Бу ыйга 3 дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Быйыл Ньурба куоракка «Саахалланар туруктаах уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» судаарыстыбаннай тосхолунан элбэх кыбартыралаах дьиэлэр үлэҕэ киирэллэрэ күннэтэ чугаһыыр. Бу сылга 4 дьиэ бүтэрэ былааннаммыта эрээри, «Виком» ХЭТ үп-харчы өттүнэн балаһыанньата уустугунан сибээстээн, Кузаков уул. 40 №-дээх 4 этээстээх, 32 кыбартыыралаах дьиэтэ хойутуур буолла. Инньэ гынан бу ыйга 3 элбэх дьиэ саҥа олохтоохторо кыбартыыралырын күлүүһүн ылан көһөн киириэхтэрэ.

Ньурба к. Комсомольскай уул. элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ тутуутугар “Региональнай сайдыы“ ХЭТ 39 киһилээх биригээдэтэ үлэлиир.

«Үлэбит түмүктүүр түһүмэххэ киирдэ, — диэн кэпсиир «Региональнай сайдыы” ХЭТ кылаабынай инженерэ Артем Тимофеев. — Кырааската бүппүтэ, бары этээстэринэн сантехниката, уутун ситимэ тардыллар уонна оборудованиета олордуллар. 58 кыбартыыралаах дьиэҕэ 12 таджик уонна 5 сантехник (Дьокуускайтан, Ньурбаттан), 53 кыбартыыралааха 17 таджик уонна эмиэ олохтоохтортон 5 сантехник үлэлииллэр. Сантехниктар унитаз, ванна уонна раковина олордоллор, уу ситимин турбатын тардаллар. Бу ыйга үлэбитин түмүктүөхпүт.

Сылааһа хойутаан холбонон, бастаан болдьоммут кэмтэн хойутааһын таҕыста. Инньэ гынан балаҕан-алтынньы ыйдарыгар элбэх бириэмэбитин сүтэрдибит. Хата, этэҥҥэ холбоон дьиэбит сылыйан, дьоммут этэҥҥэ үлэлии сылдьаллар. Аҕыйах үлэ хаалла. Үлэлиир матырыйаалбыт барыта баар. Арай кыра расходнай матырыйааллар тиийбэттэр, ону үрдүттэн атыылаһа сылдьабыт, Ньурба маҕаһыыннарыгар бааллар. Онон матырыйаалга кыһалҕа суох.

Манна кыбартыыраларын ылыахтаах олохтоохторго кыра кэм хаалла, бука диэн кыратык күүтэ түһүҥ. Саҥа дьылга диэри үлэни бүтэрэн кыбартыыларгыт күлүүстэрин туттарыахпыт».

58 кыбартыыралаах дьиэни кэрийэ көрөбүн, хойутаабыт эбиэт кэмэ буолан таджиктар биир хоско мустан күө-дьаа эбиэттии олороллор. 2 сантехник иккис этээскэ көрүдүөргэ уу ситимин тарда сылдьаллар, биирдиилээн сантехниктар үлэлии сылдьаллар. Кыбартыыраларга барытыгар ваннаҕа ууну сылытар тэриллээх (водонагреватель), куукунаҕа духовкалаах электроплиталаах буолар эбит, сорох водонагреватели туруорбуттар.

Сергей Васильев төрдө Ньурба, Дьокуускайтан кэлэн үлэлии сылдьар. «Кэпсиирим улахан суох, — диир кини. – Сантехниктар биригээдэлэригэр 12-бит. Үлэбитин бүтэрэ сатыыбыт».

Манна кыбартыыра ылыахтаах кэргэннии Прокопий Давыдович уонна Наталья Владимировна Федоровтары кирилиэскэ көрсө түстүм.

«Мин Ньурба тыйаатырыгар үлэлиибин, — диир Прокопий Давыдович. – Кэргэним «Светлячок» оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлиир. Кузаков уул. 5 №-дээх дьиэтигэр олоробут. Саҥа дьиэҕэ киириэхтээхпит диэн кэлэн көрө сылдьабыт.

Бу ыйга саҥа кыбаартыра хаһаайына буоларбытыттан улаханнык үөрэ сылдьабыт. Билигин олорор дьиэбит ситэтэ суох хааччыллыылаах мас дьиэ. Онон сотору толору хааччыллыылаах дьиэҕэ киирэрбитин долгуйа күүтэбит. Кыбартыырабыт иэнинэн суоттаан, саҥа дьиэҕэ биир хостоох кыбартыыраны анаабыттара, бастакы этээскэ баар. 2 уоллаахпыт, кыра эрдэхтэринэ олорон кэлбит дьиэбит сөп этэ, онтон билигин улааттылар».

Бөртөлүөт пааматынньыгын уонна спорт былаһааккатын аттыгар Комсомольскай 125 №-дээх 5 этээстээх, 30 кыбартыыралаах дьиэ тутуутун үлэтэ түмүктэннэ. Ваннатын, туалетын, водонагревателин барытын туруоран холбообуттар. Дьокуускайдааҕы «Нидстрой” ХЭТ 3 үлэһитэ бытархай үлэ хаалбытын ситэрэ сылдьаллар. Кыбартыыралар уопсай иэннэрэ — 1780,84 м2. 29 кыбартыыра «Переселение» бырагырааматынан барар, 1 кыбартыыра – коммерческай.

 

Геннадий Антонов