Олунньу 23 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр бырааһынньыктарыгар, эр хоһууттарга бэлэх оҥорон ,Чуукаар нэһилиэгэр Е.М.Поликарпов аатынан “Эйгэ” норуот айымньытын киинигэр ” Мисс уонна Миссис Чуукаар- 2024” түөлбэлэр икки ардыларыгар бэрт умсугутуулаах сааскылыы сырдык күрэх буолла.
Тэрээһини нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Афанасьева Т.Н. эҕэрдэ тылынан аста. Конкуруска түөлбэлэртэн бирдии 18 -24 саастаах кэрэ аҥаардара уонна 24-55 саастаах далбар хотуттар кытыннылар. Күрэх биэс түһүмэххэ арахсан: бастакы түһүмэххэ сыанаҕа сахалыы таҥастаах тахсан хаамыы, иккис түһүмэххэ бэйэни билиһиннэрии (видеоклип, дьарык). Манна “Хампах түөлбэ” бэрэстэбиитэлэ Нюргуяна Степанова видеотын тойугунан ситэрбитэ олус кэрэ сүүрээн буолла. Үһүс түһүмэххэ сатабылларын, дьоҕурдарын экраҥҥа көдөрөн кэпсээһин. Кыргыттар бары араас талааннаахтарын, үлэлэрин көрөн олус сэргээтибит. Эчи бары сатабыллара сүрдээх, ким үҥкүүлүүр, ыллыыр иистэнэр, асчыта сөхтөрдө. “Хампах” түөлбэттэн кыттар Валерия Андреева уруһуйдара, сөбүлээн астыыр бүлүүдэлэрин арааһа элбэх. “Уһун Күөл” түөлбэ кыттааччыта Людмила Саввинова оҥорор туортарын арааһа, көрүҥнэрэ тупсаҕайа болҕомтону тарта. “Эбэ” түөлбэ далбар хотуна Варвара Казакова хомуска сахалыы матыыптары сыыйа тардан дьон кутун таарыйда. “Уһун Күөл” кэрэ куота Ева Андреева дьүөгэтинээн аныгылыы тэтимнээх , “Эбэ” түөлбэ эдэркээн кыттааччыта Нарыйа Назарова сахалыы үҥкүүлэрэ көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтө. Нюргуйаана Степанова иис оҥоһуктарын көстүүтүн сахалыы норуот ырыаларынан попурринан киэргэппитэ дьон биһирэбилин ылла.Төрдүс түһүмэххэ сөбүлүүр бүлүүдэлэрин астаан аҕалан дьүүллүүр сүбэҕэ туттарыы, бэһис түһүмэххэ интеллектуальнай, бу сырыыга күрэхтэһээччилэргэ дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ биэрбит араас үөскээбит быһыыттан-майгыттан хайдах тахсарга боппуруостарыгар хорйудаатылар. Бу кэннэ, түмүктүүр киэһээҥҥи көстүү түһүмэҕэр бары мааны таҥастаах тахсан, кэрэ бэйэлэрэ эбии кэрэтийэн аа-дьуо хааман сэгэлдьиһэн быһыылыын- таһаалыын тупсан хааман көрөөччүлэри үөртүлэр.
Бырааһынньыктааҕы киэһэни Яковлева Күннэйэ Куо, Виолетта Попова, Ульяна Иванова, Екатерина Николаева бэйэлэрин ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр. Елена Кириллина уот-күөс уонна муусука киэргэтиитин таҥан оҥордо.
Түбүктээх түһүмэхтэр түмүктэринэн: Людмила Саввинова -“Миссис Айыы Куо”, Варвара Казакова -“Миссис Иэйии Куо”, Валерия Андреева- “Мисс Сандалы”, Нарыйа Назарова- “Мисс Мааны” анал ааттарга тигистилэр. Ева Андреева- “Мисс Чуукаар -2024”, Нюргуяна Степанова- “Миссис Чуукаар -2024” Кылаан Чыпчаал хаһаайкаларынан буоллулар.
Күрэҕи дьахтар кэрэтин быһаарар кыраҕы харахтаах эр дьон сыаналаатылар. Ол курдук Евгений Васильев, Арчылан Егоров,Николай Кириллин, Александр Сымытов,Василий Алексеев бу киэһэ сүрүн дьүүллээччилэринэн буоллулар.
Дьоро киэһэни иилээн-саҕалаан ыыттылар Виолетта Попова уонна Екатерина Николаева. Көрөөччүлэр, кыттааччылар тэрээһинтэн астыммыттарын биллэрэн, тэрийээччилэргэ махтанан тарҕастылар.
Надежда Казакова, Чуукаар