Кулун тутар 22 күнүгэр Ньурба оройуонун Бордоҥ нэһилиэгэр, төрүт өбүгэбит удьуорун төрдүн ытык ситимин тутар, сардаҥалаах сырдык санаанан салайтарар, өбүгэлэрбит өйүө гынан хаалларбыт үтүөкэн үгэстэрин инники күөҥҥэ тутар, оройуон таһымыгар 10-с төгүлүн ыытыллар “Баай Барыылаах Байанай-2024» булчут күрэҕэ, Степан Васильев аатынан сопхуос кадровай булчута, Амакинскай экспедиция сирдьитэ, тыыл-үлэ бэтэрээнэ, Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Андреев Николай Игнатьевич-Тоҥуһаа аатыгар ананан үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Күрэҕи Бордоҥ нэһилиэгин уонна оройуон дьаһалталара, СЭК Ньурбатааҕы кэмитиэтэ, «Айар Киин» Норуот Айымньытын Дьиэтигэр көҕүлээн, тэрийэн ыыттылар.
Күммүт анаабыт курдук олус сылаас, чаҕылхай күн буолан биэрдэ. Бу курдук күрэххэ уопсайа 10 нэһилиэктэн, эдэрдии эрчимнээх, эстибэт сэниэлээх, тоҥ иҥиирдээх, быыппастар былчыҥнаах эр бэртэрэ, Баай Байанайга сүгүрүйэн, булт абылаҥар ылларан бэйэ-бэйэлэрин кытта күөн көрсүһэ, Бордоҥ нэһилиэгин сиригэр уотугар — Марха Эбэбитигэр барыта 80 күрэхтэһээччи тоҕуоруһа муһунна.
Ол курдук Маалыкай, Антоновка, Сүлэ, Малдьаҕар, Чуукаар, Хаҥалас, Өҥөлдьө, Маар, Күндээдэ уонна Дьаархан нэһиликэтэрэ кыттыыны ыллылар.
Ыалдьыттарынан Ньурба оройуонун аҕа баһылыга Иннокентьев А.М., Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай экологическай кэтэбил кэмитиэтин салайааччыта Парников Г.П., нэһилиэк баһылыктара, Ньурба оройуонун тэрилтэлэрин салайааччылара буоллулар.
Күрэх саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри нэһилиэк олохтоохторо итии чэйдээх, дэлэй астаах-үөллээх атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын уонна түөлбэлэринэн булт аһын, тоҥ ас быыстапкатын тэрийдилэр. Николай Игнатьевич оҕолоро кэлбит дьону кыыл этинэн күндүлээтилэр. Аҕаларын туһунан бэртээхэй быыстапканы тэрийдилэр. Тэрээһини олохтоох уонна ыҥырыылаах ырыаһыттар ылбаҕай ырыаларынан киэркэттилэр. Комментаторынан Ньурбатааҕы драмтеатр артыыһа Дмитрий Слепцов саҥаран-иҥэрэн мустубут дьон сүргэтин көтөхтө. Күрэх кылаабынай судьуйатынан буолла Ньурбатааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтин салайааччыта Парников Герасим Петрович уонна судействоҕа күүс-көмө буоллулар кэмитиэт үлэһиттэрэ Духов Виталий Валерианович Софронов Стас Николаевич.
Уоту оттууга 1 миэстэ – Маалыкай (19,51 сөк.).; 2 – Маар (25,91 сөк.)., 3 — Өҥөлдьө (26,93 сөк.). 4 – Антоновка; 5 – Күндээдэ; 6 – Сүлэ; 7 — Малдьаҕар; 8 – Дьаархан; 9 – Хаҥалас; 10 – Чуукаар.
- Ойбон алларыыта: 1 миэстэ – Сүлэ (4 м. 07 сөк.).; 2 – Маар (4 м. 17сөк).; 3 — Өҥөлдьө (4 м. 24 сөк.). 4 – Антоновка; 5 – Малдьаҕар; 6 – Чуукаар; 7 — Күндээдэ; 8 – Дьаархан; 9 – Хаҥалас; 10 – Маалыкай.
- Күөс өрүүтэ, чэйи оргутуу. 1 миэстэ – Маалыкай (11м52с80); 2 – Маар (13м26с05); 3 – Антоновка (3м33с10). 4 – Малдьаҕар; 5 – Сүлэ, 6 – Дьаархан; 7 – Чуукаар; 8 – Күндээдэ; 9 – Хаҥалас; 10 — Өҥөлдьө.
- Викторина. 1 миэстэ — Өҥөлдьө; 2 – Маар; 3 – Антоновка. 4 – Малдьаҕар; 5 – Дьаархан; 6 – Хаҥалас; 7 – Маалыкай; 8 – Чуукаар; 9 – Күндээдэ; 10 – Сүлэ.
- Эстафета. 1 миэстэ – Маар (6м35с08), 2 — Өҥөлдьө (7м21с38); 3 – Чуукаар (7м30с53). 4 – Сүлэ; 5 – Маалыкай; 6 – Малдьаҕар; 7 – Күндээдэ; 8 – Хаҥалас; 9 – Антоновка; 10 – Дьаархан.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн кыайыылаҕынан Маар хамаандата таҕыста. Өҥөлдьө — 2-с, Антоновка – 3-с миэстэ буоллулар. Күрэхтэһии түмүгүнэн улуус сүүмэрдэммит хамаандата тэриллэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Байанай күрэҕэр» кыттыаҕа.
Сүрүн бириис быһыытынан бастаабыт хамаандаҕа Бордоҥ нэһилиэгин дьаһалтата 80 тыһ. солк., грамота, кубок, уонна Андреев Н.И. оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут доруоп сааҕа сертификат, 2 миэстэҕэ — улуус дьаһалтата 56 тыһ. солк., спонсордар чороонноро уонна генератор, 3 миэстэҕэ — Бордоҥ нэһилиэгин дьаһалтата 40 тыһ. солк. уонна спонсордартан генератор.
Маны таһынан хас биирдии көрүҥ аайы 3-түү миэстэҕэ спонсордар Ньурба улууһун маҕаһыыннара, урбаанньыттар бириистэри туруордулар.
Ойбон алларыы бириистэрэ (хамаандаттан 2-кыттааччы): 1 миэстэҕэ — бензопила (Такыров Сергей Петрович), реечнай домкрат (ИП Жарханскай Иван Ефремович). 2 миэстэҕэ «Ресанта» шлифовальнай массыына («Вольт» маҕаһыын Григорьев Дмитрий Данилович), «Колнер» шлифовальнай массыына («СМУ» ХЭТ, салайааччы Потапов Павел Викторович). 3 миэстэҕэ — шуруповерт (Такыров Сергей Петрович), шуруповерт (Олҕу-дьаҺаҕы хааччыйар сулууспа, салайааччы Кириллин Афанасий Евгеньевич).
Уот оттуу, күөс өрүү бириистэрэ (хамаандаттан 2-лии кыттааччы): 1 миэстэҕэ -балаакка (Муксунов Василий Савич), күлүүс нобуора «Пятерка» маҕаһыын, салайааччы Михайлов Александр Николаевич). 2 миэстэҕэ 100 уст. ботуруон (тыа хаһаайыстыбатын департамынын салайааччыта Ушканов Леонид Владимирович); 100 уст. ботуруон – улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Семенов Василий Николаевич). 3 миэстэҕэ – кемпинг нобуора («Арыылаах» ХЭТ, салайааччы Тихонов Алексей Николаевич), шуруповерт-дрель («Тайга» маҕаһыын, сал. Колесов Петр Николаевич), кемпинга нобуора (ООПТ «Ээдьээн», Васильев Александр Дмитриевич), «Беркут» маҕаһыын 2000 солк. сертификата (ООПТ «Ээдьээн», Тобонов Андрей Гаврильевич).
АК сааны ыһыы-хомуйууга (хамаандаттан 1-кыттааччы): 1 миэстэҕэ – сытыылыыр станок (Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар сулууспа, сал. Кириллин Афанасий Евгеньевич); булт лицензията («Байар» кэпэрэтиип), «Булчут дьааһыга» (ООПТ «Ээдьээн»; 2 миэстэҕэ – 100 уст. Ботуруон (Кириллин Афанасий Евгеньевич). 3 миэстэҕэ – 5 ынах арыыта («Ньурба-Агро МТС», сал. Николаев Семен Николаевич).
Викторина бириистэрэ (хамаандаттан 1-кыттааччы): 1 миэстэҕэ — балаакка («Арыылаах» ХЭТ, сал. Тихонов Алексей Николаевич), табаҕа лицензия («Булчут» ХЭТ, бэрэстэбиитэл Степанов Владимир Николаевич). 2 мисэтэҕэ — гайковерт («Крепеж» маҕаһыын, сал. Антонов Петр Иванович), «Булчут нобуора» («Арыылаах» ХЭТ, Тихонов А.Н. 3 мисэтэҕэ — банаар (ООПТ «Ээдьээн», Григорьев Тихон Иванович), «Набор выживания» («Арыылаах» ХЭТ, Тихонов А.Н.).
Эстафета бириистэрэ (хамаанданан) 1 миэстэҕэ — 30000 солк. («Сэттэ» тутуу хампаанньата», 2 миэстэҕэ – 10000 солк. (Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров аҕата Николай Алексеевич Егоров), 10000 солк. (Ньурбатааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ, сал. Парников Герасим Петрович). 3 миэстэҕэ — 10000 солк. (урбаанньыт Сотников Николай Владимирович).
Күрэхтэһии түмүгүнэн хамаандалар бириистэрэ: 1 миэстэҕэ — 80000 солк., кубок (Бордоҥ нэһилиэгин дьаһалтата), сааҕа сертификат (Андреевтар дьиэ кэргэттэрэ — Тоҥуһаа оҕолоро, сиэннэрэ). 2 миэстэҕэ — 56000 солк. сертификат (улуус дьаһалтата), бензиновай генератор (Андреевтар дьиэ кэргэттэрэ — Тоҥуһаа оҕолоро, сиэннэрэ), чороон (ООПТ «Сугдьаар», Степанов Альберт Федорович). 3 миэстэҕэ – 40000 солк. (Бордоҥ нэһилиэгин дьаһалтата), генератор — Кылыяров Владимир Павлович.
Күрэхтэһии түмүгүнэн улуус сүүмэрдэммит хамаандата тэриллэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Байанай күрэҕэр» кыттыаҕа.
Бордоҥ нэһилиэгин дьаһалтата уонна Ньурбатааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ