Атырдьах ыйын 4 күнүгэр, 86 сааһыгар сылдьан, СӨ бастакы Президенэ, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Ефимович Николаев олохтон туораата.

Бүгүн 86 сааһыгар сылдьан биһиги бас-көс туттар киһибит, СӨ бастакы Президенэ, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Ефимович Николаев олохтон туораабытын туһунан ыар сураҕы туттубут.

Михаил Ефимович саха сирин дьонугар суолтата улахана бэрт буолан хас биирдиибит тус сүтүгүн кэриэтэ ылынныбыт.

Кини дьиҥнээх патриот быһыытынан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри дойдутун дьонун интэриэһин туһугар үлэлии сылдьыбыта. Михаил Ефимович Саха сиригэр оҥорбут үтүөтүн, өҥөтүн киһи ааҕан сиппэт.

Кини Саха өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическай, культурнай, духуобунай сайдыытыгар киллэрбит кылаата улахан суолталаах.

Михаил Ефимовиһы кытары алтыһан үлэлээбит кэмнэрбин киэн тутта ахтабын, кини үтүө сүбэлэрин, ыллыктаах тылларын, муударай толкуйун үтүө холобур оҥостобун.

Саха дьонун ыар сүтүгүн, аһыытын тэҥҥэ үллэстэбит.