Арассыыйаҕа Новгородскай уобалаһы босхолооһун 80 сыла быйыл бэлиэтэнэр

1943 сыл олунньу 23 күнэ сахаларга Аҕа дойдуну көмүскүүр хаан тохтуулаах сэрии биир өйдөбүнньүк күнүн быһыытынан үйэ тухары хаалыаҕа. Бу күннэргэ Новгород уобалаһыгар ити бэлиэ даатанан Ньурбаттан Маар нэһилиэгин олохтооҕо, сэрии туһунан эдэр көлүөнэҕэ тиэрдэргэ үлэлэһэр, кыраайы үөрэтээччи, чинчийээччи Ксенофонт Васильевич Васильев, анал дьайыы саҕаланыаҕыттан «КөмүсКЭЛ» иис сыаҕын салайааччыта Галина Федорова дэлэгээт быһыытынан тиийэн тэрээһиннэргэ кыттыыны ылаллар.

Галина Дмитриевна Старай Руссаттан сонунун үллэһиннэ: — «Арыллыы» түмсүү тикпит 4 үлэтин, Старай Русса 80 сылыгар анаан 3D форматтаах анал дайыыга аналлаах паннолары илдьэ баран быыстапка тэрийэн олохтоохторго билиһиннэрдибит.

Старай Русса олохтоохторо быыстапканы, ордук Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан «Арыллыы» түмсүү тикпит сэрии кэминээҕини көрдөрөр паннобутун сэргээтилэр. Маны таһынан кыргыһыыга барбыт чугас аймахтарыгар анаан Наталья Федотовна Трофимова тикпит паннотун, Ньурба куоратыгар «Кыталык» култуура дыбарыаһын иһинэн үлэлиир «Дьоҕур» түмсүү салайааччыта Фёкла Ивановна Иванова «Дьыл кэмнэрэ» үлэлэрин сэҥээрэ көрдүлэр, өҥ дьүөрэлэһиитэ табыллан тигиллибитин бэлиэтээн эттилэр.

Санкт-Петербурдааҕы Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһитэ, биир дойдулаахпыт, Маартан төрүттээх Петров Евгений Михайлович көмөтүнэн Санкт-Петербурга госпитальга эмтэнэ сытар бааһырбыт анал дьайыы кыттыылааҕын көрүстүм, Ньурба улууһун дьаһалтата уонна «КөмүсКЭЛ» иис сыаҕа бэлэмнээбит бородуукталарбытын туттардыбыт. Санкт-Петербурга госпитальга саха кыргыттара бааһырбыттарга көмө оҥороллор эбит, Маалыкайтан төрүттээх биир дойдулаахпытын Иринаны кытары билистим. Госпиталь үлэһиттэрэ кэлэр өттүгэр бородуукталары анал иһиккэ угаттаан ыытарбытыгар сүбэлээтилэр.
Бу сырыыга биһигини өйөөбүт Дьокуускай куоракка Ньурба оройуонун бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччытыгар Прокопий Чымыровка, Ньурба улууһун баһылыгар Алексей Михайлович Иннокентьевка, куорат баһылыгар Геннадий Васильевич Игнатьевка, улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлигэр Нюргуяна Михайловна Михайловаҕа махталбытын биллэрэбит.

Түгэнинэн туһанан, Ксенофонт Васильевиһы, техникумҥа үлэлиир күүстээх аҥаардарын, тапталлаах кэргэммин, саха хорсун-хоодуот эр дьонун Аҕа дойдуну көмүскээччилэр  күннэринэн  эҕэрдэлиибин!

Аҕа, эр киһи өбүгэ саҕаттан харыстыыр, көмүскүүр дурда-хахха буолар сүдү оруолун өрө тутуҥ, ыччаттарга үтүө холобур буолуҥ!- Галина Дмитриевна эҕэрлэнэн түмүктээтэ.

Антонина СЕМЕНОВА