Бултааһыҥҥа лицензиялары тыырдылар

Бэҕэһээ быһа эфиргэ бултааһыҥҥа көҥүл ылааһыны Экология кэмитиэтэ оонньотто. Барыта 302 сайабылыанньа киирбит. Тайахха, тыатааҕыга, туртаска, кыыл табаҕа көҥүл оонньонно.

Кыыл табаны бултааһыҥҥа 143 сайабылыанньа киирбититтэн 47 лицензия тыырылынна.
Туртаска 32 сайабылыанньаттан 6 көҥүл бэрилиннэ.

Сааһыттан, атыырыттан, тыһытыттан тутулуга суох тайахха 81-тэн 9 лицензия.1 сааһыгар диэри тайахха 14-тэн 3 киһиэхэ бэрилиннэ. Атыыр тайахха 4 сайабылыанньа киирбититтэн 2 киһи ылла.

Тыатааҕыны бултааһыҥҥа 12 киһи баҕалааҕын биллэрбититтэн 3 лицензия бэрилиннэ.

«Ньурба» хаһыат