Бэс Атахха – Сайылык күнэ

🌿🌿🌿🐄🐄🐄Сайылык күнүн көрсө, «Ньурба-Агро МТС» АО Бэс Атах сайылыга дьон, сүөһү кэлэн сэргэхсийэ түстэ, алааска түптэ күөх буруота тарҕана унаарыйда.

Биригэдьиир Будимир Иванов кэпсииринэн, хаһаайыстыбаҕа 77 ынах төрөөн турар. Сайылыкка тахсыбыттарын кэннэ номнуо 3 ынах төрөөбүт, аны 40-ча ынах төрүөхтээх.

«3 ыанньыксыт үлэлиир, ыстаарсайдара — Алексей Егорович Суздалов, — диир биригэдьиир. — Давыд Николаев уонна Александр Иванов – бостууктар. Билигин күҥҥэ 2-тэ ыыбыт, күннээҕи үүппүт 700 лиитэрэ буолар. Үүт сыата үрдүк: 3,5%-тан 4,2%-ҥа тиийэр. Күөх от саҥа быган эрэр, ол иһин дьиэ таһыгар аҕыйах рулон оту ыһан биэрэн сиэтэ сылдьабыт. Хаачыстыбалаах үчүгэй уотурбабыт баар, ону эмиэ сиэтэбит.

Бэс ыйыттан үстэ ыаһыҥҥа киириэхпит. 4-с ыанньыксыт эбиллиэхтээх уонна 1 солбук кэлиэхтээх. Үлэһиттэрбит күнү быһа манна сылдьаллар, итии аһылыгынан хааччыллаллар. Анараа кыстык хотоҥҥо да үлэлиир эрдэхпитинэ итии аһылыгынан хааччыйар этибит. Хамнаспытын ыйга иккитэ ыла сылдьабыт. Бэрээдэк үчүгэй. Кырдьаҕас үлэһиттэрбит, бэтэрээннэрбит мэлдьи сибээскэ бааллар, настаабынньык курдук кэлэн биһиэхэ көмөлөһөллөр, сүбэлииллэр-амалыыллар.

Улууспут баһылыгын дьаһалынан СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уонна нэһилиэнньэҕэ босхо 60-тан тахса тарбыйаҕы тарҕаттыбыт. СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн 30 сайаапка киирбитэ, 12 тарбыйаҕын ылбыттара, уоннааҕытын кэтэһэ сылдьаллар».

Ыам ыйын 22 күнүгэр улуустааҕы култуура үлэһиттэрэ Бэс Атахха Сайылык күнүгэр аналлаах тэрээһини үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыттылар. Хаһаайыстыба сайылыкка көһөн тахсыытыгар аналлаах алгыс сиэрин-туомун биллиилээх алгысчыт уонна норуот эмчитэ, Таркаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Алиса Иннокентьева толордо, сахалыы таҥастаах Далбар хотуттар аар хатыҥҥа салама баайдылар.

Улуустааҕы култуура департаменын салайааччыта Розалия Тихонова, кини солбуйааччыта Артур Кузьмин, култуура департаменын отделын салайааччыта Розалия Тартакынова, Антоновкатааҕы «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ, улуус Сүбэтин дьокутаата Мотрена Захарова истиҥник эҕэрдэлээтилэр, ылбаҕай ырыаны бэлэх ууннулар. Бэлиэ түгэҥҥэ бэтэрээннэри уонна да атыттары «Ньурба-Агро МТС» АО баай-талым астаах-үөллээх остуолун тула олордон күндүлээтилэр.

Тэрилтэ дириэктэрэ Семен Николаев хаһаайыстыба үлэтиттэн билиһиннэрбитин дьон сэргии иһиттэ. «Ынахтар туруктара үчүгэй, аһылык, от баар буолан, кыстыгы үчүгэйдик туораатыбыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ хонтуруолунай ынах ыамын ыытан, «Ньурба-Агро» МТС» үүккэ үчүгэйдик ылсан үлэлии олорор диэн сыанабыллаах олороллор. Билигин ньирэйдэргэ биэрэр үүппүтүн ааҕан туран, күҥҥэ 700-тэн тахса лиитэрэ үүт ыанар буоллаҕына, үүппүт ыамын күҥҥэ 1,5 туоннаҕа тиэрдиэхтээхпит. Күннэтэ 50 кг сүөгэй, 25 кг арыы оҥоһуллан атыыга тахсар. Саҥа сыахпытын оҥостоору сылдьабыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр хотон тутуутун толуйууга киирсээри сылдьабыт. Инникитин зоотехническай үлэлэри күүскэ ыытан, боруода туҥуйдары аҕалан бородууксуйаны үрдэтэр туһугар үлэлиэхпит. Дьоммут үлэлиир настарыанньалаах».

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытын солбуйааччыта Владимир Семенов тэрилтэ бастыҥ үлэһиттэригэр наҕараадалары туттарда. Ол курдук, Алексей Суздалов, Александр Иванов уонна Давыд Николаев тыа хаһаайыстыбатын департаменын Бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэннилэр. Аһы-үөлү дэлэтэн үрүҥ илгэни үрүлүтэ сылдьар үлэһиттэргэ уонна бэтэрээннэргэ истиҥ-иһирэх эҕэрдэ тыллара, ылбаҕай ырыалар ананнылар, оонньуу оройуттан, көр-нар көҕүлүттэн тутулунна.

Кимнээҕэр даҕаны болҕомтолоох истиҥ-сыһыантан ордук бэтэрээннэр үөрдүлэр, уруккуну-хойуккуну даҕаны санаһан ыллылар. Кылыяров Иван Моисеевич: «Аканаттан 1993 с. көһөн киирэн олохсуйуохпуттан, манна уҥуор 3 сыл звеноводтаабытым. Онтон Куочайга үлэлээбитим 27-с сылым буолла. Билигин отчуттартан саамай кырдьаҕастара буолабын, 2 ыйынан 70 сааспын туолабын. Манна ыҥырбыттарыгар наһаа үөрэн турабын. Саҥа дириэктэр Семен Николаев окко киирээр диэн ыҥырар, кэмминэн буоллахпына киирэн үлэлэһэн көрүөм. Бүгүҥҥү бырааһынньык олус үчүгэй. Сайылык күнүгэр уонна Ньукуолаҕа анаан бэркэ тэрийдилэр, биһиэхэ элбэх үөрүүнү бэлэхтээтилэр».

Бу курдук өрөспүүбүлүкэҕэ Сайылык күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытыллан түмүктэннэ.

Геннадий Антонов

Читайте дальше