Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо, биэс оҕо эдэр, эрчимнээх ийэтэ Анна Николаевна Васильева быйыл, кулун тутар ыйга улуустааҕы социальнай харалтаны кытары социальнай хантыраак түһэрсэн, улуустааҕы Дьарыктаах буолуу кииниттэн субсидия ылан, бэйэ дьыалатын тэринэн ас-үөл астаан атыылыыр кыра дьыала тэринэн, сөбүлүүр дьарыгынан үлэлии-хамсыы сылдьар.
-Үлэтэ суох дьоҥҥо, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ маннык көмөлтө бара олус биһирэбиллээх, хайҕабыллаах дьыала.
Бэйэм анал асчыт үөрэҕим суох да буоллар, ас арааһын астаан, саҥаттан саҥа аһы астыырга үөрэнэрбин сөбүлүүр буоламмын, бэйэм-бэйэбэр үлэлээн эбии дохуот оҥостууһубун диэммин олунньу ыйга үлэбиттэн уурайан бэйэ дьыалатын тэринэргэ санаммытым.
Кыра оҕолордоох ыал ийэтигэр кулуупка түүннэри-күнүстэри сылдьан үлэлиир сылаалааҕын эт хааммынан билэн, үлэм чааһа сөп түбэспэккэ элбэх эрэйи көрсөрүм. Бу маннык бэйэ дьыала тэринэн оҕолорбунаан элбэх бириэмэ атаарарбыттан үөрэбин.
Аан бастаан Маалыкай хабар ортотугар урукку маҕаһыын буолан турбут дьиэни уларсан үлэлээн испитим, кэргэним, дьүөгэлэрим көмөлөрүнэн түргэнник хамсанан, барытын дьаһанан, бэлэмнэнэн этэҥҥэ 3 ый үлэлээбиппит. Ол кэмҥэ үлэлии турбут дьиэбин атыылааннар, билигин барытын дьиэбэр көһөрөн турабын. Маалыкай сыантырыгар дьиэ көрүнэбин. Суолбут турдаҕына үрдүк кыамталаах уокка көҥүл ыларга сүүрүөм-көтүөм этэ, оччоҕуна сорох тэрилим холбонон, аспыт ассортимена хаҥыа этэ.
Сүрүн астыыр астарбыт: шаурма, шашлык в лаваше, пицца, наггетцы, картошка фри, картофель Айдахо, корн-дог, бэрэски, беляши, чебурек, самса, ушки, суши. Маны таһынан оҕолорго сахарнай баата, поп-корн оҥоробут. Дьиэбэр астыыр буоламмын билиҥҥи кэмҥэ сакааһынан тиэрдиигэ үлэлиибин, — диэн кылгастык кэпсээтэ.
Ньурбатааҕы Дьарыктаах буолуу киинэ