Быйыл Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин “Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын тутуу, астааһын уонна батарыы тиһигэ” бырайыагын олоххо киллэрэргэ 4 млрд 238,2 мөл. солкуобай көрүллүбүтүттэн отчуоттанар кэмҥэ (9 ый түмүгүнэн) 3 млрд 868,6 мөл. солкуобай, ол эбэтэр 91,3 бырыһыана тиксэриллибит. Бу иһиттэн федеральнай бүддьүөт 91,8 мөл. солкуобайын (72,6%; барыта – 126,4 мөл. солк. буолуохтаах), өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ 3 млрд 776,8 мөл. солкуобайын (91,9%; барыта – 4 млрд 111,8 мөл. солк.) үбүлээбиттэр.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин б.дь. олунньу 13 күнүнээҕи 112-с №-дээх бирикээһигэр олоҕуран, улуустарга уонна куораттардааҕы уокуруктарга ким төһө аһы-үөлү оҥорон таһаарарыгар былааннаах сорудах тириэрдиллибитэ. Онон сирдэттэххэ, отчуоттанар кэмҥэ 2 039,7 туонна дьиэ көтөрүн этэ уонна суббородууктата (ааспыт сыл туһааннаах кэмиттэн 2,8 %-нан элбэх), 6 554,6 туонна халбаһы оҥоһук (18,3 %-нан элбэх), 3 501,3 туонна эт полуфабрикат (4,1 %-нан аҕыйах), 2 412,9 туонна астаммыт уонна кэнсиэрбэлэммит балык (1,1 %-нан ордук), 2 141,5 туонна үүт, сиикэйтэн ураты (7,1 %-нан ордук), 904,4 туонна сүөгэй (8,6 %-нан аҕыйах), 1 370 туонна ынах арыыта (2,9 %-нан кыра), 88,1 туонна сыр (31,6 %-нан аҕыйах), 440,2 туонна иэдьэгэй (1,2 %-нан кыра), 3 340,4 туонна аһытыллыбыт үүт ас, сметанаттан ураты (3,3 %-нан элбэх), 20 995 туонна кылгас болдьохтоох килиэп оҥоһуктар (6,4 %-нан аҕыйах) уонна 1 996,6 туонна кондитерскай оҥоһуктар (4,6 %-нан кыра) астанан таҕыстылар.
Сахастат 2023 сыл тохсунньу – балаҕан ыйыгар астаммыт бородуукта индексэтин таһаара илигинэн, тохсунньу – атырдьах ыйынааҕы кэми хабан, ааспыт сыл туһааннаах кэм сыанатын кытта тэҥнии туттахха, 103,9 %-ҥа тэҥнэстэ.
Аны соҕотуопканы ылан көрүөххэ. Ынах сүөһүнү уонна сылгыны идэһэҕэ туттуу билигин эрэ үгэннээн ыытылла турарынан, балаҕан ыйынан сабыллыбыт түмүккэ тыл аҥаарын даҕаны быктарарга сатаммат. Оҕуруот аһын, хортуоппуй уонна бурдук тустарынан эмиэ итинник этиэххэ сөп. Ким төһөнү-хаччаны туттарбыта аны кыһын тохсунньу бүтүүтэ биллиэҕэ. Онон, илиигэ тутан ылар – үүт эрэ баар. Санаттахха, быйыл 64 тыһ. туонна ыаммытынан үүтү тутууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 3 млрд 840 мөл. солкуобай (бырайыагы олоххо киллэрэргэ туһуламмыт үп 90-тан тахса бырыһыана) улуустарга субвенция быһыытынан ыытарга анаан угуллубута.
Былааннаммыт кээмэй былырыыҥҥы былаантан 2 тыһ. туоннанан элбэх. Көнөтүнэн эттэххэ, быйыл ааспыт сыллааҕыга даҕаны тиийбэт кээмэйдээх үүт соҕотуопкаланан иһэр. Министиэристибэ астыыр-үөллүүр салаатын салайааччыта Егор Чичигинаров этэринэн, сорох улуустар 2 800 туонна үүккэ ылбыт квоталарын кыайан туттарбат буоланнар, 168 мөл. солкуобай харчыны бүддьүөккэ төннөрбүттэр. Ити аата ааспыт сылга соҕотуопкаламмыт үүттэн аҕыйах тутуллуоҕа илэ-бодо билиннэ.
Ол даҕаны буоллар, квота эбии көрдүүргэ чугаһаабыт улуустар бааллара эрэл кыымын саҕар. Барыта 20 улууска уонна Дьокуускай куоракка ынах үүтүн 40 соҕотуопкалыыр тэрилтэ туталлар. Отчуоттанар 9 ый түмүгүнэн 5 соҕотуопсуктаах Сунтаар улууһа 5 373 туонна үүтү тутан, сыллааҕы былаанын 80,3, тоҕус ыйдааҕытын 108,7 бырыһыан толордо. Маны тэҥэ тоҕус ыйдааҕы былааннарын аһара толорбуттарга киирэллэр: соҕотох соҕотуопсуктаах Амма улууһа 3 986,1 туонна (106,3%), Ньурба улууһа 3 196,8 туонна (101,9%), Үөһээ Бүлүү 2 482,9 туонна (104,2%), Мииринэй 1 023 туонна (115,2%) үүттээхтэр.
Быйыл Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Уус Алдан, Нам, Үөһээ Бүлүү уонна Сунтаар улуустарыгар астыыр-үөллүүр 7 тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базаларын хаҥатталларыгар анаан 34,9 мөл. солкуобайдаах грант үбүн ыллылар. Бу өйөбүл үбү туһанан, үүт уонна эт астыыр саҥа тэриллэри итиэннэ анал тиэхиньикэни атыыластылар, үлэлиир дьиэлэрин кэҥэтиннилэр.
Хотугу эргимтэҕэ үүттэн астааһыны баһылаабыт “Полюс холода” ТХПК (Үөһээ Дьааҥы) судаарыстыба өйөбүлүнэн 28,5 мөл. солкуобайга саҥа модульнай сыах ылынан, аны саас үлэҕэ киллэрэргэ былаанныыр. Бүлүү улууһугар биир үчүгэй үлэлээҕинэн биллэр “Мастаах-Агро” ТХПК бородууксуйатын харайыллар болдьоҕун уһатаары 1,5 мөл. солкуобайдаах көмө үпкэ үүтү оргутан астыыр тэрили атыылаһан, бэлиэр, тутта сылдьар. “Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ” АУо-ҕа 4,5 тыһ. туонна бурдугу тиэйэн аҕалар ороскуотун сорҕотун толуйарга 30 мөл. солкуобай кээмэйдээх көмө харчы тиксэриллибит.
Василий Никифоров
Хаартыска: «Олох суола» хаһыаттан