Аһыы оттон сүөһү сүһүрүүтэ таҕыста

Аһыы от (вех ядовитый) олус кутталлаах, саамай дьааттаах үүнээйилэртэн биирдэстэрэ буолар. Сиртэн 50-80 см үрдүктээх, көҥдөй умнастаах, элбэх лабаалардаах, төбөтүгэр зонтик курдук маҥан сибэккилээх, сииктээх сирдэргэ, күөллэр бадарааннаах кытыыларыгар үүнэр элбэх сыллаах үүнээйи.

Амтанынан, сытынан петрушкаҕа маарынныыр, саас бастакынан көҕөрөр, ол иһин сүөһү уһун кыстык кэнниттэн сибиэһэй оту сиэри былдьанар. Ынах сүөһү аһыы оттон сүһүрүүтэ күһүн хойут, эбэтэр саас эрдэ күөх от суоҕар тахсар. Цикутотоксин диэн дьааттаах эттигэ умнаһын төрдүгэр (луковицатыгар) мустан үөскүүр. Төрдүн хайа быстахха, көҥдөйдөрүгэр, саһархай өҥнөөх убаҕас дьааттаах.

Наука дакаастаабытынан, сүөһү аһыы оттон сүһүрэн өлөр дозата 200-300 гр., ол аата улахан сүөһү 2-3 устуука аһыы от төрдүн сиэтэҕинэ, итиэннэ кэмигэр сөптөөх көмө оноһуллубатаҕына, өлүөн сөп. Маннык оту сиэбит сүөһү харахтарын харата кэҥиир, туохтан барытыттан куттана, иннин диэки сүүрэ сылдьар буолар, икки чаас буолан баран ибигирээн, тартаран киирэн барар. Төбөтүн кэннин диэки хантаччы быраҕар. Дьаат сүөһү киин ньиэрбинэй систиэмэтигэр дьайар, ньиэрбэ параличтааһыныттан тыына хаайтарар, тута сөптөөх суһал көмө оҥоһуллубатаҕына, сүөһү өлөр. Өлүк иһэ үллүбүт, сыраана элбэхтик сүүрбүт, быччыҥнара көһүйбүт буолар.

Бу күннэргэ  Чуукаар нэһилиэгэр 5 сүөһү сүһүрэн өлүүлэрэ таҕыста. Бэтэринээрдэр миэстэтигэр үлэлээбиттэрин түмүгүнэн, аһыы оту сиэн өлбүттэр диэн быһаарылынна.

Аһыы оттон сүөһү сүһүрүүтүн хайдах сэрэтиэххэ? Аһыы от үүнэр сирдэригэр, сүөһү мэччирэҥэр, субуотунньуктары тэрийии, аһыы от төрдүн түөрэн ылҕааһын,  үүнэр сирин күрүөлээһин буолар.

Ньурбатааҕы ветеринарнай управление.