаппыыста (1 кг – 60 солк.), луук уонна моркуоп (1 кг – 80-нуу солк.) атыылаан бэркэ батардылар.

Үгэс буоларын курдук, улуус агро-оскуолалара быыстапка-дьаарбаҥкаҕа көхтөөхтүк кыттан, тэрээһини улаханнык киэргэттилэр, астара-үөллэрэ даҕаны дэлэй, киэргэтиилэрэ даҕаны сиэдэрэй буолан дьон болҕомтотун тарта. Билигин тылы улуус агро-оскуолаларыгар биэриэҕиҥ. 

Н.Н.Чусовской аатынан Антоновкатааҕы агро-оскуола производственнай үөрэхтээһиҥҥэ маастара Фокина Саргылана Семеновна (бастакы хаартыска):

«Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Ас-үөл – 2023» тэрээһиҥҥэ баран кыттан кэллибит. Онтон бу тапталлаах куораппыт күнүгэр аналлаах дьаарбаҥкаҕа киирэн турабыт. Сайыны супту «Үрүйэчээн» сайыҥҥы үлэ-сынньалаҥ лааҕырын оҕолоро көрөн-истэн үүннэрбит оҕуруот астарын арааһын, Букчайтан хомуллубут сир аһын эгэлгэтин, «Букчай» диэн Ньурбаҕа номнуо биллэр бренд буолбут эмтээх чэйбитин киллэрдибит. Аны арбуз олордон саҕалаабыппыт, онтубут син үүннэ. Ону таһынан тыква, кукуруза, патиссон, баклажан үүннэрбиппитин аҕаллыбыт. Клубника олордубуппут өлгөмнүк үүннэ, бэркэ хамаҕатык атыыланна. Итини сэргэ 9 ыҥырыа дьиэ кэргэттэрин иитэн быйыл сайын 90 кг мүөт ыллыбыт. Ону эмиэ атыыга киллэрдибит. Итинэн эрэ муҥурдаммаппыт, ыраастыыр араас нобуордары оҥоробут, чүмэчилээх, кытыаннаах. Оттон бу таспытыгар баар икки хааһы ыйытар буоллаххына, ити хаастары чааһынай киһиэхэ көрдөрөбүт».

Сүлэ оскуолатын дириэктэрин произодственнай үлэҕэ солбуйааччыта Артем Прокопьевич Иванов: «Агро-оскуола быһыытынан сир үлэтинэн, хортуоппуй уонна оҕуруот астарын үүннэриинэн дьарыктанабыт, перепелкалары (хонуу куруппааскаларын) иитэбит. Тыһылыын-атыырдыын 175 хонуу куруппааскыта баар, быйыл кинилэри саҥардыбыппыт, онон эдэрдэр, сымыттыы тураллар. Электро-уотунан сылытыллар будкалаахпыт, онно туруоран көрөбүт. Оскуола иһинэн биисинэс-инкубатордаахпыт, онно 8 оҕо сыстан дьарыктанар. Оскуолаҕа сайыҥҥы лааҕырын биир сезон үлэлэппиппит, кыра оҕолор сылдьан үүнээйилэри көрбүттэрэ.

Дьаарбаҥкаҕа 500 перепелка сымыытын уонна оҕуруот астарын илдьэ киирдибит. Сымыыт устууката 10-нуу солк. атыыланар, кээмэйинэн кыра да буоллар, битэмиинэ элбэх, онон куурусса сымыытыттан састаабынан ордук. Биир улахан, биир кыра теплицалардаахпыт. Эрдэ саҕалаан хойукка диэри үүннэрэр курдук былааннаан, ичигэс теплица тутта сылдьабыт. Быйыл сүбүөкүлэ, помидор үчүгэйдик үүннэ, арай хортуоппуйбут былырыыҥҥыга тиийбэт».

Хаҥалас оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччыта Марианна Леонидовна Петрова: 

«Биһиги агро-оскуолабыт өр сылларга улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да биллэр курдук үлэлээн-хамсаан кэллэ. Оскуолабыт агро-хайысханы тутуһуоҕуттан элбэх хайысханан оҕону-ыччаты үлэҕэ-хамнаска сыһыаран үлэлиибит. Оҕуруот астарын үүннэрэбит, ынах сүөһүнү иитэбит. Бэйэбит хотонноохпут, үлэһиттэрдээхпит.

Балачча уһун кэмҥэ дойду таһымынан оскуолаҕа үлэнэн иитиини тохтото сылдьан баран, быйыл саҥа киллэрдилэр дии. Мин итини саамай сөптөөх дьаһаныы диибин, биһириибин. Биһиги урут Уһунча диэн дэриэбинэ таһыгар фермалаах этибит. Онно сүөһүлэрбитин көһөрөн илдьэн оҕолор бэйэлэрэ көрөн-истэн ыан, үүттэрин туттаран үлэлииллэр этэ. Кэлин лааҕырбытын хайысхатын уларытан, байыаннай-патриотическай лааҕыр гыммыттара. Ол иһин билигин сүөһү иитиитигэр аналлаах дьон сыһыарыллан үлэлииллэр. 2 производственнай үөрэхтээһин маастардара уонна хотон көрөөччү бааллар. Быйыл 25 ынах сүөһүлээхпит, ол иһигэр ынаҕа – 8.

Оҕуруот астарын үүннэриигэ производственнай үөрэхтээһин маастардара Кононова Мария Николаевна уонна Чемчоева Антонина Юрьевна үлэлииллэр. Оскуола таһынааҕы учаастакка хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ, кабачок, хаппыыста уо.д.а. үүннэрэбит. Сайыны эргиччи помидор, оҕурсуу атыылаан харчы киллэринэбит. Үүннэрбит аспытын оскуолаҕа итии аһылыкка туттабыт. Дьаарбаҥкаҕа оҕолор сайын устата үүннэрбит оҕуруот астарыттан барытыттан киллэрдибит. Итиэннэ бүгүн сүөһү өлөрөн эмиэ атыылыы аҕаллыбыт.

Былырыыҥҥыттан «Бэйэ туойа» гончарнай студия үлэлиир. Ону улууска Норуот көҕүлээһиннэрин сылын чэрчитинэн Елена Никитовна Антонова иилээн-саҕалаан тэрийэн үлэлэтэр. Кини куоракка «Камелёк» фирмаҕа баран анаан үөрэнэн кэлбитэ. Улуустан бэриллибит көмө харчынан оборудование ылбыппыт. Ол сыахпыт оҥоһуктарын эмиэ киллэрдибит, «Сделано в Нюрбе» диэн бренд. Дьиэни ыраастыыр туой көмүлүөктээх, чуораанчыктаах, оҕолор бэйэлэрэ оҥорбуттара. Быыстапкаҕа Ариан Васильевич Афанасьев-Арыйаан Уус оскуолаҕа ыытар ВУД-тарыгар оҕолор кини салалтатынан оҥорбут быһахтарын көрдөрүүгэ аҕаллыбыт.

Эмиэ былырыҥҥыттан оскуолабыт таһынааҕы учаастакпытыгар сэлиэһинэй ыһабыт. «Сата» куруһуогу нэһилиэкпит урукку баһылыга, В.А.Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта Зинаида Васильевна Анисимова салайар. Онно дьарыктанар оҕолору түмэн ааспыт сылга пришкольнай учаастакка кыра бааһынаҕа сэлиэһинэй ыспыппыт. Быйыл дьон уһаайбатын уларсан, 2 сиргэ ыстыбыт. Былыр төрүттэрбит хайдах үлэлээн-хамсаан олорбуттарын оҕолорго көрдөрөр сыалтан, былыргылыы ньыманан – оҕустаах суханан сири хорутан ыһабыт, хомуллубут бурдук таас суорунаҕа мэһийиллэр. Онтон тахсыбыт бурдуктан эбэлэр кулууптара түмэлгэ баар көмөлүөк оһоххо лэппиэскэ буһаран биэрдилэр. Оннук буһарыллыбыт лэппиэскэлэри киллэрбиппит былдьаһыгынан бүттэ. Дьон сүрдээҕин кэрэхсиир эбит. «Сата» куруһуок үлэтигэр Арыйаан Уус, Александра Петровна Васильева, дьахталлар кэмитиэттэрэ уонна эбэлэр кулууптара көмөлөһөллөр».

Ньурбачаан агро-оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта Иванова Виктория Гаврильевна уонна дириэктэри производственнай үлэҕэ солбуйааччыта Филиппов Егор Гаврильевич:

«Оскуолаҕа коза, сылгы иитиитинэн уонна оҕуруот аһын олордуунан дьарыктанабыт. Сылгыбыт – 14, онон биэтэ – 11, 9 козалаахпыт. Козабыт атыырын саҥардыахтаахпыт, оччоҕо өссө элбиэхтэрэ, туспа фермаҕа тураллар. 2 производственнай үөрэхтээһин маастара уонна 1 сылгыһыт бааллар. Оҕолор кинилэр салалталарынан ВУД чаастарыгар дьарыктаналлар, сылгылары, козалары көрөллөр-истэллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ тырахтарыыстаахпыт. Быйыл оппут үчүгэйдик үүннэ. Сөп буолар оппутун — 60 туоннаны оттоотубут. Ону таһынан бурдукпут баар.

Оскуолабыт иһинэн биисинэс-инкубатордаахпыт. Оҕолор дьөлүһүөн хомуйаллар, кытыаннаан, сиэллээн, туостаан ыраастыыр нобуор оҥороллор. Производственнай үөрэхтээһин маастардара оҕуруот астарынан бэйэлэрэ лечо, аджика, соус эҥин оҥорон, итиэннэ сылгы хартатын, хаанын, этин атыылыы киллэрдибит. Атыыбыт түргэнник барда».

Геннадий АНТОНОВ.