Игирэлэр – айылҕа сэдэх, дьикти көстүүтэ буолар. Кинилэргэ кыра эрдэхтэриттэн дьон болҕомтото хатанар, кинилэри наар тэҥнииллэр, ураты көрүүнү эрэйэллэр.
Ол эрэн игирэ оҕо – таҥара бэлэҕэ диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар. Игирэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытары көстүбэт ситиминэн сибээстээхтэр, ураты сыһыаннаахтар.
Билигин сыл биир ураты кэмэ буола турар – ийэҕэ аналлаах декада. А.Я. Овчинникова аатын сүгэр «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтигэр «Ийэ — аан дойду аанньала» диэн бырайыакка, ийэ декадатын чэрчитинэн алтынньы 20 күнүгэр игирэ оҕолордоох ийэлэри чиэстээтилэр.
Олус истиҥ, сэргэх тэрээһин геройдарынан Евдокия Михайловна Захарова игирэ кыргыттарынаан, Евдокия Михайловна Пахомова кэргэнинээн, игирэ кыргыттарынаан, Ирина Иннокентьевна Николаева игирэ уолунаан, игирэ уолаттардаах Розалия Семеновна Павлова, дьиэ кэргэнигэр үс көлүөнэ игирэлээх, игирэ кыргыттардаах Елена Октябриновна Иванова, игирэ оҕолордоох Альбина Петровна Тогонохова, улуустааҕы игирэлэр түмсүүлэрин төрүттээбит Виктория Васильевна Федорова игирэ уолаттарынаан, өрөсүүбүлүкэҕэ, Россияҕа холобур буолар дьиэ кэргэнинэн ааттаммыт Дина Николаевна Дойдукова игирэ кыргыттарынаан, Лиана Ивановна Кылыярова икки төгүл игирэ оҕолорунаан, Елена Алексеевна Михайлова игирэ уоллаах кыыһынаан буоллулар.
Сыанаҕа хас биирдиилэрин туһунан кэпсээн, хас биирдиилэригэр болҕомто ууран олус долгутуулаах киэһэ буолла. Ийэлэри дьиэ кэргэттэрэ, аймахтара, түөлбэлэрэ, биир идэлээхтэрэ, доҕотторо, бииргэ үөрэммиттэрэ, тумсуулэр эҕэрдэлээтилэр. Көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһын бэлэхтээн, дьикти дьылҕалаах ийэлэр харахтара үөрүүнэн туолла.Игирэ оҕолордоох дьоллоох ийэлэргэ истиҥник сүгүрүйэбит.
Октябрьскай нэьилиэк дьаһалтатын пресс-сулууспата.