Айылҕаттан айдарыылаах талааннаах хомусчут Айсен Аммосов

Сэтинньи 30 күнүгэр Саха сиригэр Хомус күнүн бэлиэтиибит. Саха хомуһун туһунан бастакы бэлиэтээһиннэр 19 үйэ аҥаарыгар нуучча айанньыттарын, чинчийээччилэрин үлэлэригэр бааллар. Н.Щукин, Р.Маак, академик Миддендорф, Йохельсон, В.Серошевскай, В.Трощанскай, Э.Пекарскай, И.Черскэй, В.Шкловскай уонна да атыттар бэйэлэрин этнографическай үлэлэригэр ахтыбыттара.

Хомус диэн музыкальнай инструмент. Бу саха эрэ норуотугар буолбакка, бары норуокка үгүстүк тарҕаммыт тэрил буолар. Ол эрээри, саха курдук, хомуһу өрө туппут омук суох. Саха хомуһа тыаһа ырааһынан, тыына уһунунан аан дойдуга аатырыан аатырар.

Өксөкүлээх суруйбутунуу, саха дьонугар хомус тардыыта сүргэни көтөҕөр, санааны чэпчэтэр, ыарыыны ыраах кыйдыыр, киһи айылгытын толору арыйсар сүдү күүстээх дьарык быһыытынан үтүмэн үгүс үйэлэри уҥуордаан, үүнэн-сайдан кэллэ.

Кэнники сылларга анаан дьарыктанар, айар талааннаах толорооччулар элбээтилэр. Олортон биирдэстэринэн Маалыкайдар киэн туттар ыччаппыт, виртуоз-хомусчут, ырыаһыт Айсен Аммосов буолар. Кини 1993 сыллаахха Маалыкай сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтин да, аҕатын да өттүнэн эһэлэрэ ырыаҕа-тойукка олус талааннаах дьон этилэр. Уһуйааҥҥа сылдьар кэмигэр Айсены биэс сааһыгар Львова Розалия Егоровна олоҥхоҕо уһуйбута. Онтон ыла кырачаан уол төрүт култуураҕа уһуйуллуута саҕаламмыта.

2000 сыллаахха Маалыкай орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирэр. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан музыкальнай оскуола фольклор салаатыгар киирэн Новгородова Таисия Мартыновнаҕа күүскэ дьарыктанар.
Васильева Любовь Николаевна, кылаас салайааччыта: «Мин Айсеҥҥа бэһистэн тохсус кылааска диэри кылаас салайааччытын быһыытынан үлэлээбитим. Айсен олус бэһиэлэй, дьээбэлээх буолааччы. Хас биирдии киһи настырыанньатын көтөҕөр оҕо этэ. Оскуолаҕа да, кылааска да эҕэрдэ нүөмэр наада буоллаҕына Айсен кыттара. Табаарыс быһыытынан олус элэккэй майгылааҕа. Аан бастаан бэһис кылааска Ийэ күнүгэр бэйэтэ тылланан хомуска оонньоон, ырыа ыллаан, туойан бииргэ үөрэнэр оҕолорун куттарын туппута.

Ийэтэ эмиэ Матрена Константиновна олус ырыаһыт, үҥкүүһүт этэ. Матрена Айсенын дьиэтигэр хас биирдии киһиэхэ төрөөбүт күнүгэр ас астаан, ыллаан-туойан бырааһынньык тэрийэр идэлээх, диэн кэпсээччи.

Айсен сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан: “Хотугу сулус күрэххэ кыттарбар олоҥхото суруйан биэр. Элбэх персонажтаах олоҥхону толоруохпун баҕарабын”, — диэн көрдөспүтэ. Ол иһин икки нэдиэлэни быһа түбүгүрэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону кылгатан суруйан биэрбитим. Олоҥхо ис хоһоонун кылгастык кэпсээн биэрдим. Бэйэтэ баҕарбытын курдук сэттэ оруоллаах олоҥхо буолбута. Олоҥхотун барытын үөрэтэн «Хотугу сулус» күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан 1 степеннээх лауреат үрдүк аатын ылбыта. Миэхэ тута үөрүүтүн кэпсээн туран, улаханнык махтанарын биллэрбитэ.

Ити сайыныгар тохсус кылаас кэнниттэн музыкальнай колледжка үөрэнэ барар эбиппин диэн быһаарыммыта. Айсен кыра сааһыттан бэйэтин олоҕун, айар үлэтин эрдэттэн оҥостубут, былааннаммыт эбит дии саныыбын. Билигин оҕобунан киэн туттабын. Инникитин айар талаанын өссө сайыннаран сахалыы сайаҕас санаатынан дьонун үөрдэ турдун диэн баҕа санаабын этэбин».

2009 с. тохсус кылаас кэнниттэн Дьокуускай куоракка музыкальнай колледж студена буолар. Үөрэҕин 2013 сылга ситиһиилээхтик бүтэрэр. Студенныыр кэмигэр «Айархаан» этно-бөлөххө хомусчут быһыытынан сылдьар. 2014-2016 с.с. эстрада театрыгар ырыаһытынан үлэлиир. Айсен 2013 сылтан виртуоз-хомусчут. Кини 2015 с. «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ лауреата. 2016 с. «Саҥа ырыа» интерактивнай күрэх кыттыылааҕа.

Барытыгар талааннаах уол 2017 с. «Гордость России» кинигэҕэ киирэр. 2018 с. «Биир күн» межрегиональнай күрэххэ кыттан кыайыылаах буолбута. 2021 сыллаахха “Саха Республикатын култууратын туйгуна” уонна “Саха Республикатын Эдэр ыччат политикатын туйгуна” диэн бэлиэ хаһаайына буолбута. Онтон 2023 сылга Саха сиригэр эдэр ыччаттар ортолоругар “Бастыҥ хомусчут” үрдүк аатын сүкпүтэ.

Ити курдук, Айсен Аммосов айылҕаттан бэриллибит талаанын бэйэтэ кыра сааһыттан сайыннаран, дьарыктанан норуот таптыыр ырыаһыта буолан таҕыста.

Билигин тапталлаах төрөөбүт дойдутугар Маалыкайга кэлэн “Айар киин” норуот айымньытын дьиэтигэр уус- уран салайааччынан айымньылаахтык үлэлии сылдьар.

Күндү оҕобут Айсен айар-тутар талааныҥ аартыгын аана тэлэччи арылыннын, ыарахаттартан чаҕыйбакка инниҥ диэки дьулуурдаахтык айаннаа! Чугас дьоҥҥун уонна үөрэппит-такайбыт уһуйааччыларгын үгүс элбэх ситиһиилэргинэн куруук үөрдэ тураргар баҕарабыт!
Баҕа санааҥ барҕара турдун,
Ыра санааҥ ыпсан истин,
Олоҕуҥ санаа хоту уһуннун,
Дьол-соргу тосхойо турдун!
Айар дьоҕуруҥ уостубатын!

Вера Аммосова