Быйылгы ыһыы үлэтэ саҕаланна

🌾🌾🌾«Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата» тэрилтэтэ ыам ыйын 30 к. ыһыы үлэтин саҕалаата. «СӨ Сир оҥоруутун сулууспата» ГБУ кылабынай агронома Егор Филипповтыын Ньурба куорат таһынааҕы Киппэ Бүтэйэ бааһынаҕа киирэ сырыттыбыт. 2 тыраахтыр үлэлии сылдьар, биирдэ 4 эпэрээсийэни оҥорор (сири алдьаппакка бурдугу ыһар, минеральнай уоҕурдуу киллэрэр, боронолуур уонна диискэлиир) «Агратор» турар.

Сарсыарда итинэн бурдук сиэмэтин ыстаран көрбүттэрэ бааһынай инчэҕэй соҕус буолан, арыый куурарын кэтэһэн тураллар эбит. «Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата» дириэктэрэ Алесандр Илистяров: Бүгүн саҕалаатыбыт, 5-6 күн хойутаатыбат. Бастаан наһаа сииктээх буолан «Агратор» кыайан барбата, лэмиэҕэр буору мунньан кэбиһэр. Онон сараҕыйа быһыытыйдаҕына сарсыҥҥыттан үчүгэйдик ылсыахпыт. Күн-дьыл туран биэрдэ эрээри, бааһынабыт сиигэ элбэҕэ бэрт этэ. Былырыын күһүн охсорбутугар хадьымалын үрдүк баҕайы гыммыппыт, хаар уута элбэҕэр сирбит куурбакка, 5-6 күн бааһына куурарын кэтэстибит. Билигин оруобуна сиигэ элбэх. 2 симиэнэнэн үлэлээн, 10-ча күнүнэн бүтэрэргэ соруктанабыт. 3 МТЗ тыраахтыр үлэлиир, 2 диискэлии сылдьар, «Агратор» диэн 2 бурдук ыһар комплекстаахпыт. Олору киллэрдэхпитинэ бириэмэтигэр сөпкө бүтэриэхпит.

Манна 300 гааны ыһыахтаахпыт уонна Кыталыктаахха – 50 гааны. 4-с сылын АГАТУ устудьуоннарын аҕалан үлэлэтэбин. Эрдэ бурдук ыраастаабыттара. Тыраахтырга 1-дии киһи олорсо сылдьар, үлэ хайдах барарын көрөн тэҥҥэ үлэлииллэр. Хамнас аахсаллар, үлэһит курдук толору сылдьаллар. Тэрилтэбит өттүттэн кинилэргэ көмө баар, дьиэлэрин-уоттарын, сүрүн астарын хааччыйабыт.

Бу курдук бэйэлэрэ илиилэринэн тутан-хабан үлэлииллэрэ кинилэр үөрэнэр идэлэрин толору баһылыылларыгар көмөлөөх. Сезон бүтүүтэ син элбэҕи билэр-сатыыр буолаллар. Үксүлэрэ 3-с куурустар, 2 сылынан үөрэхтэрин бүтэрэн номнуо исписэлиис буолан үлэлээн барыахтара. Быйыл күрүөбүтүн саҥардан оҥоруохтаахпыт. Былырыын күрүөбүтүн алдьата-алдьата сүөһүлэрин бааһынаҕа киллэрэллэр этэ. Дьон киһи көлөһүнүн, үлэтин сыаналыах тустаах, сүөһүтүн-сылгытын мээнэ ыыппакка. Бу биһиги тэрилтэбит арендаҕа ылбыт сирэ. Былырыын сүөһү-сылгы тэпсибитин 15 гааны списаниеҕа таһаарбыппыт, онон улахан хоромньу тахсыбыта. Эмиэ харабынайдары туруоруохпут, бааһынаҕа киирэр сүөһүнү-сылгыны хаартыскаҕа түһэрэн хаһаайыттарын булуохпут диэн борокуратуураны кытта кэпсэтии барбыта. Онон сүөһүлээх-сылгылаах дьон мээнэ бааһынабытыгар киллэримэҥ дэин ыҥырабын».

АГАТУ 3-с кууруһун устудьуона, агроинженер идэтигэр үөрэнэр Дмитрий Васильев: «Манна 6 буолан кэлэн сылдьабыт, бастакы уонна үһүс куурустарбыт. Ньурбаҕа баран быраактыкаланаҕыт дуо диэн ыйыппыттарыгар, сонно сөбүлэспиппит. Олорор усулуобуйа үчүгэй, барыта баар. Мин дойдум – Бүлүү улууһа, итиэннэ Чурапчыттан, Сунтаартан уонна Ньурба улуустарыттан сылльар оҕолор бааллар. Ыам ыйын 5 к. үлэлээн саҕалаабыппыт. Бастаан бурдук ыраастаабыппыт, билигин бурдук ыһыытыгар үлэлиибит. Аҥарбыт эрдэ барабыт, сорохтор бүтэһигэр диэри сылдьыахтара. Маннык үлэлээн идэбитигэр сыһыаннааҕы элбэҕи билэбит, бу барыта инники үлэбитигэр көдьүүстээх буолара саарбаҕа суох».

Геннадий Антонов

Читайте дальше