Быйыл Ньурбаҕа эмтиир балыыһа саҥа куорпуһун цокольнай плитатын бүтэрэргэ соруктаналлар

Ньурбаҕа тутулла турар саамай улахан уонна суолталаах эбийиэгинэн эмтиир балыыһа саҥа куорпуһа буолар. «Доруобуйа харыстабыла» нацпроект чэрчитинэн тутуллар, бэдэрээтчит – Дьокуускайдааҕы «Силим» ХЭТ. Тутуу дьиҥ сыаната лаппа үрдээн үбүлээһинигэр кыһалҕалар үөскээн, тутуу үлэтэ тохтуу сылдьыбыта. Кэлин СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан үп көрүллэн, ааспыт ый ортотуттан үлэ сөргүтүллүбүтэ.

Манна үлэ хаамыытын билсэ тиийэ сырыттым, «Силим» ХЭТ учаастагын салайааччыта Роман Ефремовы көрүстүм.
«Эбийиэкпит үбүлээһинин боппуруоһа быһаарыллан, Ньурбаҕа алтынньы ый ортотугар кэлбиппит, — диир Роман Александрович. – Үлэһиттэр арматура баайбыттара, билигин цокольнай плита бетонун кутабыт. Цокольнай плита биэс гыммыт биирин бүтэрдибит. Бетону кутан баран 3-4 суукка устата ититэр пушканан үрдэрэбит, итиннэ сууккаҕа 450 л сэлээркэ туттуллар. Дьуһуурустубалаан хоно сылдьан, 3-түү чаас буола-буола пушкабытын саппараапкалыыбыт. Сыбаарсыктар биһиэхэ насоснай ыстаансыйа олоҕун уонна тымнытар систиэмэни сыбааркалыыллар. Плитабытын бетонунан кутуохпут иннинэ электриктэр «греющай кабелы» тардаллар, «греющай кабель» оннук бетон иһигэр хаалан хаалар.
Быйыл цокольнай плитабытын кутан бүтэриэхтээхпит. Барыта 480 кубометр бетон кутуллуохтаах. Билиҥҥитэ халлаан сылаас, бу ыйы супту үлэлиибит. Кэлэр сылга кулун тутар ыйтан үлэбит салҕаныаҕа. Сыл бүтэһигэр бүтэрэн үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Онон бириэмэ сүрдээх ыгым. Эмтиир куорпус саҥа дьиэтэ 3 этээстээх буолар, уопсай иэнэ — 4500 кв. м. кэриҥэ.
Биһиги тэрилтэбит эрдэ Үөһээ Бүлүү улууһугар Тамалакааҥҥа оскуола-саад, Хороҕо оҕо саадын, Уус Алдан улууһугар Бороҕоҥҥо уонна Уус Күөлгэ оҕо саадтарын дьиэлэрин туппупппут. Биһиги туппут саамай улахан эбийиэкпитинэн Хаҥалас улууһугар Чапаево сэлиэнньэтигэр Дьоҕус наука академията буолар. Ис-тас оҥоһуутунан өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ көстүүлээх эбийиэгэ».

Манна улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай  бырааһа Артем Ксенофонтов интервьютугар  эппитин санатыаҕы баҕарыллар. Эмтиир балыыһа саҥа куорпуһа 2025 с. үлэҕэ киирдэҕинэ, первичнэй-сосудистай отделение, травматология, операционнай блок, реанимация, экспресс-лаборатория онно көһүөхтээхтэр. Итиэннэ ол аттыгар өссө иккис блокка стерилизационнай отделение аһыллыахтаах. Онно туттуллубут расходнай матырыйааллар: шрицтэр, бааталар уо.д.а. утилизацияланыахтаах, быраабыла быһыытынан. Оттон эрдэ тутуллубут таас балыыҺа комплексыгар билигин Убайаан микро-оройуонугар Медгородокка баар эмп тэрилтэлэрэ көһөн кэлиэхтээхтэр.

Геннадий АНТОНОВ