Дойдутун дьонугар нус-хас олоҕу баҕарар

Аҕам саастаах ытык кырдьаҕас Мария Ивановна Тартакынова Ньурбаҕа Санкт-Петербургтан аймахтарыгар күүлэйдии кэлбит кэмигэр көрсөн кэпсэтиибин хаһыат ааҕааччыларыгар тиэрдэбин.

— Мин төрүт Ньурбабын, Арҕаа Бэстээххэ, билиҥҥитэ Чаппандаҕа 1931 сыллаахха, атырдьах ыйын 12 күнүгэр күн сирин көрбүппүн. Ийэм миигин төрөөрү хаана баран өлбүт. Ол курдук тулаайах кэриэтэ оҕо сааһым ааспыта.

Оскуола сааспыттан хаҥкыыһыт, хайыһардьыт, буоламмын күрэхтэргэ кыттар этим, урукку көлүөнэ Ньурба олохтоохторо өйдүүр буолуохтаахтар.

Мин Ньурбаҕа ОРС-ка Амакинкаҕа 22 сыл экспедитердээбитим. Ол саҕана нэһилиэктэртэн эт атыылаһан геологическай партия үлэһиттэригэр, ОРС маҕаһыыныгар атыылыыр этибит. Бу манна үлэлии сылдьан, 60-с сыллар саҕана кэргэмминээн Евтихов Николай Ивановичтыын билсиһэн, бэйэ-бэйэбитин сөбүлэһэн олохпутун холбообуппут. Оччолорго кини Кемеровскай уобалас Междуреченскайыттан Саха сиригэр романтикалыы, хамнастаах үлэни көрдөөн кэлбит кэмэ этэ. Суоппар идэлээх буолан, Убайааҥҥа тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах «Сельхозтехника», «Сельхозхимия» тэрилтэлэригэр үтүө суобастаахтык суоппарынан үлэлээбитэ.

Кэргэмминээн Николайдыын ыал буолан 47 сыл ыал буолан олорон кэлбиппит.  » Үс оҕолордоохпут. Улахан уолбут Григорий суоппар идэлээх, спорка сыһыаннаах, боксанан дьарыктаммыта, бэйэтин сааһыгар чөмпүйүөннээн сылдьыбыта, Армияҕа Читаҕа сулууспалаабыта. Иккис уолбут Михаил Николаевич Эстонияҕа ыарахан уйуктаах массыынаҕа суоппарынан үлэлиир. Санкциянан сибээстээн, кыраныыссаны сабаннар Латвиянан, Литванан айанныыр. Уолаттар аҕаларын батан суоппар идэлээхтэр. Кыыспыт Лена Николаевна оччотооҕу кэминэн Ленинградтааҕы кораблестроительнай университекка үөрэммитэ, иккис үөрэҕин техникуму бүтэрбитэ. Билигин бизнеһинэн дьарыктанар.

Кэргэмминээн Николай Ивановичтыын иккиэйэҕин хаалбыппыт кэннэ, кыыспыт иккиэйэҕин хайдах олоруохтарай диэн бэйэтигэр ыҥыртаан ылбыта. Онон 2000 сыллаахха кыыспыт олохсуйан олорор сиригэр, Санкт-Петербурга көспүппүт. Биир оҕобут Кемеровскай уобалас Междуреченскайыгар баар. 6 сиэннээхпин, 9 хос сиэннэрдээхпин.

Мин кырабыттан сүөһү көрө үөрүйэх буоламмын, Ньурбаҕа Убайааҥҥа олорор кэммитигэр кэргэмминээн 7 ыанар ынаҕы, 3 биэни тутар этибит. Улахан уол окко кэлэн көмөлөһөрө. Маҥнай барбыт сылбар дойдубун, сүөһүлэрбин ахтар этим. Дьиэ кэргэнинэн сүбэлэһэн Санкт-Петербургтан чугас 20 км тэйиччи, Гатчинскай оройуон Истинка дэриэбинэтигэр сир учаастагын атыылаһан, дьиэ туттан олохсуйбуппут. Киһи дьарыктаах буоллаҕына олоҕо уһуур дии саныыбын. Ол сыалтан хаһаайыстыба тэринэн ынах, сибиинньэ тутан кэлбиппит. Соҕуруу дойду сүөһүлэрэ төрөлкөйдөр, биир ыамҥа иккилии биэдэрэ үүт биэрэллэр, үстэ ыаталлара.

Кэргэним соҕуруу уон сыл олохсуйан олорон баран сүрэҕинэн орто дойду олоҕуттан туораабыта. Кини суох буолтун кэннэ үс сыл буолан баран, 83 сааспар сүөһүбүн эспитим. Билигин түргэнник ситэр салаа өттүнэн баран: африканскай кууруссалары, индюктары иитэбит, билигин бардахпына кытай хаастарын атыылаһыахтаахпыт, -диир Мария Ивановна.

Кыыстара Лена Николаевна аҕатын  туһунан  ахтарыгар доҕоро «Коммунизм суола», «Ньурба» хаһыат редакторынан үлэлээн кэлбит аҕам саастаах суруналыыс, журналистика аксакала Семен Петрович Гаврильев доҕоругар Николай Иванович Евтиховка анаан ‘Огни Нюрбы» хаһыакка «Мой друг Николай Иванович» нууччалыы истиҥ тылынан суруллубут ыстатыйатын ватсап ситим нөҥүө ыыппытын быһа тардан таһаарабын:»Много полезного сделал Николай Иванович Нюрбинскому улусу. Был главным при монтаже отопительных систем Хорулинского клуба, Кюндядинской больницы и многих объектов в Нюрбе. Много сил вложил в строительство школы 1, который гордится город Нюрба. С моим другом не соскучишься. Знает всякие анекдоты, всякие прибаутки.  Лично мне общаться с Николаем Ивановичем всегда кажется маленьким праздником». диэн суруллубут  тыллардаах ыстатыйаны дьиэ кэргэн кичэллээхтик харайан кэлбит.

Ньурбаҕа төһө өр буолан баран кэллигит?» — диэн ыйытыыбар: «Уон сыл буолан баран, 83 сааспар уонна бу 90 сааспын ааһан баран ыһыахтыы кэллим», — диэн хоруйдаата.

Аҕам саастаах төһө саастааҕый да, соччонон көмүс көлөһүнүн тоҕон, бэйэтин кэмигэр үлэлээн кэллэҕэ. Бүгүҥҥү дьоруойум 90 сааһын ааспыт диэтэххэ, уруккуну-хойуккуну энчирэппэккэ өйдүүр, бачча ким да көмөтө, арыалдьыта суох кэлэрэ-барара сөхтөрөр. Салгын тырааныспарын үлэһиттэрэ саастаах, кыаммат дьоҥҥо барарга-кэлэргэ көмөлөһөллөрүн туһунан астынан этэр.

Ньурбаҕа ыһыахха ийэтэ ордук ат сүүрүүтүн көрбүтүн туһунан кыыһа Лена Николаевна Санкт-Петербургтан куйаар ситимин нөҥүө кэпсээтэ. — Дьокуускай куоракка ийэбин, Мария Ивановнаны «Ньурбакаан» түмсүү чиэстээтилэр. Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Афанасьевна Григорьева илии баттааһыннах Махтал суругу, итиэннэ СӨ Үрдүкү Сэбиэтэ (Ытык Сүбэ) «СӨ Бочуоттаах кырдьаҕаһа» дастабырыанньаны уонна түөскэ кэтэр бэлиэнэн наҕараадалааннар, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ийэбит үөрүүлээх сонуннаах тиийэн кэллэ. Биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ истиҥ эҕэрдэлэрин иһин махталбытын тиэрдэбит» — диэн үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ.

Түмүккэ дойдутун дьонугар бары үчүгэйи, нус-хас олоҕу, эйэлээх олох олохтоноругар ис сүрэҕиттэн баҕарар Мария Ивановнаҕа төрөөбүт дойдутун дьоно этэҥҥэ сылдьарыгар, 100 сааһын чэгиэн сылдьан көрсөрүгэр баҕара хаалабыт.