Узбекистан былыргы историческай куоратыгар Хиваҕа балаҕан ыйын 8-9 кк. мас тардыһыытыгар аан дойду V чөмпүйэнээтэ ыытыллар. 18 араас дойдуттан күүстээх мадьынылар күрэхтэһэллэр. Быйыл үгэс буолбут эр дьон уонна дьахталлар күрэхтэһиилэрин сэргэ 16-17 саастаах уолаттар уонна кыргыттар, итиэннэ бэтэрээннэр киирсиилэрэ буолуоҕа.
Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата (манна үксэ Саха сирин мадьынылара киирдилэр) Узбекистаҥҥа бэҕэһээ түүн тиийдилэр. Арассыыйа бэтэрээннэрин хамаандатын састаабыгар (бастакы хаартыска) Дьаархантан төрүттээх биир дойдулаахпыт, мас тардыһыытыгар Арассыыйа 3 төгүллээх чөмпүйүөнэ Инна Пермякова баар. Кини 65 кг үөһэ ыйааһыҥҥа күрэхтэһиэҕэ.
Хаартыскаҕа: Саха сирин спортсменнара.
Инна Ивановна иһитиннэрэринэн, бүгүн спортсменнар ыйааһыннаналлар, бары кыайыыга дьулуурдаахтар. Сарсын Ичан-Кала комплексыгар күрэхтэһии саҕаланар, чөмпүйэнээт үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа. Мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйэнээтин Хиваҕа эмиэ бу күннэргэ буолар Этноспорт маҥнайгы норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлин кыттыылаахтара (60-тан тахса дойдуттан) көрүөхтэрэ. Биир дойдулаахпытыгар Инна Пермяковаҕа ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.
Геннадий АНТОНОВ.