Сыл саҕаланыаҕыттан улууска 27 баһаар таҕыста. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, баһаар аҕыйаабыта бэлиэтэнэр (былырыын – 34). Ол эрээри сыл бүтэ илигинэн сибээстээн, улаханнык саҥарар табыллыбат курдук. Кэнники күннэргэ утуу-субуу 3 баһаар буолбута бэлиэтэннэ. Туһааннаах сулууспалар бигэргэтэллэринэн, баһаар төрүөтүнэн оһоҕу туһаныы быраабылатын кэһии буолбут.
Ахсынньы 11 к. 19 ч. Ньурбачаантан 4 км кэриҥэ тэйиччи Өргөрбүт диэн сиргэ «Росгеология» АО геологтарын базатыгар мас баанньык умайбытын туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Ньурбаттан 15 мүнүүтэнэн 4 киһилээх баһаарынай массыына экипаһа тиийэн үлэлээн умуруорбута, баанньык таһыгар турбут «Урал» массыынаны быыһаата. Уот баанньык ис эркинин уонна үрдүн сиэтэ.
Сарсыныгар киэһэлик Ньурба к. Речников уул. турар мас гараж умайан тахсыбытын, баһаарынайдар 3 мүн. тиийэн үлэлээн умуруордулар, аттынааҕы дьиэни быыһаатылар. Уокка 5 кв. м иэннээх гараж эркинэ, үрдэ уонна «Нива» массыына эмсэҕэлээтилэр.
Ахсынньы 14 к. күнүс Хатыыга эмиэ чааһынай гараж умайбытын туһунан биллэрии киирбитэ. Олохтоох баһаарынай чаастан 8 киһи уонна Маалыкайтан баһаарынай массыына тиийэн умуруордулар, аттынааҕы дьиэни быыһаатылар. 72 кв. м иэннээх гараж бүтүннүү уокка былдьанна.
Халлаан тымныытыгар оһох күүскэ оттуллар, электроприбор да күүскэ туһаныллар. Онон улууспут олохтоохторун оһоҕу оттон баран дьиэни-уоту, атын даҕаны эбийиэги көрө-истэ сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ диэн ыҥырабыт.
Геннадий АНТОНОВ.