Кырачаан уолаттар ким буолуохтарын баҕаралларый? Мин оҕо эрдэхпинэ үгүс оҕо лүөччүк, моряк, космонавт буолуон баҕарара. Оттон ким эрэ оҕо эрдэҕиттэн ыраах айан суоппара буолуон ыраланара. Мин бүгүҥҥү сэһэргэһээччим оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан номнуо суоппар идэтин умсугуйан-сөбүлээн талбыт эбит.
Үксүн эдэр суоппардар дальнобойщик идэтин талалларыгар ыраах айан романтикатын туһунан толкуйдууллар. Ол эрээри бу саамай уустук уонна кутталлаах идэлэртэн биирдэстэрэ. Аны туран, «дальнобойщик» идэҕэ биһиэхэ үөрэппэттэр. Бу идэ бары уратыларын суоппардар бэйэлэрин сыыһаларыгар үөрэнэн билэллэр. Ол эрээри дальнобойщиктары мээнэҕэ профессионал суоппардар диэн ааттаабаттар. Бу идэ суоппардартан улахан уопуту, кытаанах санааны, күүһү-дьулууру уонна таһаҕаһы аналлаах миэстэтигэр тиэрдэргэ барбыт унньуктаах уһун айан элбэх чааһын-күнүн эрэйэр.
Алтынньы бүтэһик өрөбүлүгэр суоппардар идэлээх бырааһынньыктара бэлиэтэнэр. Итинэн сибээстээн, СӨ «Дальнобойщик» уопсастыбаннай тэрилтэ биир көхтөөх актыбыыһа, «Бастыҥ грузовик суоппара» Бүтүн Арассыыйатааҕы идэ маастарыстыбатын күрэҕин кыттыылааҕа, РФ автотранспортнай сойууһун уонна СӨ автотранспорын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ бочуоттаах дальнобойщига Николай Сотниковы кытта кэпсэтиибитин таһаарабын.
Николай Владимирович аҥардас суоппар, урбаанньыт эрэ буолбатах, араас тэрээһиннэргэ мэлдьи спонсордыыр меценат. Быйыл СВО фондатыгар 100 тыһ. солк. киллэрбитэ. Тутуу, уматыгынан уонна сылааһынан хааччыйыы эйгэтигэр элбэх үлэлээх улууспут биир хоһуун урбаанньыта, инньэ гынан кэпсэтиибит тиэмэтэ киэҥ хайысхаланна.
— Николай Владимирович, эн хайдах дальнобойщик буолбуккунуй? Суоппарынан төһө уһуннук үлэлии сылдьаҕыный?
— Оҕо эрдэхпиттэн суол оҥорор тэрилтэҕэ – ХДСУ-га суоппардыыр убайым Афанасий Афанасьевич Павловы, дьоҥҥо биллэринэн Охоноос Оппуонньаны, батыһа сылдьарым. Массыынаҕа олорсон, массыына алдьаммытын оҥорсон, аны каникулбар эриэйсэҕэ барсарым. Оннук сылдьарбын олус сөбүлүүрүм. Ол үлэлиирбэр миэхэ, бэл диэтэр, нэрээт сабаллар этэ, «сын полка» диэн ааттыыллара. Ити курдук 8-с кылаастан улахан дьону кытта гаражка алтыһан улааппытым. Убайым миигин тиэхиньикэҕэ сыһыаран элбэххэ үөрэппитигэр билиҥҥэ диэри махтана саныыбын. Ол үөрэҕэ олохпор олус туһалаата. Оскуола кэнниттэн СГУ инжернэй-техническэй факультетыгар кэтэхтэн үөрэнэ сылдьан ХДСУ-га кыра массыынаҕа суоппардыы киирбитим. Ол саҕана Р.Д.Федотов дириэктэр этэ.
2007 сылтан улахан массыынаҕа – «Камазка» көспүтүм. Ити сыл урбаанньыт буолан, табаарыһым Николаев Савва Михайловичтыын кыттыһан «Камаз» атыылаһан үлэлээн саҕалаабыппыт. Таһаҕас тиэйэрбит. Эһиилигэр Савваҕа туспа массыына – самосвал «Камаз» ылбыппыт. Ол эрээри табаарыһым доруобуйатын туругунан кыайан уһуннук үлэлээбэтэҕэ. Оттон мин күн бүгүҥҥэ диэри үлэлээн кэллим. Сүрүннээн кыһын айаҥҥа сылдьабын, сайын манна тэрилтэм үлэтэ-хамнаһа элбэх буолан, сайын айаҥҥа барбаппын.
— Ыраах айан суоппардара суола-айана суох олохторугар сатаммат романтик дьон буолаллар диэн өйдөбүл баар. Оттон дьиҥ иһигэр киирдэххэ, дальнобойщик идэтэ диэн хайдаҕый?
— Дальнобойщик – олус интэриэһинэй идэ, ол эрээри тус бэйэтэ эмиэ ыарахаттардаах. Ыраах айаҥҥа сылдьарга сүрүнэ — массыына туруга мэлдьи үчүгэй буолуохтаах. Куруук кэмигэр көрө-истэ, эрдэ-сылла оҥостон сырыттахха эрэ сатанар. Айаҥҥа сылдьан хайдах эрэ мин өйүм-санаам сааһыланар, саҥа санаалар, толкуйдар киирэллэр.
Сүрүннээн биһиги үлэбит – тутуу матырыйаалын таһыы. Эрдэ борохуотунан Иркутскайтан дьыалабыай маһы аҕаларбыт. Оннук үчүгэй хаачыстыбалаах матырыйаалбынан элбэх дьон дьиэ туттан киирэн олороллор. Кэлин иркутскайдар сыаналара наһаа үрдээн хаалан тохтообуппут, массыынанан маһы Ленскэйтэн таһабыт. Урукку курдук наһаа элбэҕи да буолбатар, син аҕалан дьон наадатын хааччыйан олоробут.
— Тэрилтэҕэр хас тиэхиньикэлээххитий?
— Холбоон 10-ча тиэхиньикэ баар. Эриэйсэҕэ сылдьар 4 массыыналаахпыт, мас тиэйэр 1 манипулятордаахпыт. Кыһыннары-сайыннары сүүрэр, маспытын Ленскэйтэн тиэйэр, Кыһыл Сыыртан гааспытын таһар «Камаз»-таахпыт.
— Эн бэйэҥ ыраах айаҥҥа ханнык массыынанан сылдьаҕыный? Массыынаҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
— Ыраах айаҥҥа «Вольво» омук массыынатынан сылдьабын. Бу массыына эрэллээҕин, ыраах айаҥҥа аналлаах барыта баарын иһин сөбүлүүбүн. Суоппар сынньанарыгар анаан киэҥ-куоҥ утуйар оронноох, холодильниктаах, морозильниктаах, кофеваркалаах, сабвуфердаах, чэ этэргэ дылы, барыта бары баар. Кабинатын иһэ сылааһа-үчүгэйэ. Хомойуох иһин, Анал байыаннай эпэрээссийэнэн сибээстээн, арҕаа дойдулар олохтообут сааҥсыйалары олохтоон маннык массыыналары килэрбэт буоллулар, сапчаас булар даҕаны ыараата, улахан сакааһынан кэлэр.
— Эйиэхэ сырыыга-айаҥҥа туох көмөлөһөрүй?
— Айаҥҥа сылдьарбар дьиэ кэргэним миигин кэтэһэрэ, кыһамньылаах, тапталлаах сыһыана күүспэр күүс эбэр. Сахалыы сиэри-туому тутуһабын, алаадьылаан сири-уоту аһатан, айыылартан көрдөһө сылдьабын. Тохтообут сирбэр бөҕү-саҕы ыспакка-тохтокко, чөкө уонна ыраастык туттабын.
— Дальнобойщик-суоппар быһыытынан бэйэҥ профессиональнай кистэлэҥҥиттэн үллэстиэҥ дуо?
— Наһаа утуйуоххун баҕардаххына, хайаан даҕаны тохтоон чаас аҥара даҕаны утуйан сынньана түһүөххэ наада. Мин саныахпар, кофе уонна энергетик улаханнык көмөлөспөттөр. Төттөрүтүн, доруобуйаҕа буортулаах буолуон сөп. Чэгиэн-чэбдик утуйар уу – сылаа таһаарарга үчүгэй. Ол иһин барыларыгар уһун айан иннинэ үчүгэйдик сынньаналларыгар сүбэлиибин. Айанныыргар уугун хамматах, сылайбыт буоллахха, уһун айаны кыайыаҥ суоҕа, итиэннэ сэрэхтээх даҕаны.
— Суолга кутталлаах быһылааннары көрсүбүтүҥ дуо?
— Сырыыга-айаҥҥа арааһынай түбэлтэ тахсар. Уһун элбэх айан тухары суолга элбэх авариялары көрбүтүм. Ол иһин мэлдьи Суол быраабылатын тутуһарга сүбэлиибин. Кыһалҕалаах киһиэхэ туох кыалларынан көмөлөһөн-хайаан сылдьар ордук, ааһа турбакка. Бу тыраассаҕа дальнобойщиктар суруллубатах сокуоннара.
— Суоппар күнүнэн биир идэлэхтэргэр тугу этиэххин баҕараҕын?
— Суоппар доҕотторбун уонна бары суоппардары идэлээх бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Мэлдьи суолгут көнө буоллун, эһиги инникитигэр күөх уот умайдын, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын!
Николай Сотников тутуу, уматыгынан уонна сылааһынан хааччыйыы эйгэтигэр киэҥ хоннохтоох үлэтин-хамнаһын, инники былааннарын уонна дьиэ кэргэнин туһунан сиһилии «Ньурба» хаһыат кэлэр №-гэр ааҕыаххытын сөп.
Геннадий Антонов