Анал байыаннай эпэрээссийэ фондатыгар 420281,57 солк. баар

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улуустааҕы көмө фондатыгар кэнники эбии 10-тан тахса тэрилтэттэн уонна дьонтон үп киирдэ.
Ол курдук, сэтинньи 20 күнүттэн саҕалаан, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ – 50500 солк, Ньурба к. «СЭГХ» — 6000 солк, «Кэскил» култуура киинэ – 16700 солк, Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтата – 21500 солк, Үлэлээх буолуу киинэ – 2300 солк, Күндээдэ нэһилиэгэ – 6500 солк, Ньурбатааҕы почта отделениета – 16500 солк, «Саханефтегаз» АО – 62200 солк, Сербина Лариса Викторовна – 5330 солк, П.С.Егоров аатынан Акана орто оскуолата – 28000 солк, С.Н.Эверстова аатынан «Туску» норуот айымньытын дьиэтэ — 20141,50 солк, СӨ-гэр Суут департаменын управлениета — 4634,08 солк, С.С.Сюльскэй аатынан Сүлэ орто оскуолата — 96682, 23 солк, С.В.Васильев аатынан Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназия – 167000 солк. Сыл саҥатыттан фондаҕа 7 мөл. 613 тыһ. 35 солк. киирдэ.
СВО-ҕа кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө улуустааҕы оперативнай ыстаап быһаарыытынан сэтинньи 28 уонна 30 күннэригэр 153 тыһ. солк. ыытылынна. Инньэ гынан ахсынньы 5 к. туругунан фондаҕа 420281,57 солк. хаалла.
Кэлэр сыл тохсунньу ыйыгар СВО зонатыгар барыы былааннанар. Онон байыастарбыт сайаапкаларынан эмиэ мас-сал тиэрдиллиэхтээх. Итинэн сибээстээн СВО фондатын хаҥатар сорук турар. Онон улууспут олохтоохторун уонна тэрилтэлэри биир дойдулаахтарбытыгар көмөҕө анаан фондаҕа көхтөөхтүк кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата

Читайте дальше