«Чолбоннор» Ньурба дьонун-сэргэтин кытары көрүстүлэр

Улуустааҕы  Ф.Г.Сафронов  аатынан  Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэҕэ «Чолбон»  литературнай сурунаал  эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын   сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Гаврил Гаврильевич Андросов  «Чолбон» сурунаал  эрэдээксийэтин сүбэтин чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна  Ангелина Николаевна Шадринова — Суоһааны, «Чолбон» сурунаал  эппиэттиир сэкирэтээрэ, СӨ култууратын туйгуна  Туяра Степановна Павлова  ааҕааччылары кытта көрсүстүлэр. Ньурба  чугас нэһилиэктэриттэн кыттыыны ыллылар.

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, СӨ  Оҕо саас  сылларынан саха суруйааччыларыгар аналлаах  «Чолбон өй күрэһэ» оонньууну тэрийэн ыыттылар. Октябрьскай нэһилиэктэн Тимофеевтар дьиэ кэргэннэрэ:   эһэлэрэ Владимир Михайлович, ийэлэрэ Ньурба 2 №-дээх оскуолатын учуутала  Айтилла Анатольевна, кыыстара, 7 кылаас үөрэнээччитэ  Анжелика, ыраах сытар Хатыы нэһилиэгиттэн Яковлевтар дьиэ кэргэннэрэ: эбэлэрэ Иванова  Ольга Иннокентьевна, ийэлэрэ, бибилэтиэкэр идэлээх  Габышева Матрёна Гаврильевна , кыыстара , 10 кылаас үөрэнээччитэ  Санаайа, Аканаттан  Николаевтар дьиэ кэргэннэрэ: эһэлэрэ Алексей Петрович, ийэлэрэ, ФАП фельдшерэ  Дария Ивановна, кыыстара  10 кылаас үөрэнээччитэ Евгения, Дьаархантан: Симаковтар дьиэ кэргэннэрэ: эбэлэрэ  Максимова Виктория Алексеевна, ийэлэрэ Наталья Спиридоновна, кыыстара Мария, Хаҥаластан Васильевтар: эбэлэрэ Николаева  Валентина Афанасьевна, ийэлэрэ бибилэтиэкэр Анжелика Николаевна, уоллара 8 кылаас үөрэнээччитэ  Дьулустаан, Ньурба куораттан Тобоновтар дьиэ кэргэннэрэ:  эбэлэрэ Фёдорова Аграфена Григорьевна, ийэлэрэ Тобонова Саргылана Алексеевна, кыыстара, 11 кылаас үөрэнээччитэ Алёна, Октябрьскай  нэһилиэктэн Тогоноховтар дьиэ кэргэннэрэ: ийэлэрэ Альбина Петровна Тогонохова, эдьиийдэрэ, учуутал  Григорьева Тайаара Викторовна, кыыстара, 7 кылаас үөрэнээччитэ  Мария, Дьиикимдэ нэһилиэгиттэн: эдьиийдэрэ Любовь Афанасьевна Сабычыкова, эдэр ийэ,  кийииттэрэ, оскуола завуһа  Андреева Айталина Акимовна,  уоллара 6 кылаас үөрэнээччитэ Даян кыттыыны ыллылар.

Күрэх түмүгүнэн Сабычыковтар дьиэ кэргэннэрэ (Дьиикимдэ) – I, Ньурба к. Тимофеевтар дьиэ кэргэннэрэ – II, Яковлевтар (Хатыы) —   III миэстэ буоллулар.

Кыайыылаах дьиэ кэргэн аатыттан  ыал ийэтэ Любовь Афанасьевна Сабычыкова: — Күрэх буоларын эрдэттэн билэр этибит.  Хойукка диэри сурунаалы сурутар этибит, кэнники оскуола бибилэтиэкэтиттэн уларсан ааҕабыт. Билиини тургутар күрэҕи ыыппыттарыттан махтанабыт, наһаа сөбүлээтибит.

«Чолбон» сурунаал эрэдээктэрэ  Гаврил Гаврильевич: «Айар-тутар эйгэҕэ литература сурунаала бу курдук командировкаҕа сылдьарбыт уруккутааҕар сэдэхсийдэ. Өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин, тыйаатырдарын, айар холбоһуктарын кытары ыкса үлэлэһэбит.Бу сырыыга саҥа сүүрээни киллэрэн «Чолбон өй күрэһэ» оонньууну тэрийэн ыытыыга  СӨ култууратын министиэристибэтэ, СӨ национальнай бибилэтиэкэ, Сахабэчээт, «Чолбон» сурунаал, Саха НИКХ кыттыһан  бииргэ үлэлэһэммит ыыттыбыт. Бастаабыт хамаандаҕа бирииһи «Сахабэчээт» туруорда.

«Чолбон» сурунаал ыалдьыттарын кытары  уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.

Антонина Семенова