Бары бииргэ: бу курдук, сомоҕолоһон

 

Аан дойду, киһи аймах хайдахтаах курдук, бары өттүнэн тургутуу кэмигэр ыы муннубутунан кэтиллибиппитин, бары билэн-көрөн олоробут. Оттон Арассыыйа утары атын судаарыстыбалар санкциялара күүһүрэ турар, дойдубутун араас өттүттэн киирэннэр хаайа, ыга, мөлтөтө сатыыллар.

Биллэрин курдук, 2022 сыллаахха олунньу 24 күнүгэр Донбасс эйэлээх нэһилиэнньэтин көмүскүүр сыаллаах Украинаҕа анал байыаннай эпэрээсийэ саҕаламмыта. Урукку өттүгэр, туруктаах кэмҥэ «сомоҕолоһуохха» диэн тыл өскүөрүтүн эрэ туттуллар буоллаҕына, билигин дьиҥ-чахчы түмсэр кэммит үүннэ.

Быһыы-майгы сытыырхайбыта

2021 сыл ахсынньытыттан саҕалаан, биһиги судаарыстыбабытын кытта үтүө сыһыаннаах Донецкай уонна Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр кыраныыссаларыгар быһыы-майгы сытыырхайбыта. Ол курдук, Украина байыаннай группировкалара күн ахсын артиллериянан уонна минометынан ытыалыыллара. Дьиэ-уот, социальнай тутуу бөҕөтүн саахаллаабыттара. Ити түмүгэр, уот, уу ситимнэрэ үлэлээбэт буолбуттара. Ааҕааччым уота уонна уута суох олох-дьаһах хайдах буоларын, бэркэ диэн билэҕин. Эйэлээх нэһилиэнньэ улахан охсууну ылбыта. Киһи бөҕө бааһырбыта, күн сириттэн күрэммитэ.

Олунньу 18 күнүгэр Донецкай уонна Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр салалталара нэһилиэнньэлэрин суһаллык Арассыыйаҕа эвакуациялыыр туһунан дьаһал ылыммыттара. Аан бастакынан ытык кырдьаҕастары, дьахталлары уонна оҕолору көһөрбүттэрэ. Олунньу 21 күнүгэр дойдубут Президенэ Владимир Путин норуотугар тустаах өрөспүүбүлүкэлэри билинэр туһунан туһаайан эппитэ. Бу күн тустаах өрөспүүбүлүкэлэр икки лидердэрин кытта ити туһунан докумуоҥҥа илии баттаһыыта буолбута. Нөҥүө күнүгэр ЛНР уонна ДНР парламентарийдара Арассыыйаны кытта доҕордоһуу, хардарыта сибээс, көмө уонна суверенитеты көмүскээһиҥҥэ, бэйэ бэйэҕэ куттал суоһаабатыгар бииргэ үлэлээһин туһунан дуогабары биир киһи курдук өйөөбүттэрэ.

Ити өрөспүүбүлүкэлэр норуодунай милиссийэлэрин көмөлөрүнэн кытаанах киирсии түмүгэр, Украина сэбилэниилээх күүһэ кыраныысаттан тэйэргэ күһэллибитэ. Бу кэмҥэ Украина былааһа соруйан дьоҥҥо-сэргэҕэ аптамааттары, сэрии сэбин түҥэппитэ. Ити кэмҥэ Киевкэ дьиэлэри халааһын, эйэлээх гражданнарга саба түһүү улааппыта.

Чулуулар ахсааннарыгар киирсэн

Америка, арҕаа дойдулар өйөбүллээх Украина сэбилэниилээх күүстэрин кытта анал байыаннай эпэрээсийэ салҕанан барбыта иккис сылыгар чугаһаата. Төрөөбүт-үөскээбит дойдубут инникитин туһугар уолаттарбыт, эр дьоммут хайдах курдук чулуулар, бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэн, анал эпэрээсийэҕэ кытта сылдьалларын, бары билэбит.

Сахабыт сирэ түөрт Арассыыйа геройданна. Биллэрин курдук, бу үрдүк ааты «Боотур-1» баҕа өттүнэн этэрээт, «Барс-2» батальон хамандыыра Александр Колесов ылбыта. Кини кэниттэн уос номоҕор киирбит «Алеша» Т-80 тааҥка экипаһыгар баар уолаттарбыт Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев Арассыыйа геройа үрдүк ааты сүкпүттэрэ. Бу туһунан хайаан да ахтыллыан наадалаах.

Ааһан эрэр 2023 сыл от ыйыгар куйаар ситимигэр Запорожскай туһаайыытынан «Алеша» тааҥка нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһаабытын кэнниттэн Украина аармыйатын аҕыс бронемассыына холуоннатыгар суос соҕотоҕун кэтиллэ түспүтүн туһунан видеоролик тахсыбыта. Холуонна ортотугар икки Т-72Б тааҥка баара. Биһиги «Алеша» тааҥкабыт экипаһа тэҥэ суох киирсиигэ ытыаласпытынан барбыта. Аҕыйах мүнүүтүнэн оператор-наводчик Украина икки тааҥкатын суулларбыта. Харса-хабыра суох ытыалааһыы түмүгэр «Алеша» тааҥка механик-ыытааччыта бааһырбыта. Тааҥка экипаһын хамандыыра Расим Баксиков киниэхэ бастакы көмөнү оҥорбута.

Чаас аҥаарын устата кытаанах хабыр хапсыһыы буолбута. Ити кэмҥэ биһиги экипажпыт сатабылынан АХШ оҥорбут биэс Махх Рro бронетраспортера уонна биир М113 БТР десантниктары кытта суоһарыллыбыттара.

Курскай Тоҕойдооҕу сэрии түмүктэммитэ 80 сылыгар аналлаах Курскай уобаласка буолбут тэрээһиҥҥэ Россия Президенэ Владимир Путин «Алеша» тааҥка экипаһын састаабыгар: старшай лейтенант Расим Баксиковка, лейтенант Александр Леваковка, ефрейтордар Алексей Неустровка, Филипп Евсеевка уонна Илья Гавриловка Арассыыйа Геройун кыһыл көмүс сулуһун түөстэригэр иилбитэ. Сунтаар улууһуттан төрүттээх Филипп Евсеевпыт эһээтэ Курскай Тоҕойдооҕу сэриигэ кыттыыны ылбытынан, бу күн киниэхэ икки бүк долгутуулааҕа.

Оттон Алексей Неустроев түөрт геройдаах Уус-Алдан улууһун Танда бөһүөлэгэр бэһис геройунан буолбута, бу сир-уот туспа ньэгирдээҕин туоһулуур дии саныыбын.

Маны таһынан дойду аҕа баһылыга геройдары кытта Кремльга официальнайа суох быһыыга-майгыга сылаас чэй иһэ-иһэ атах тэпсэн олорон, ирэ-хоро кэпсэппитэ.

Билигин герой уолаттарбыт, «Алеша» экипаж туһунан хоһооннор хоһуйуллаллар, ырыалар айыллаллар. Инникитин уус-уран киинэ да уһуллуо дии саныыбын.

Төрдүс геройбутунан Сунтаар улууһуттан төрүттээх, Жуков уордьаннаах муора пехотатын 155-с гвардейскай биригээдэтин рядовойугар Дмитрий Егоров буолар. Кини Украина сэбилэниилээх күүһүн алта боевигын кытта соҕотоҕун киирсэн, түөрт утарсааччытын суоһарбыта. Кини уоттаах киирсиигэ бастакынан киирбитэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, хабыр-хапсыһыы толоонугар кини сырдык тыына быстыбыта. Дмитрий хорсун быһыытын үрдүктүк сыаналааннар киниэхэ Арассыыйа геройа үрдүк аат иҥэриллибитэ. Биир дойдулаахпыт көмүс уҥуоҕун дойдутугар Сунтаар улууһун Уһун-Күөл бөһүөлэгэр кистээбиттэрэ. Соторутааҕыта үөрэммит оскуолатыгар «Герой паартатын» аһыллыытын тэрээһинэ буолбута. Үөрэнээччилэр, оҕолор аҕа саастаах герой биир дойдулаахтарын аатынан киэн туттуохтара, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буоларга үөрэниэхтэрэ турдаҕа.

Геройдары таһынан уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыт биир дойдулаахтарбыт элбэхтэр. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт, кытта сылдьар дьоммут хас биирдиилэрин ааттарынан киэн туттабыт.

Биллэрин курдук, Араассыыйа оборонатын министиэристибэтэ саха саллааттарын туһунан документальнай киинэ уста сылдьар. Ити киинэ мээнэҕэ уһуллубата биллэр. Уоланнарбыт, боотурдарбыт атыттартан уратылаах, тугунан эрэ чорбойор буоланнар бу документальнай киинэ уһуллар. Бастатан туран, саллаат уолаттарбыт төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилэрэ, иккиһинэн айылҕаҕа ураты чугастарынан, эрдэттэн билэр-көрөр кыахтара-күүстэрэ, сатабыллара, үсүһүнэн кыргыһыы хонуутугар сырдык тыыннара быстыбыт, бааһырбыт саллааттары хаһан да хаалларбаттара болҕомтону тарпыт буолуохтаах. Бу туһунан Алгыс Уйбаан видеота баар. Атын саллааттар батыһа сылдьаннар, биһиги уолаттарбыт утуйар сирдэригэр эрэ утуйаллар, үрүҥ тыннарын харыстаналлар эбит. Күүстээх аҥаардарбыт уйан-хатан быһаарыллар быһыыга-майгыга айылҕалара, сылык өйдөрө-санаалара уһуктарын үгүстэр бэлиэтии көрөллөр.

Итини таһынан куйаар ситимигэр биһиги уолаттарбыт хорсуннарын, сатабылларын туһунан атын норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ ыытар элбэх видеолара кэлэр.

Айыы киһитэ аһыныгас

Анал байыаннай эпэрээсийэ саҕаланыаҕыттан биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата уонна олохтоохторо күүс-көмө, өйөбүл буола олороллор. «Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс» диэн өбүгэ саҕаттан кэлбит этиибитигэр баар киһи быһыытынан үтүө-мааны хаачыстыбабытын илдьэ, иҥэринэ сылдьарбытын өссө төгүл көрдөрө сылдьабыт диэтэхпинэ, сыыстарбатым буолуо.

Ол курдук, Норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр өтөрүнэн үүнүүгэ-сайдыыга туох да үлэ барбатах куораттарын, нэһилиэнньэлээх пууннарын чөллөрүгэр түһэрэргэ регионнары сыһыартаабыттара. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Донецкай уобалаһын Кировскай куората сыһыарыллыбыта.

Бу куоракка 27 тыһыынча киһи олорор. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир үп-харчы университетын доцена, «Ленскэй кулууп« экспердэ Дмитрий Журавлев биһиги өрөспүүбүлүкэбит сыһыарыллыбыт куоратыгар Кировскай улахан үлэни ыыппытын бэлиэтээбитэ. Үүнэр 2024 сылга Саха сирэ 46 объегы, 8 элбэх квартиралаах дьиэни ситэрэн-хоторон оҥоруохтаах. Өрөспүүбүлүкэ Кировскайга хайыы үйэ оскуолалары, оҕо саадтарын, балыыһалары, суолу-ииһи киллэрэн туран, барыта 59 объегы чөллөрүгэр түһэрбит. Үс сыл устата Кировскай куоракка 100-тэн тахса социальнай объекка өрөмүөн үлэтин ыытыахтаах.

Бу күһүн Дьокуускайга аан бастакы фашистааһыны утары норуот миитинэ үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта.

Улуустар, тэрилтэлэр, урбаанньыттар уонна Саха сирин олохтоохторо анал байыаннай эпэрээсийэ кыттыылаахтарыгар ким тугу кыайарынан, сатыырынан төһөлөөх элбэх гуманитарнай көмөнү оҥорбуттара, оҥороллоро буолуой? Кырачааннарбыт кытта уруһуйдаан, сурук суруйан, сырдык санааларынан анал эпэрээсийэ кыттыылаахтарыгар өйөбүл буолаллар. Уус-уран тыллаах биир дойдулаахтарбыт алгыстарын мунньан, бэчээттэтэн хабыр хапсыһыыга сылдьар уоланнарбытыгар ыыппыттара, биир дойдулаахпытыгар харысхал буола сырыттаҕа. Ырыаһыттарбыт тиийэннэр ыллааннар-туойаннар боотурдарбыт куттарын-сүрдэрин бөҕөргөтөн кэлэллэр. Күн күбэй ийэлэр мустаннар анал байыаннай эпэрээсийэҕэ барар уолаттарга анал таҥас нобуорун тигэн биэрэллэр. Аһынан-үөлүнэн көмө туһунан этэ да барыллыбат. Этэргэ дылы, атын регионнар уоланнара ымсыырыахтарыгар диэри…

Араас куораттарга баар волонтердарбыт үтүө-мааны майгыларынан салайтаран, хайдахтаах курдук ис дууһаларыттан үлэлии-хамсыы сылдьалларын, билэн-көрөн олоробут.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата анал байыаннай эпэрээсийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр араас миэрэлэри ылынар. Ол курдук, олорор дьиэ иһин төлөбүр ороскуотун уонна хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун 50% компенсациялыыр, култуура тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар чэпчэтии көрөр, анал байыаннай эпэрээсийэ кыттыылаахтарын оҕолоро куруһуоктарга, спортивнай секцияларга босхо сылдьалларын курдук уонна кинилэри босхо спортивнай таҥаһынан хааччыйар о.д.а. миэрэлэр бааллар.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр анал байыаннай эпэрээсийэ 400 кыттыылааҕа реабилитацияны ааспыт. 1192 байыаннай сулууспалаахха уонна 1920 кинилэр дьиэ кэргэттэрин кыттыылаахтарыгар медицинскэй көмө оҥоһуллубут. Өрөспүүбүлүкэбитигэр байыаннай сулууспалаахтары өйүүр араас миэрэлэр бааллар. Ол курдук, 78 дьиэ кэргэҥҥэ олорор дьиэлэрин гаазтааһыҥҥа материальнай көмө оҥоһуллубут.

Дьокуускай куораты ылан көрөр эбит буоллахха, анал байыаннай эпэрээсийэ кыттыылаахтарыгар Дьокуускай куоракка кинилэргэ уонна кинилэр оҕолоругар уопсастыбаннай транспорга босхо айаннааһын олохтоммута. Оҕолор уочарата суох оскуоланан уонна оҕо саадтарынан хааччыллаллар. Бэһис кылаастан саҕалаан уон биирис кылаас үөрэнээччилэрэ босхо сылаас аһылыгынан хааччыллаллар. Оҕолорго лааҕырдарга уонна доруобуйаларын чөллөрүгэр түһэрэр кииннэргэ босхо путевкалар бэриллэллэр. Анал байыаннай эпэрээсийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр бородуукта нобуордара бэриллэллэр.

Дойдубут хаһааҥҥытааҕар да туруктаах буолуохтаах кэмигэр бу курдук, сомоҕолоһуулаах, түмсүүлээх, айыы санаабытынан салайтарар эрэ буоллахпытына, чэпчэкитэ суох, кытаанах кэмнэри мүлчү түһэммит, нус-хас олоххо тиийэрбит саарбаҕа суох.

Людмила Ноговицына

Читайте дальше