Андрей Тарасенко Ньурбаҕа сырыытыттан

Андрей Тарасенко салгыы Ньурбатааҕы көтөр фабрика үлэтин кытары билистэ.  Билигин 49.000 куурусса баар, күннэтэ 49.500 устуука сымыыт нэһилиэнньэҕэ тахсар.

Андрей Владимирович былырыын Ньурбаҕа кэлэ сырыттаҕына фабрика иккис линията арылларын туруорсубуттара. Сымыыттыыр кууруссалар 2 сыл буола-буола уларыйа туруохтаахтар. Чоппуускаттан улаатар кэмнэригэр элбэх бириэмэни сүүйтэрэбит, онон хас эмэ ыйдаах ороскуот тахсар. Иккис сыах тутуута бу кыһалҕаны суох оҥоруохтаах.

Билигин Ньурбатааҕы көтөр фабриката Бүлүү бөлөх улуустарын сымыытынан хааччыйан олорор. Маны тэҥэ биир сүрүн кыһалҕанан куурусса аһылыгын аҕалар сыана үрдүгэ буолар. Андрей Тарасенко бу боппуруоһу үчүгэйдик үөрэтэн көрүөххэ наада диэн эттэ.

Салгыы Андрей Тарасенкоҕа “Бүлүү” федеральнай суолга үс сиринэн угуллубут ууну сүүрдэр турба сыыһа түспүтүн көрдөрдүлэр.

Былырыын ахсынньы тымныытыгар Ньурба куоратыгар уу киирэн ыксаллаах быһыы-майгы тахса сыспытын эттилэр. Ол курдук 80 см үөһээ буолан ууну үчүгэйдик аһардыбат. Куочайтан кэлэр сири нүөлсүтэр канал уута кыайан барбат. Убайаан өттүттэн Ньурба куоракка түһэ турар. Андрей Владимировичтан улуус салалтата бу үөскээбит балаһыанньаны көннөрөргө ”РИК Автодор” тэрилтэ салалтатын кытары кэпсэтии ыытарыгар көрдөстө. Туох баар дааннайдары, хаартыскалары барытын ыытаарыҥ, үлэлэһиэм диэн эрэннэрдэ.

Киппэ Бүтэйэ сиргэ элбэх сыллаах от ыһыытын боппуруостарын дьүүллэһэ «Ньурбатааҕы кормовой хампаанньа» салайааччыта Александр Илистяровтыын көрүстэ.

Кэнники 5 сылга бу тэрилтэ 1313 га быраҕыллыбыт бааһыналары сөргүттэ. Былырыыҥҥыттан элбэх сыллаах оту ыһыынан дьарыктанан эрэр. Ааспыт сылга 64 га сиргэ кострец оту ыһан, 4 туонна элбэх сыллаах от сиэмэтин ылла. Бу үлэ салҕанан барыахтаах. Ньурба улууһа лизинг нөҥүө комбайн ыларга үлэлэһиэхтээх.

Андрей Тарасенко бачча киэҥ, үүнүүлээх сиргэ ыҥырыа дьиэ кэргэнин аҕалан иитэн көрүҥ диэтэ.

От ыйын 20 күнүнээҕи үлэтин Андрей Тарасенко «Нефроклиника» диализнай киин үлэтин хаамыытын билсииттэн саҕалаата.

Бүгүҥҥү туругунан оборудованиета барыта кэлэн турар, үлэһиттэр анал үөрэҕи ааһан үлэлииргэ бэлэмнэр. Билигин лицензиятын боппуруоһа эрэ хаалан турар. Бу киин өҥөтүгэр Бүлүү бөлөх улууһугар 70-ча киһи наадыйар.

Читайте дальше